Ыам ыйын 11 күнүгэр Арассыыйа 12 эрэгийиэнигэр «Воин» байыаннай-патриотическай бэлэмнээх буолуу уонна патриоттуу иитии кииннэрэ арылыннылар. Манна аармыйаҕа бара илик саастаах уонна бараары сылдьар эдэр дьон уопуттаах инструктордар салалталарынан байыаннай дьыалаҕа кууруһу ааһыахтара.
Арассыыйаҕа байыаннай-патриотическай бэлэмнээх буолууну уонна патриоттуу иитиини «Бойобуой искусство Арассыыйатааҕы Сойууһун» хос бэрэссэдээтэлэ — РФ Бэрэсидьиэнин дьаһалтатын салайааччы бастакы солбуйааччыта Сергей Кириенко уонна РФ Бырабыыталыстыбатын бэрэссэдээтэлин солбуйааччы-Уһук Илиҥҥэ РФ Бэрэсидьиэнин боломуочуйалаах бэрэстэбиитэлэ Юрий Трутнев көҕүлүүллэр. Бу идиэйэни 2022 сыл балаҕан ыйыгар Бэрэсидьиэн Владимир Путин өйөөбүтэ.
Пилотнай бырайыак быһыытынан Бурятияҕа, Донецкай норуодунай өрөспүүбүлүкэҕэ, Калмыкияҕа, Татарстаҥҥа, Чечня өрөспүүбүлүкэтигэр, Хабаровскай кыраайга, Белгородскай, Кемеровскай, Псковскай, Свердловскай, Тюменскай уобаластарга уонна Ямало-Ненецкай автономнай уокурукка кииннэри арыйдылар. Инникитин Арассыыйа бары кииннэригэр баар буолуохтара. Маны барытын салайар ыстаап Москваҕа баар, адмирал Сергей Авакянц сүрүннүүр.
Үөрэх бырагыраамата аармыйаҕа барыан сөптөөх эрэ саастаах эдэр дьоҥҥо буолбакка, оскуола үөрэнээччилэригэр эмиэ сөп түбэһэр.
Бастакы нобуорга 2 тыһыынчаттан тахса киһи киирэн үөрэнэн саҕалаата.
Эдьигээҥҥэ "Кыайыы 65 сыла" хочуолунайга 4 №-дээх хочуол үлэҕэ киирдэ. Билиҥҥи туругунан онно 7 хочуол…
Уус Алдан улууһугар "Умсулҕан" кэллиэксийэньиэрдэр түмсүүлэрэ тэриллибитэ 30 сыл буолла. [gallery ids="180048,180049,180047"] Түмсүүнү оҕо…
Тохсунньу Таҥха ыйынан биллэр. Сыл ахсын сүллүүкүттэр хаһан тахсар этилэрий, ойбонтон хаһан уу ылар этибитий…
Түгэнигэр сөп түбэһиннэрэн ахтан аастахха, былыр өбүгэлэрбит тутта сылдьыбыт малларын уонна үгэстэрин сөргүтүү үгэскэ кубулуйда.…
Уус Алдан улууһун Өспөх нэһилиэгин олохтоохторо,"Доброволецтар" волонтердар хамсааһыннарын (сал. Светлана Архипченко, Дьокуускай к.) филиала, байыастарга…
Саха сиригэр будулҕан туманнаах тоһуттар тымныылар үгэннээн турар кэмнэрэ. Бырааһынньыктар түмүктэнэн, тулалыыр айылҕабытын кэтээн, тохсунньу…