Салгыы
Уһук Илиҥҥэ бастыҥ хордар ахсааннарыгар киирдилэр

Уһук Илиҥҥэ бастыҥ хордар ахсааннарыгар киирдилэр

Ааптар:
22.10.2024, 17:00
Хаартыска А.Е.Кулаковскай аатынан норуоттар доҕордоһууларын дьиэтин пресс-сулууспатын тиксэриитэ тиксэриитэ
Бөлөххө киир:

Дьон-сэргэ биһирэбилин ылбыт «Ямские бубенцы» Уһук Илиҥҥэ бастыҥ хордар ахсааннарыгар киирдэ. Бу туһунан А.Е.Кулаковскай аатынан норуоттар доҕордоһууларын дьиэтин пресс-сулууспата иһитиннэрэр.

Бүтүн Арассыыйатааҕы хор бэстибээлин уокуруктааҕы түһүмэҕэ түмүктэннэ. Манна 13 кэлэктиип Приморскай, Хабаровскай кыраайдартан, Саха сириттэн, Бурятияттан, Магадантан, уо.д.а. сирдэртэн кытыннылар.

А.Е.Кулаковскай аатынан норуоттар доҕордоһууларын дьиэтиттэн СӨ култууратын үтүөлээх үлэһитэ Ирина Стрекаловская салайааччылаах «Ямские бубенцы» кэлэктиибэ «Взрослые любительские хоры непрофильных организаций и ведомств» анал аат II истиэпэннээх лауреатынан буоллулар. «Ямские бубенцы» ансаамбыл «Молодой чуманчик», «Молодка», «Ой, под липой» ырыалары толорбутун дьүүллүүр сүбэ үрдүктүк сыаналаабыт.

А.Е.Кулаковскай аатынан норуоттар доҕордоһууларын дьиэтин пресс-сулууспата

+1
2
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
22 ноября
  • -31°C
  • Ощущается: -38°Влажность: 76% Скорость ветра: 2 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: