Уһун үйэлэниэххин баҕараҕын дуо?
Ким этэҥҥэ сылдьыан, уһун үйэлэниэн баҕарбат буолуой? Бары да уһуннук, дьоллоохтук олорору сэргиир, сэҥээрэр буоллахпыт.
Онуоха маннык этэллэр эбит.
Уһун үйэлэнии торумнара:
— Ас эгэлгэтин аһаа.
— Элбэх ыраас уута ис.
— Балыкта сиэ.
— Кыратык аһаа.
— Аһылыккар араас оҕуруот аһа баар буолуохтаах.
— Табаҕы тардыма.
— Күн аайы эти-хааны эрчийэр эрчиллиилэри толор.
Манна, арааһа, сибиэһэй салгынна сиэххэ, бэйэҕин көрүнэн хаама-сиимэ сатыахха, киэҥ көҕүстээх буолуохха, үчүгэйи көрүөххэ, үчүгэйтэн үөрүөххэ, үтүөнү баҕарыахха, айылҕаҕа сылдьыахха, сэргиир-сэҥээрэр, сөбүлүүр дьарыкка ылсыахха, бэйэни иһиллэнэн көрөн сөптөөх хамсаныыны-имсэниини оҥоруохха диэтэххэ наһаа сыыспаппыт буолуо.
Саха ыалын халандаара, 2006 с.
«Айар» («Бичик») кинигэ кыһата.
Интэриниэт ситимиттэн.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: