Уһук Илиҥҥи биир кэлим субсидиянан 1,4 млрд солк. көрүлүннэ
31.10.2022, 16:40
Бөлөххө киир:
Уһук Илиҥҥи биир кэлим субсидия иитинэн, Саха сиригэр федеральнай бүддьүөттэн социальнай эбийиэктэри тутууга 1,4 млрд кэриҥэ үп-харчы көрүлүннэ. Бу үбүлээһин суотугар сыл бүтүүтэ «Квартал Труда» креативнай кластер үлэҕэ киириэҕэ.
«Бу көмө суотугар өрөспүүбүлүкэ социальнай инфраструктурата лаппа тубуста. Уһук Илиҥҥи биир кэлим субсидия үбэ эрэгийиэн олохтоохторо олохторун усулуобуйатын тупсарыыга ыытыллар», – диэтэ Айсен Николаев.
Туһааннаах субсидия суотугар Горнай Атамайыгар сынньалаҥ киинэ уонна Үөһээ Бүлүүгэ И.Н. Барахов култуура киинэ тутуллуохтара.
+1
+1
+1
+1
+1
+1
+1
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: