Уһук Илиҥҥэ баҕа өттүнэн бастыҥ баһаарынай сулууспатынан Үөһээ Бүлүүтээҕи тиэхиньикум хамаандата ааттанна

Share

Алтынньы 30 күнүгэр РФ Гражданскай оборуонаҕа министиэристибэтин Приморскай кыраай сүрүн управлениетын бирикээһинэн Владивосток куоракка ыытыллыбыт Уһук Илин уокурукка 2024 сылга «Баҕа өттүнэн бастыҥ баһаарынай сулууспата» уонна «Баҕа өттүнэн бастыҥ бааһаарынайа» номинацияларынан көрүү-күрэх түмүгэ таҕыста.

Күрэххэ Саха сиритэн өрөспүүбүлүкэтээҕи күрэх кыайыылааҕа Үөһээ Бүлүүтээҕи тиэхиньикум хамаандата ситиһиилээхтик кыттыыны ылла. Ол курдук, «Баҕа өттүнэн бастыҥ баһаарынай сулууспата» диэн Уһук Илин уокурукка ыытыллыбыт күрэххэ Үөһээ Бүлүүтээҕи тиэхиньикум хамаандата иккис миэстэни ылары ситистэ.

«Быйыл Кыайыы күнүгэр Саха Өрөспүүбүлүкэтин 5-с №-дээх Баһаарынай быыһыыр сулууспатын сүрүн управлениета «Урал» автоцистернаны Үөһээ Бүлүүтээҕи тиэхиньикумҥа туттарбыта.  Ол кэмтэн ыла Үөһээ Бүлүүтээҕи тиэхиньикум баһаарынай чааһа толору хааччыллан, устудьуоннар дьуһуурустубаҕа турар баһаарынай чаастарга көмө буолан, суһал ыҥырыыларга тэҥҥэ сылдьан үөрэхтэрин кэҥэтэр кыахтаммыттара. Бүтүн Уһук Илин уокурук икки ардыларыгар ыытыллыбыт күрэххэ Үөһээ Бүлүүтээҕи тиэхиньикум баһаарынай быыһыыр хамаандата иккис миэстэни ылбыта муҥутуур ситиһии буолар. Үөһээ Бүлүүтээҕи тиэхиньикум дириэктэригэр Матрена Осиповаҕа, тиэхиньикум хамаандатыгар үрдүк ситиһиинэн итиитик-истиҥник эҕэрдэлиибит. Устудьуоннар баһаарынай сулууспаҕа инникитин эрэллээх үлэһит буоллуннар диэн баҕа санаабытын тиэрдэбит, — диэн улуус баһылыга Валерий Николаев ТГ-ханаалыгар иһитиннэрдэ.

What’s your Reaction?
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Сонуннар

Госдуума элбэх оҕолоох ыалларга юрист өҥөтө босхо буолуохтааҕын биһирээтэ

Госдуума элбэх оҕолоох ыалларга юридическай көмө босхо буолуохтааҕын туһунан сокуон бырайыагын бастакы ааҕыыга ылынна. Көмөнү үс…

10 часов ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Пушкин института 2024 сыл тылын быһаарда

А.С.Пушкин аатынан Нуучча тылын судаарыстыбаннай института 2024 сыл тылынан "Пушкин" диэн тылы ааттаата. Бу туһунан…

11 часов ago
  • Байыаннай эпэрээссийэ

Екатерина Снежко: «Билиҥҥи кэмҥэ барыбыт кыһалҕабыт биир»

Бүгүн «Дьиэҕэ төннүү» сэминээргэ анал байыаннай дьайыы кыттыылаахтарын уонна кинилэр дьиэ кэргэттэрин чилиэннэрин кытта сөптөөх…

12 часов ago
  • Сонуннар

«Орешник» ракета туһунан туох биллэрий?

РФ Бэрэсидьиэнэ Владимир Путин норуокка туһаайан этиитигэр бастакытын "Орешник" диэн саҥа комплекс туһунан иһитиннэрдэ. Кини…

12 часов ago
  • Сонуннар

Биэс модельнай бибилэтиэкэ баар буолла

2024 сылга "Култуура" национальнай бырайыагынан 5 муниципальнай модельнай бибилэтиэкэлэри киллэрдилэр. Бу иннинэ 35 маннык бибилэтиэкэни…

12 часов ago
  • Култуура
  • Сонуннар

Саха Бианкита, Бурхаат, Чуваш суруйааччыта уонна 90 сыллаах айар сойуус

Cахалыы тыллаах саамай кырдьаҕас "Чолбон" сурунаал сэтинньитээҕи нүөмэригэр кэрэхсээҥ: Саха сирин суруйааччыларын сойууһун 90 сылын…

12 часов ago