«Уһук Илиҥҥи ипотека» бырагыраама олоххо көхтөөхтүк киирэр
16.04.2024, 16:21
Хаартыска -- СИА.
Бөлөххө киир:
2024 сыл бастакы кыбаарталыгар Саха сиригэр 1100 тахса эдэр ыал «Уһук Илиҥҥи ипотека» бырагырааматынан туһанна.
Бу кэм устата олорор дьиэ усулуобуйатын тупсарыыга 6,4 млрд солк. ипотеканан кирэдьиит ыларга көрүлүннэ. Саха сиригэр бырагыраама олоххо киириэҕиттэн 110 млрд солк. суумалаах 22,4 тыһыынча ипотека кирэдьиитэ бэрилиннэ. Онон, эрэгийэн Приморскай кыраай кэнниттэн “Уһук Илиҥҥи ипотека” бырагырааманы олоххо киллэриигэ иккис миэстэҕэ сылдьар. Бу бырагыраама дойдуга 2019 сылтан РФ Бэрэсидьиэнэ Владимир Путин көҕүлээһининэн үлэлиир.
+1
+1
+1
+1
+1
+1
+1
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: