Туос кырааматалар көһүннүлэр
Дьокуускайга Каландаришвили уонна Марк Жирков улуссаларын быһа охсуһууларыгар, XVII үйэ бүтүүтүгэр тутуллубут мас тутууттан хаалбыт чааһыгар археологическай хаһыыга туос кырааматалар көһүннүлэр.
Уһук Илиҥҥэ бастакы ураты булумньуну Киров устудьуона Виталий Татаринов булбут. Бу туһунан бэйэтин ТГ-ханаалыгар Ил Дархан Айсен Николаев суруйар.
«XVII үйэтээҕи тоҕус кыраамата көһүннэ. Дьаһаах хомуйуутун туһунан суруллубут, чэрэниилэнэн. Билигин сүрүн сорук — бу сэдэх булумньулары төрүт көрүҥүнэн хаалларыы«, — диэн этэр Айсен Николаев.
«НПО Северная археология» ХЭУо исписэлииһэ Иван Фролов этэринэн, маннык булумньулар олус сэдэхтэр.
«Тоҥ сиртэн буллубут, сиигирбиттэр, кууралларын саҕана алдьаныахтарын сөп. Ыраастыахха, сииктээх эрдэхтэринэ көннөрүөххэ, куурдуохха наада. Хаартыскаҕа түһэрэммит полиграфияҕа исписэлиискэ, история наукатын кандидатыгар Илья Горшковка ыытыахпыт. Кини тиэкиһи көрүө«, — диэн этэр Иван Фролов.
Археолог ХVII үйэ бүтүүтүттэн ХХ-с үйэ 30-с сылларыгар тиийэ хабар 700 чугаһыыр булумньу көстүбүтүн этэр. Булумньуларга — мал-сал, мас уонна туой иһиттэр, XVIII-с үйэ саҕаланыытыттан XIX үйэҕэ тиийэ манньыаттар бааллар.
Санатан эттэххэ, бастакы туос кыраамата Улуу Новгородка от ыйын 26 күнүгэр 1951 с. А.В.Арциховскай салалталаах хамаанда үлэтигэр хаһыыга көстүбүт. Булуллубут кыраамата ахсаана билигин икки тыһыынчаттан тахсыбыт. Балартан 1,3 тыһ. тахсата Новгородка көстүбүттэр. Туос кырааматалар Смоленскайга, Торжокка, Москваҕа, Псковка уонна Арассыыйа атын куораттарыгар көстөн тураллар. Сибииргэ кырааматалары Туруханскайга, Березовоҕа уо.д.а. булбуттара.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: