Бу күннэргэ Хабаровскай “Искра” стадионугар Уһук Илиҥҥи футбольнай медийнэй лига күрэхтэһиитин бастакы туура буолан ааста. Барыта 7 хамаанда оонньоото. Манна спортсменнартан саҕалаан урбаанньыттарга тиийэ киирдилэр.
Уһук Илиҥҥи медиа лига быйыл тэриллибитэ. Бастакы сезоҥҥа сэттэ хамаанда кытынна, итинтэн 6 – Хабаровскайтан, 1 хамаанда – Владивостоктан.
“Маннык күрэхтэһии соругунан, араас эйгэ дьоно оҕо саастарын баҕа санаатын – футбол хонуутугар албан аатырыыны олоххо киллэрии буолар. Билигин Уһук Илиҥҥэ даҕаны бу курдук дьоруойдар баар буоллулар, салгыы кинилэр ситиһиилэрин кэтээн көрүөхпүт”, — диэн Медиа лига бэрэсидьиэнэ Данил Григорьев санаатын үллэһиннэ.
Бу курдук успуорка көҕүлээһиннэри өйөөһүн, Уһук Илиҥҥи уокурукка футболу оонньуутааҕар улахан суолталыыр. Кырачаан футболистары сүүмэрдээн үөрэтэр, успуорт саҥа эбийиэктэрин тутар, күрэхтэһиилэри ыытар, нэһилиэнньэни успуордунан дьарыктанарга көҕүлүүр хас даҕаны киһи үлэтин түмүгүнэн буолар.
Кыайыылаах хамаанда атырдьах ыйын 5 күнүгэр Хабаровскайга ыытыллар финалга биллиэҕэ. Кэлэр сезоҥҥа Уһук Илин бары эрэгийиэннэриттэн хамаандалар кыттар кыахтаатар.
Бүгүн Саха сирин бастакы вице премьерэ Дмитрий Садовников Мэҥэ Хаҥалас оройуонугар "Дьиэ-уот уонна куорат эйгэтэ"…
Киһиэхэ иэримэ дьиэтэ, сылаас уйата саамай хаххата, олоҕун биир сүрүн сорҕото буолар. Хас биирдии дьиэ…
Аллайыаха улууһун Быйаҥныыр нэһилиэгин сиригэр-уотугар быйыл бөрөлөр биллэн эрэллэр. Бу адьырҕалар кэтэх хаһаайыстыбалар сылгыларын үрүө-тараа…
... Кини математикаҕа Биир кэлим эксээмэнин (ЕГЭ) кыайан туттарбакка, күһүн кэлэн туттарарга мэктиэлэммит. Ол эрээри…
Елена устудьуоннуу сылдьан, 18 сааһыгар кэргэн тахсан, ыарахан буолан, төрүүр дьиэҕэ киирбитэ. Хантан билиэй, аан…
Эдьиий Дора сүбэтэ. Эккэ-хааҥҥа иҥэмтэлээх, ыраас, туһалаах эбиликтээх ас сүмэтэ биһиэхэ баарын сотору аан дойду…