Уһук Илин уокурук куораттарын генеральнай былааннарыгар 100 млрд солк. көрүллүөҕэ

Share

Владивостокка IX Илиҥҥи экэнэмиичэскэй пуорумҥа РФ Бэрэсидьиэнэ Владимир Путин пленарнай мунньахха кэккэ суолталаах этиилэр олоххо киирэллэригэр сорук туруорда.

Арассыыйа бэрэсидьиэнэ Уһук Илиҥҥи куораттарга генеральнай былааннары олоххо киллэрэргэ эбии 100 млрд. солк. тыырары соруйда.

“Биһиги бырабыыталыстыба бигэргэппит генеральнай былаан бырайыактарын олоххо киллэриигэ  30 млрд. солк. эбэр туһунан быһаарыы ылыммыппыт. 2025 сылтан 2030 сылга диэри болдьоххо бигэргэммит лимииттэртэн Уһук Илиҥҥи уонна Арктика куораттарыгар генеральнай былаан бырайыактарын олоххо киллэриигэ сыаллаах-соруктаах 100 млрд солк.  көрөргө этии киллэрэбин. Ол аата, нормативнай үллэстии быһыытынан эрэгийиэннэр ылыахтарын сөптөөх лимииттэриттэн бу үрдүк суума», — диэн  бэлиэтээтэ дойду баһылыга. Судаарыстыба Аҕа баһылыга Уһук Илин эрэгийэннэрин генеральнай былааннарын сайыннарыыга бу уопут төрүөт буоларыгар болҕомтону туһаайда.

2023 сылга Уһук Илин уокурук куораттарын сайыннарыыга 25 генеральнай былаан оҥоһулунна, 22 уһун болдьохтоох социальнай-экэнэмиичэскэй былаан бигэргэннэ. —Бэрэсидьиэн Владимир Путин Дьокуускай уонна Нерюнгри генеральнай былааннарын былырыын бигэргэппитэ. Өрөспүүбүлүкэ улахан агломерацияларын сайыннарыыга 500-тэн тахса млрд. солк. тыырыллыахтаах. Бүгүҥҥү күҥҥэ Саха сиригэр территориялары сайыннарыыга алта бырайыак олоххо киирэр.

What’s your Reaction?
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Баччаларга сэрэнэн-сэрбэнэн, чуумпутук сылдьарбыт

Ааспыт үйэ 60 сылларыгар, оскуола диэни өссө да билэ илик кыра оҕо, эбээ тапталлаах сиэнэ…

23 минуты ago
  • Интэриэһинэй
  • Сонуннар

Бу — интэриэһинэй. Зонтигы ким айбытай?

Зонтик туһунан кыһынын умнабыт. Оттон сайын ардахтар саҕаланнылар да, зонтикпыт үрдүгэр түһэбит. Билигин зонтик арааһа…

33 минуты ago
  • Сонуннар
  • Чэгиэн

Босхо мэдисиинискэй көмөҕө уларыйыы киирдэ

РФ бырабыыталыстыбата 2025-2027 сылларга босхо мэдисиинискэй көмө саҥардыллыбыт бырагырааматын бигэргэттэ. Бу туһунан миниистирдэр кэбиниэттэрин тг-ханаалыгар…

53 минуты ago
  • Сонуннар
  • Сүрүн
  • Тыа хаһаайыстыбата

Амма сыырын Москваҕа уонна Благовещенскайга атыылаан эрэллэр

Амма улууһугар 2013 сылтан дьоҥҥо киэҥник биһирэммит сыыры оҥороллор. Билигин ити сыыр өрөспүүбүлүкэ маҕаһыыннарыгар эрэ…

1 час ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

«Сэмсэ тыл»: Трамп Гренландияны тоҕо былдьаста?

Чокуур Гаврильев токкоолуурунан, бу Арктикаҕа сытар муус арыыны АХШ холбооботор да, анныгар уктар чинчилээх.

2 часа ago
  • Сонуннар
  • Тыа хаһаайыстыбата

Сылгыны өҥүнэн, сааһынан наардааһын

Бүгүн ааҕааччыларбытыгар П.С.Скрябин аатынан 1 Дьөппөн орто оскуолатын 5 кылааһын үөрэнээччитэ,  “Инникигэ хардыы” научнай- практическай…

2 часа ago