Салгыы
Уһук Илиҥҥэ 18 туристическай маршруту оҥоруохтара

Уһук Илиҥҥэ 18 туристическай маршруту оҥоруохтара

Ааптар:
23.08.2024, 17:15
Хаартыска: PxHere саайтан.
Бөлөххө киир:

Уһук Илин федеральнай уокурук эрэгийиэннэригэр 18 туристическай маршруту тэрийии бырайыактарын Уһук Илиҥҥи социальнай-экэнэмиичэскэй сайдыыга бырабыыталыстыба хамыыһыйатын президиумун мунньаҕар таллылар.

Мунньаҕы РФ Бырабыыталыстыбатын Бэрэссэдээтэлин солбуйааччы – Уһук Илиҥҥи федеральнай уокурукка РФ Бэрэсидьиэнин боломуочуйалаах бэрэстэбиитэлэ Юрий Трутнев  салайан ыытта.

18 бырайыак иһигэр түөрт бырайыак  Камчаткаттан, Забайкальеттан, иккилии бырайыак  Бурятияттан, Приморьеттан, Хабаровскай кыраайтан итиэннэ биирдии  Приамурьеттан, Магадантан, Саха сириттэн, Чукоткаттан талылыннылар.

Туһааннаах бырайыактарынан 118,2 км уһуннаах маршруту  оҥоруу былааннанар.

РФ Бэрэсидьиэнэ көҕүлээһининэн ыытыллыбыт “Туризм уонна ыалдьытымсах индустрия” национальнай бырайыак чэрчитинэн, бырабыыталыстыба бэрэссэдээтэлэ Михаил Мишустин биэрбит сорудаҕын чэрчитинэн боппуруос эмиэ көрүлүннэ.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
2 ноября
  • -19°C
  • Ощущается: -25°Влажность: 78% Скорость ветра: 2 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: