Уһук Илиҥҥэ саамай улахан Арассыыйа былааҕын Дьокуускайга тэниттилэр

Share

Арассыйа былааҕын күнүгэр Дьокуускайга Чочур Мурааҥҥа Уһук Илин уокурук үрдүнэн саамай улахан  Арассыыйа былааҕын тэниттилэр.

Баара-суоҕа биэс хонук иһигэр 35*23 миэтэрэ кээмэйдээх Арассыыйа былааҕын Дьокуускай куорат Сайсары уокуругун дьахталларын Сэбиэтин көхтөөх чилиэттэрэ оҥордулар. Бу түгэни Арассыыйа рекордун кинигэтигэр регистрациялыахтара диэн СИА кэпсиир.

Хаартыска: Мария Васильева, СИА

«Бу идиэйэ Сайсары уокуругун дьахталларын Сэбиэтин кэлэктиибин иһигэр көтөҕүллүбүтэ. Биэс хонук иһигэр маннык улахан былааҕы тигэн оҥордубут. Биһиги былааҕы икки төгүл тиктибит. Бастакы сырыыбытыгар 30*20 миэтэрэ кээмэйдээх оҥорбуппут. Онтубут Уһук Илиҥҥэ маннык кээмэйдээх былаах оҥоһуллубута ырааппыт эбит, онон биһиги бу рекорду куоһарарга быһаарыы ылыммыппыт. Бэҕэһээ былаахха эбии биэс уонна үс миэтэрэ эбэн биэрдибит», — диэн Дьокуускай куорат Сайсары уокуругун дьахталларын Сэбиэтин бэрэссэдээтэлэ Матрена Угапьева кэпсээтэ.

Тэрээһиҥҥэ Дьокуускай уокуруктааҕы дьаһалтатын салалтата,  уопсастыбанньыктар уонна Сайсары уокуругун управатын үлэһиттэрэ кытыннылар. «Дьокуускай куоракка, Бүтүн Арассыыйа үрдүнэн, Арассыыйа былааҕын күнүн бырааһынньыга ыыттыллар.  Үс өҥнөөх былаах төрөөбүт дойдуга тапталы, киэн туттууну көрдөрөр. Биһиги хас биирдиибит киэн туттуу уонна түмсүү иэйиитин тургутабыт», — диэн бэлиэтээтэ Дьокуускай мэрэ Евгений Григорьев.

What’s your Reaction?
+1
1
+1
1
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
1

Recent Posts

  • Култуура
  • Сонуннар

Көрөөччү санаата: «Кэрэҕэ тигистибит»

Кылаан Кындыл алгыһынан, тойугунан арыйда. ''Сэргэлээх уоттара'' култуура киинигэр эдэр ырыаһыт Иоганн Матвеев бастакы айар…

11 часов ago
  • Култуура
  • Куонкурус
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Тылгынылар Иоганн Матвеевка 100 тыһыынча солкуобайы бэлэх ууннулар

Бүгүн саха эстрадатын чаҕылхай сулуһа Иоганн Матвеев бастакы кэнсиэрэ буолла. Талааннаах уолларын биир дойдулаахтара, Бүлүү…

11 часов ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Атамайга уһуйаан үбүлүөйүн үөрүүлээх тэрээһинэ

Горнай улууһугар Атамайга "Радуга" уһуйаан тэриллибитэ 65 сылын бэлиэтиир тэрээһин өрө көтөҕүллүүлээхтик буолла. Бу күн…

13 часов ago
  • Сонуннар
  • Сүбэһит
  • Уопсастыба

Кырачаан ханнык өҥү ордороруй?

Оҕо уруһуйугар болҕомтоҕутун ууруҥ диэн психологтар сүбэлииллэр.  Баһыйар өҥүнэн оҕо уйулҕатын туругун быһаарыахха сөп диэн…

13 часов ago
  • Интэриэһинэй
  • Итэҕэл
  • Сонуннар

Харчыга сыһыаннаах бит-билгэ

Былыр-былыргыттан дьон харчыга сыһыаннаах бити-билгэни итэҕэйэр, туһанар. Ол ханныктарый? Остуолга кураанах иһиттэр, вазалар, бытыылкалар туруо…

14 часов ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

«Саюри» сайдар, кэҥиир

Дьокуускайга сылы эргиччи оҕуруот аһын, күөх үүнээйини үүннэриинэн дьарыктанар "Саюри" тэпилииссэ комплексыгар газовай электрстанция (ГПУ)…

14 часов ago