Быйыл кыһын Уһук Илиҥҥэ сылаас буолуо диэн этэллэр. Ити туһунан “Фобос” киин исписэлииһэ Евгений Тишковец бэйэтин телеграм ханаалыгар иһитиннэрэр.
“Арассыыйаҕа күүстээх, киэҥ сири тайыыр хабараан тымныылар тохсунньу бүтүүтэ – олунньу саҥатыгар түһүөхтэрэ, дойду үс гыммыт иккитигэр, ордук Сибииргэ уонна Уһук Илиҥҥэ”, – диэн исписэлиис суруйар.
Күнү-дьылы көрдөрөр каарта Уралга уонна Арҕаа Сибииргэ 3-6 кыраадыһынан, дойду киин өттүгэр 2-3 кыраадыһынан сылаас буолара сабаҕаланарын ыйар.
Саха сирин олохтоохторо халлаан сылааһын биһирээтилэр, “кыһыммыт өрүү маннык” буоллар дэһэллэр. Ол эрээри, исписэлиис иһитиннэрбитинэн, ахсынньыга тымныы түспэтэҕин тохсунньу бүтүүтүгэр — олунньу саҥатыгар ситиһэрэ сабаҕаланар.
Ас-үөл астыырга маннык баарын билэҕит дуо? Бу олус туһалаах сүбэ. 1 ыстакаан -- 240 мл.…
Хатыҥ мүөттээх сэбирдэҕин чэйгэр кутан иһэ сырыттаххына, бүөргэр-быаргар туһалаах. Салаакка мэлдьи моркуоп, сүбүөкүлэ, оҕурсу, укуруоп…
Уус Алдан улууһугар култуура бэтэрээннэрин сэбиэтэ уопсастыбаннай түмсүү (бэрэссэдээтэл А. Е.Федорова) тэрийиитинэн, араас кэмҥэ култуура…
Саха сиригэр ахсынньы 5 күнүгэр ураты бырааһынньык бэлиэтэнэр – өрөспүүбүлүкэтээҕи Оҕо уопсастыбаннай хамсааһынын күнэ. 1992…
Суотту нэһилиэгэр "Кыһын Саха сириттэн саҕаланар" бырайыак чэрчитинэн харыйа уота сандааран тырымныырын көрсө бэртээхэй тэрээһин…
Бу күннэргэ Пригороднай сэлиэнньэ дьаһалтатын салайааччыта Василий Егорович Пинигин өйөбүлүнэн дьахтар сүбэтэ бэйэтэ туспа анал…