Юрий Трутнев ДНӨ сиригэр Уһук Илинниин шефтэһэр куораттарга чөлүгэр түһэрэр үлэлэр хайдах бара туралларын бэрэбиэркэлээтэ
Кини Докучаевскай, Торез куораттарга, Старобешево куораттыы тииптээх бөһүөлэккэ сырытта.
«Бэрэсидьиэн сорудаҕынан Уһук Илиҥҥи эрэгийиэннэр ДНӨ сиригэр чөлүгэр түһэрэр үлэлэрин салгыыллар. Быйыл 253 эбийиэги туттарар былааннаахтар. Күн бүгүн 231 эбийиэк туттарылынна. Атыттар сыл бүтүөр диэри киириэхтэрэ. Хаачыстыба үчүгэй»,- диэтэ Юрий Трутнев.
Саха сирэ былааннаабыт 65 эбийиэгиттэн 45-гэр үлэтин бүтэрбит. «Ытыалааһынтан эмсэҕэлээбит олорор дьиэлэр, балыыһалар, Докучаевскай уопсастыбаннай сирдэрэ, үөрэх, успуорт эбийиэктэрэ чөлүгэр түһэриллэн эрэллэр. Докучаевскайга бассейннаах спортивнай комплекс өрөмүөнүн тутааччылар болдьоҕун иннинэ бүтэрэр былааннаахтар», — диэтэ Юрий Трутнев.
Приморскай кыраай Торез куораты чөлүгэр түһэриигэ көмөлөһөр. Социальнай инфраструктура уонна хомунаалынай хаһаайыстыба 17 эбийиэгэр былааннаммыт өрөмүөннүүр-чөлүгэр түһэрэр үлэлэр барыта оҥоһуллубуттар. Юрий Трутнев чөлүгэр түһэриллибит стадиоҥҥа (1N-дээх ДЮСШ) сырытта. «Үлэ барыта болдьоҕор оҥоһуллубут, сорох өттө өссө эрдэлээн бүппүт»- диэн бэлиэтээтэ боломуочуйалаах бэрэстэбиитэл.
Бурятия уонна Забайкальскай кыраай Старобешенскэй оройуоҥҥа үлэлии сылдьаллар. Быйыл шефтэһэр сирдэригэр баар нэһилиэнньэлээх пууннарга социальнай, хомунаалынай уонна суол инфраструктуратын чөлүгэр түһэрэргэ 41 тэрээһин түмүктэниэхтээх.
Донбааһы чөлүгэр түһэрэр үлэлэргэ Уһук Илин эрэгийиэннэрэ бары кытталлар. 2024 сылга былаан быһыытынан эбийиэктэри өрөмүөннүүр үлэлэрин Приморье, Камчатка, Забайкалье, Магадан, Сахалин уобаластара уонна ЕАУо эрэгийиэннээҕи бөлөхтөрө бүтэрбиттэр. Саха сирэ, Бурятия, Хабаровскай кыраай, Амурскай уобалас, Чукотка үлэлэрин салгыыллар. Сыл бүтүөр диэри ДНӨ уонна ЛНӨ 24 нэһилиэнньэлээх пууннарыгар социальнай инфраструктура 253 эбийиэгэ өрөмүөннэниэҕэ.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: