Салгыы
Уһук Илиҥҥи кыбаарталы сэттэ эрэгийиэҥҥэ туталлар

Уһук Илиҥҥи кыбаарталы сэттэ эрэгийиэҥҥэ туталлар

04.04.2024, 11:52
Хаартыска: Мария Васильева, СИА.
Бөлөххө киир:

РФ Бырабыыталыстыбатын бэрэссэдээтэлэ Михаил Мишустин бэҕэһээ Судаарыстыбаннай Дуумаҕа отчуотугар Уһук Илин уокурук сайдыытын киэҥник кэпсээтэ. Хас даҕаны хайысханан сайдыы барарын ыйда.

Дьон олоҕун оҥостуутугар дьиэ-уот тутуута, хааччыллыы улахан суолталаах. Сэттэ эрэгийиэҥҥэ Уһук Илиҥҥи кыбаартал тутулларын иһитиннэрэллэр. Кэлим тутуу бырайыактарын олоххо киллэрэр инвестордарга сайдыыны урутуур территория резиденнэрин чэпчэтиилэрэ көрүллэллэр. “Маннык бырайыактарга олорор дьиэтэ эрэ буолбакка, куорат табыгастаах эйгэтэ, социальнай инфраструктурата эмиэ көрүллүөхтээх: уһуйааннар, оскуолалар, мэдиссиинэ тэрилтэлэрэ. Уһук Илин 65 тыһ. олохтооҕор анаан 1,8 мөл. кв.м. иэннээх саҥа дьиэни тутар былааннанар” – диэн ыйаллар.

Дойду бэрэсидьиэнин сорудаҕынан үлэ ырыынагар ирдэнэр идэлэр исписэлиистэригэр 10 тыһ. куортамнанар кыбартыыраны тутуу бырагыраамата үлэлиир. Маннык кыбартыыраларга куортам төлөбүрэ, эрэгийиэн уонна дойду хааһынатыттан субсидияланарын быһыытынан, ырыынак сыанатынааҕар биллэ чэпчэки буолар.  Бастакы 106 кыбартыыраҕа номнуо дьон киирбитэ.

Олорор дьиэни тутууга улахан кыаҕы Уһук Илиҥҥи чэпчэтиилээх ипотека биэрдэ. Сылга 2% табыгастаах кирэдьиит көмөтүнэн 100 тыһ. ыал саҥа дьиэни атыыласпыт, туттубут.

Дойду бэрэсидьиэнин ыйыытынан, Уһук Илин уокурукка куораттары уонна дьоҕус нэһилиэнньэлээх пууннары бөлөхтөөһүнү (агломерация) сайыннарыы 22 комплекснай былаана үлэлиир. Бу дьон олоҕун хаачыстыбатын тупсарарга туһаайыллыбыт 875 бырайыак буолар. Ол иһигэр саҥа Уһук Илиҥҥи кыбаарталлар киирэллэр.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
1
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
12 декабря
  • -40°C
  • Ощущается: -40°Влажность: 67% Скорость ветра: 1 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: