Уһук Илин уокурук устудьуоннарыгар анал истипиэндьийэни олохтуохтара
24.06.2024, 18:00

Хаартыска: Объясняем.РФ
Бөлөххө киир:
Дойду бэрэсидьиэнэ Владимир Путин сорудаҕынан, Уһук Илини сайыннарар министиэристибэ устудьуоннарга анал истипиэндьийэни олохтуоҕа. Истипиэндьийэ кээмэйэ – 30 тыһ. солк.
Тустаах истипиэндьийэни Уһук Илин үрдүк үөрэҕин кыһатыгар үөрэнэ киирбит Арассыыйа ханнык баҕарар эрэгийиэнин оҕото ылар кыахтаах диэн Объясняем.РФ суруйар.
Истипиэндьийэҕэ хапсарга мантан биир ирдэбили толоруллуохтаах:
— биир кэлим эксээмэҥҥэ (ЕГЭ) кырата биир биридимиэккэ 100 баалы ылыахтаах;
— Бүтүн Арассыыйатааҕы олимпиада кыайыылааҕынан эбэтэр призерунан буолуохтаах.
Истипиэндьийэ ый аайы бакалавриат уонна специалитет устудьуоннарыгар үөрэхтэрин былаһын тухары төлөнүөҕэ. Саамай сүрүнэ – эксээмэннэрин ситиһиилээхтик туттарыахтаахтар.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: