Уһук Илиҥҥи ипотека болдьоҕо уһатылынна
Дойду бырабыыталыстыбата бэрэсидьиэн Владимир Путин сорудаҕынан, «Уһук Илиҥҥи ипотека» бырагырааматын 2030 сылга диэри уһатта.
Санатан эттэххэ, туһааннаах бырагыраама номнуо үһүс сылын үлэлиир. Үс сыл иһигэр чэпчэтиллибит ставкалаах 55 тыһыынча кирэдьиит бэрилиннэ.
Чугастааҕы үс сылга «Уһук Илиҥҥи ипотека» бырагырааматыгар бүддьүөккэ 70 млрд солк. көрүллүбүт, мантан 20 млрд солк. — 2023 сылга.
«Уһук Илиҥҥи ипотека» бырагырааматын усулуобуйата быйылгыттан кэҥэтиллибитэ. Урукку өттүгэр туһааннаах бырагырааманан 35-гэр диэри саастаах эдэр ыаллар, соҕотох төрөппүттэр (18 саастарыгар диэри оҕолоох), «Уһук Илиҥҥи гектар» бырагыраама кыттыылаахтара эрэ туһаналлара. Оттон билигин 2% ставкалах кирэдьиитинэн Уһук Илиҥҥэ биэс сылтан итэҕэһэ суох олорон үлэлээбит миэдиктэр уонна педагогтар туһанар кыахтаннылар.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: