Уһук Илиҥҥэ IT-идэлэргэ үөрэтэр бастакы оскуола Саха сиригэр аһыллыаҕа

Share

Бу сыл балаҕан ыйыттан Дьокуускай куоракка IT-идэлэргэ үөрэтэр «Школа 21» үлэтин саҕалыаҕа. Бу оскуола хас биирдии үөрэнээччитэ бэйэтэ тус кыраапык оҥостон үөрэнэр кыахтаныаҕа. Ай-ти оскуола Уһук Илин эрэгийиэннэриттэн бастакынан Саха сиригэр аһыллыаҕа.

«Школа 21» дириэктэрэ Александр Федяков биллэрбитинэн, бырайыак дойду үрдүнэн ситиһиилээхтик сайдар. Оскуола үөрэнээччилэрэ баҕарбыт бириэмэлэригэр үөрэниэхтэрин, куодтары оҥоруохтарын сөп. Бу маннык сүүрээн үөрэҕи уонна үлэни дьүөрэлииргэ табыгастаах. Тута бастакы күнтэн кыттааччылар IT-эйгэҕэ киириэхтэрэ.

Дьокуускайга «Школа 21» оскуола өрөспүүбүлүкэ бырабыыталыстыбатын дьаһалынан үлэлиэҕэ. Бүгүҥҥү туругунан, номнуо 500-чэ киһи сайаапка биэрбит. Кинилэртэн 200 киһини талыахтара, сорохтор эһиилги сылга кыттыыны ылыахтара. Кыттааччы ханнык баҕарар идэлээх киһи буолуон сөп. Бу туһунан пресс-кэмпириэнсийэ кэмигэр СӨ цифровой сайдыыга миниистирэ Анатолий Семенов биллэрдэ.

Быраактыка көрдөрөрүнэн, атын куораттарга оскуола выпускниктара үлэ ырыынагар былдьаһыкка сылдьаллар.

Дьокуускайга «Школа 21» «Өрөгөй» успуорт комплексын аттыгар баар «MyTona» хампаанньа урукку дьиэтигэр баар буолуоҕа. Онно өрөмүөн ыытыллара, аныгы тэрилинэн хааччыллара былааннанар.

What’s your Reaction?
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Култуура
  • Сонуннар

Көрөөччү санаата: «Кэрэҕэ тигистибит»

Кылаан Кындыл алгыһынан, тойугунан арыйда. ''Сэргэлээх уоттара'' култуура киинигэр эдэр ырыаһыт Иоганн Матвеев бастакы айар…

6 часов ago
  • Култуура
  • Куонкурус
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Тылгынылар Иоганн Матвеевка 100 тыһыынча солкуобайы бэлэх ууннулар

Бүгүн саха эстрадатын чаҕылхай сулуһа Иоганн Матвеев бастакы кэнсиэрэ буолла. Талааннаах уолларын биир дойдулаахтара, Бүлүү…

6 часов ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Атамайга уһуйаан үбүлүөйүн үөрүүлээх тэрээһинэ

Горнай улууһугар Атамайга "Радуга" уһуйаан тэриллибитэ 65 сылын бэлиэтиир тэрээһин өрө көтөҕүллүүлээхтик буолла. Бу күн…

8 часов ago
  • Сонуннар
  • Сүбэһит
  • Уопсастыба

Кырачаан ханнык өҥү ордороруй?

Оҕо уруһуйугар болҕомтоҕутун ууруҥ диэн психологтар сүбэлииллэр.  Баһыйар өҥүнэн оҕо уйулҕатын туругун быһаарыахха сөп диэн…

8 часов ago
  • Интэриэһинэй
  • Итэҕэл
  • Сонуннар

Харчыга сыһыаннаах бит-билгэ

Былыр-былыргыттан дьон харчыга сыһыаннаах бити-билгэни итэҕэйэр, туһанар. Ол ханныктарый? Остуолга кураанах иһиттэр, вазалар, бытыылкалар туруо…

9 часов ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

«Саюри» сайдар, кэҥиир

Дьокуускайга сылы эргиччи оҕуруот аһын, күөх үүнээйини үүннэриинэн дьарыктанар "Саюри" тэпилииссэ комплексыгар газовай электрстанция (ГПУ)…

9 часов ago