Уһук Илиҥҥэ эниэргийэни туһаныы кээмэйэ икки төгүл элбэх

Share

Илиҥҥи экэнэмиичэскэй пуорум кэмигэр тыл этиитигэр бэрэсидьиэн Владимир Путин Уһук Илини сайыннарыы кэккэ миэрэлэри киллэрэр туһунан эттэ. Ол иһигэр, Уһук Илиҥҥэ энэргиэтикэ күүһүн сайыннарарга өр сыллаах бырагырааманы түргэтэтэргэ соруйда. 

— Уһук Илиҥҥэ эниэргийэни туһаныы кээмэйэ улаатан иһэр. Билигин сылга 69 миллиард киловатт-чааһы туһаналлар, 10 сылынан 96 миллиардка тиийэрэ сабаҕаланар. Ону тэҥэ, сорох оройуоннар, куораттар, бөдөҥ инвестордар элэктэриичэстибэ күүһэ тиийбэтин номнуо билэллэр, саҥа ыстаансыйа тутулларын кэтэһэллэр, онтон сылтаан, тутуу, бырамыысыланнас, инфраструктура сайдыыта харгыстанар. Бырабыыталыстыбаҕа өр сыллаах бырагырааманы бэлэмнииргэ, үбү буларга сорудахтаатым, — диэн кини эттэ.

Ааспыт сыл түмүгүнэн, Уһук Илиҥҥэ элэктэриичэстибэ эниэргийэтин туһаныы 3,5% улаатта,  Арассыыйаҕа — 1,4%. Бу оҥорон таһаарыы, тутуу тэтимнээхтик сайдан иһэрин көрдөрөр диэн бэрэсидьиэн бэлиэтээтэ.

Бу иннинэ РФ бырабыыталыстыбатын бэрэссэдээтэлин солбуйааччы — бэрэсидьиэн боломуочуйалаах бэрэстэбиитэлэ Юрий Трутнев Уһук Илиҥҥэ тутуу үлэтин кээмэйэ Арассыыйатааҕы кээмэйи икки төгүл куоһарар диэн этэн турар. Былырыын 157 саҥа тэрилтэни үлэҕэ киллэрбиттэрэ.
Санатар буоллахха, Уһук Илин инфраструктуратын сайыннарыы боппуруостарын мунньаҕар бэрэсидьиэн Соҕурууҥҥу Саха сиринээҕи ТЭС тутуутун уонна дизельнэй уматыгынан үлэлиир 270 ыстаансыйаны саҥардыыны инники күөҥҥэ тутуллар бырайыактар быһыытынан бэлиэтээбитэ.

Илиҥҥи экэнэмиичэскэй пуорумҥа Саха сирэ 25 сөбүлэһиини түһэристэ. Олортон сүрүннэрэ: Найба муора пуордун, Чуумпу акыйааннааҕы тимир суолу тутуу, Өймөкөөн Уус Ньаратыгар итиинэн хааччыйыы систиэмэтин саҥардыы, «Синергия Арктики» бырайыагы кэҥэтии, Дьокуускай маастар-былаанын үбүлээһин, о.д.а. Инвестиция уопсай суумата 163 миллиард солкуобайга тэҥнэһэр.

Ил Дархан, бырабыыталыстыба пресс-сулууспата.

What’s your Reaction?
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Сонуннар
  • Уопсастыба

«Биисинэс-Экспоттан» саҕалаабыт Вера Лиханова дойду таһымыгар үлэлиирдии үүннэ

"Биисинэс-Экспо" урбаанньыттар быыстапкалара 2010 сылтан ыла ыытыллар буоллаҕына, Вера Лиханова бу тэрээһиҥҥэ 2019 сылтан ыла…

5 часов ago
  • Интэриэһинэй
  • Сонуннар

204 саастаах алтан чуораан

Ньурба улууһун Хорула нэһилиэгин Е.К. Федоров аатынан орто оскуолатыгар 204 саастаах алтан чуораан баар. "2020…

6 часов ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Дмитрий Садовников Горнай улууһугар тутулла турар эбийиэктэри көрдө

Ахсынньы 14 күнүгэр Саха сирин Бырабыыталыстыбатын Бэрэссэдээтэлин бастакы солбуйааччы Дмитрий Садовников Горнайга Атамайдааҕы элбэх өҥөнү…

6 часов ago
  • Интэриэһинэй
  • Сонуннар

Итэҕэй-итэҕэйимэ: Дьылҕаҕа сыыппара суолтата

Сир үрдүгэр эҥин араас дьикти, дьиибэ элбэх. Икки атахтаах ону сэргиир, сэҥээрэр, сорох онтон дьиксинэр,…

6 часов ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Айтишниктарга үчүгэй сонун

РФ бырабыыталыстыбата резервнэй пуондаттан чэпчэтиилээх IT-ипотекаҕа 23,5 млрд солк. көрдө. Туһааннаах дьаһалга премьер-миниистир Михаил Мишустин…

6 часов ago
  • Сонуннар
  • Тыа хаһаайыстыбата

“Аныгы технологиялар тыа хаһаайыстыбатын хайдах уларыталларый?”

Бу күннэргэ СӨ Тыатын хаһаайыстыбатын уонна аска-үөлгэ министиэристибэтин сыллааҕы үлэтин түмүктүүр тэрээһиннэр ыытылыннылар. “Үбүлээһин саҥа…

7 часов ago