Ил Түмэҥҥэ 2023 с. күһүҥҥү сиэссийэ кэмигэр Доруобуйа харыстабылын сис кэмитиэтэ бэлэмнээбит «Об обращении Законодательной Думы Хабаровского края в Правительство Российской Федерации об изменении условий программы «Дальневосточная ипотека» уурааҕа ылыллыбыта. Бу туһунан Ил Түмэн пресс-сулууспата иһитиннэрэр.
Сис кэмитиэт бэрэссэдээтэлэ Светлана Давыдова этэринэн, бу сокуон барыла Уһук Илин уокурукка мэдиссиинэ уонна педагогическай үөрэхтээх эдэр исписэлиистэри тардыыга уонна олохсутарга оҥоһуллубут уонна бигэргэммит. Кини Уһук Илиннээҕи ипотека дьайыытынан дьиэ сыаната биллэрдик үрдээбитин бэлиэтээтэ.
Биэдэмистибэлэр икки ардыларынааҕы информационнай-статистическай тиһик чахчыларынан, Уһук Илиҥҥи уокурукка бастакы ырыынакка кыбартыыра биир кв.м сыаната 80% үрдээбит (2019 сыл төрдүс кыбаарталын 73,3 тыһ. солкуобайтан 2023 сыл иккис кыбаарталыгар 132,6 тыһ. солк. диэри).
Оччотугар, Уһук Илиннээҕи чэпчэтиилээх ипотека кээмэйин улаатыннарыы дьиэ атыылаһыыны үрдэтиигэ уонна эбии саҥа олорор дьиэни тутууга эбии кыахтары үөскэтиэҕэ.
Саха сиригэр улуустарынан кыбартыыра сыаната инникитин хайдах, хаһан үрдүүрүн туһунан сиһилии «Саха сирэ» хаһыат аныгыс нүөмэригэр ааҕыҥ.
Саха сиригэр сыл саҕаланыаҕыттан 9809 оҕо кэҥэтиллибит неонатальнай скринины ааста. Бу туһунан СӨ Доруобуйа харыстабылын…
Быйыл сааскы халаан түмүгэр дьиэлэрэ-уоттара эмсэҕэлээбит 745 ыалга хоромньуларын төлүүргэ 985 мөлүйүөн солкуобай көрүллүөҕэ, диэн…
Саха сирин ТГ-ханаалларынан Алдан оройуонугар торҕоннообут эһэ булчут үүтээнигэр киирэн эр киһи атаҕын бааһырдыбытын уонна…
Сайсары күөл - «Култуура нэһилиэстибэтэ - Ытык сир» диэн статуһу сүктэ. Киин куорат күөлэ судаарыстыбаттан…
Дьиэ-уот хомунаалынай өҥөтүгэр субсидиянан туһанааччыларга сыһыаннаах ыйытыы. -- Субсидияҕа үгүстүк ханнык биричиинэнэн аккаастыылларый? Ыйытыыга “Субсидия…
Дойду үрдүнэн, ону кытта кэнники сылларга Саха сиригэр оҕо аниматордарын, Тымныы оҕонньору уонна Хаарчаананы дьиэҕэ…