Уһук Илиҥҥи эрэгийиэннэр социальнай сайдыы былаанын олоххо киллэриигэ эбии 1,3 млрд солк. тахсаны ылыахтара
Уһук Илиҥҥи федеральнай уокурукка киирэр эрэгийиэннэргэ экэниэмикэ үүнэр кииннэрин социальнай сайдыытын былааннарын олоххо киллэрэргэ эбии 1,3 млрд. солкуобай көрүллүөҕэ диэн СӨ Баһылыгын уонна Бырабыыталыстыбатын пресс-сулууспата иһитиннэрэр.
Үбүлээһин Саха сиригэр, Бурятияҕа, Забайкальскай, Камчатскай, Приморскай уонна Хабаровскай кыраайдар, ЕАУо уонна Чукотскай автономный уокуруктарга оҥоһуллуоҕа. Бу туһунан дьаһалга РФ Бырабыыталыстыбатын бэрэссэдээтэлэ Михаил Мишустин илии баттаата.
Саха сиригэр ити ыйыллыбыт үп чэрчитинэн 114,6 мөл. солк. көрүллэн турар. Бу үп судаарыстыба өттүттэн технологическай табаары оҥорон таһаарааччылары өйүүр дьаһаллары олоххо киллэрэргэ уонна табаары атыылаһыыга («Патриотическай» ТОР) тыырылынна.
Бырабыыталыстыба 2018 сылтан ыла Уһук Илиҥҥи эрэгийиэннэр экэниэмикэлэрин социальнай сайдыыларын былааннарын олоххо киллэриилэрин өйүүр.
Маннык өйөбүл бырагыраамата дойду бэрэсидьиэнэ Владимир Путин көҕүлээһининэн саҕаламмыта. Кини сүрүн сыала-соруга – куораттары уонна сэлиэнньэлэри аныгылыы уонна тупсаҕай оҥоһуулаах буолалларын ситиһии. Федеральнай үбүлээһин көмөтүнэн, ааспыт алта сыл устата Уһук Илиҥҥи федеральнай уокурук эрэгийиэннэригэр сүүһүнэн социальнай, инженернэй, куорат уонна тырааныспар инфраструктураларын эбийиэктэрэ тутулуннулар уонна өрөмүөннэннилэр, ол иһигэр оҕо уһуйааннара, оскуолалар, балыыһалар, успуорт уораҕайдара, суоллар уонна хочуолунайдар үлэҕэ киирдилэр.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: