Уйбаан Ксенофонтов‑Силиги: “Хаарыан дьоннор, хаһыатчыттар”

Share

Саха нассынаалынай бэчээтин күнүн көрсө СӨ култууратын үтүөлээх үлэһитэ, биллэр суруналыыс, хаһыатчыт, “Саха сирэ” хаһыат тутаах үлэһитэ Иван Ксенофонтов‑Силигини кытары саха бэчээтин устуоруйатын тула кэпсэттибит.

Устуоруйаттан

— Аҕыйах сылтан бэттэх, өрөспүүбүлүкэҕэ от ыйын 1 күнүгэр Саха нассынаалынай бэчээтин күнүн бэлиэтиир буоллубут. Төрөөбүт төрүт үгэстэрбитин, ийэ тылбытын, сурукпутун-бичикпитин сахалыы тыллаах суруналыыстар араҥаччылыы, харыстыы сылдьар дьон буолаллар. Уйбаан, Уйбаанабыс, Саха бэчээтин устуоруйатыттан кэпсэтиибитин саҕалыахха.

— Ийэ тылбытын, сурукпутун-бичикпитин сахалыы тыллаах суруналыыстар араҥаччылыы, харыстыы сылдьар дьон буолаллар диэн саамай сөпкө, уот харахха эттиҥ. Биһиги, суруналыыстар дэнэр суруксуттар, халлаантан айдарыылаах дьоммут. Ол курдук олоҥхобутугар кэпсэнэр, Айыы халлааныгар олорор, Аҕыс кырыылаах алыы дьэҥкир таас баҕанаҕа Үрдүк Айыылар ыйаахтарынан аан дойду олоҕун тутулун, Орто дойду дьонун дьылҕаларын суруйар УҺун Дьурантаайы суруксуттан тардыылаах, силистээх-мутуктаах, им сүтүүтэ, тыҥ хатыыта илбиһирэр идэлээх, суруксуттаабытынан суох буолар сурааһыннаах кэлбит дьоммут.

Сахалыы тыллаах бэчээт олох сайдыытын сиэринэн түһүүлээх-тахсыылаах суолунан, араас моһоллору уҥуордаан, этэр курдук, “истэри-тастары” уларыйан баччаҕа кэллэҕэ. Сэбиэскэй кэмҥэ партийнай идеология соҥнооһунунан, сахалыы тыллаах бэчээт хаһыат быһыытынан 1921 сыл ахсынньы 28 күнүттэн — БСК (б)П Губбюротун партийнай уорганын быһыытынан тахсыбыт эписийээлинэй “Манчаары” хаһыаттан төрүттэммитэ, олохтоммута диэн бэлиитикэ аҥардастыы өрө тутуллубута. Дьиҥинэн, наука хараҕынан көрөн, чинчийэн атыннык быһаарыыны, түмүктээһини, бигэргэтиини оҥорбут киһинэн М. К. Аммосов аатынан Саха судаарыстыбаннай университетыгар суруналыыстыка хаапыдыратын төрүттээбит учуонай, устуоруйа билимин дуоктара, бэрэпиэссэр, уруккута “Социалистическая Якутия” хаһыат эрэдээктэрэ О. Д. Якимов буолар. Олег Дмитриевич Сибиир уонна Уһук Илин төрүт олохтоох норуоттара олохсуйбут оройуоннарыгар элбэх национальностаах бэчээт ситимэ үөскээһинин, үлэлээн тарҕанан барыытын эйгэтигэр биллэр научнай аптарытыат. “Манчаары” хаһыат 20‑с сылларга Саха сирин уопсастыбаннай олоҕор чаҕылхай көстүүнэн буолбута. Биһиги өрөспүүбүлүкэбитигэр чуо бу хаһыат нассынаалынай партийнай-сэбиэскэй бэчээт саҕаланыытын түөрэҕин түһэрбитэ. Оттон саха нассынаалынай бэчээтэ 1905 сыллаах олунньутааҕы өрөбөлүүссүйэттэн силис-мутук тардыммыта. Өрөбөлүүссүйэ долгунугар көтөҕүллэн, былаас структураларыттан тутулуга суох бэчээт тэриллэригэр кыахтар үөскээбиттэрэ. Сибиир уонна Уһук Илин атын эрэгийиэннэригэр тэҥинэн нууччалыы, сахалыы курдук икки тылынан тахсыбыт хаһыат ханна да суоҕа. Ол аата, “Саха дойдута”, “Саха олоҕо” — саха нассынаалынай бэчээтин төрүттээбит бастакы хаһыаттар! О. Д. Якимов итинник бигэргэтиитэ партийнай пропаганда бэлиитикэтин утарар буолан, болҕомтоҕо ылыллыбатаҕа.

2000 сыллартан саха нассынаалынай бэчээтэ олохтонуутун устуоруйатыгар сыысхаллары, токурутуулары көннөрөргө, саҥалыы табатык сыаналыырга оччолорго Судаарыстыбаннай Мунньах (Ил Түмэн) бэрэссэдээтэлэ, учуонай, суруналыыс хаһыатчыт А. Н. Жирков докумуон чахчыларыгар олоҕуран сорунуулаахтык, утумнаахтык турууласпытын бэлиэтиэхпин баҕарабын.

Саха нассынаалынай бэчээтин устуоруйатын быһа холоон үс түһүмэххэ араарыахха сөп: бастакы түһүмэх — 1917 сыллааҕы өрөбөлүүссүйэ иннинээҕи кэм, иккис түһүмэх — сэбиэс-
кэй кэмнээҕи итиэннэ үһүс түһүмэх — ССРС үрэллиитин кэннинээҕи кэм. Өктөөп өрөбөлүүссүйэтин иннинээҕи кэмҥэ сахаларга периодическай бэчээт үөскээһинигэр бары төрүөттэр бааллара. Олортон саамай сүрүннэрэ — нассынаалынай суруктаах-бичиктээх этибит уонна нассынаалынай интэлигиэнсийэ үөскээһинэ. Чуолаан бу төрүөттэр сахалыы тылынан бастакы таһаарыылар күн сирин көрөллөрүгэр тирэҕинэн буолбуттара.

Саха бастакы интэлигиэнсийэтин чулуу бэрэстэбиитэллэрэ 1907 сыллаахха “Якутский край” — “Саха дойдута” нууччалыы-сахалыы тыллаах уопсастыбаннай-бэлитиичэскэй уонна литэрэтииринэй хаһыаты таһаарыыны саҕалаабыттара. 1908 сыллаахха — “Саха олоҕо” иккис хаһыаты, салгыы 1912 сыллаахха — “Саха саҥата” бастакы сахалыы сурунаалы.

Саха бэчээтин “аксакаллара”

— Икки сыллааҕыта, 2021 сыллаахха, сахалыы тыллаах бастакы судаарыстыбаннай хаһыат төрүттэммитэ 100 сылын бэлиэтээбиппит. Эн бэчээт эйгэтигэр уһун кэмнэргэ үлэлээн, саха суруналыыстыкатын сытыы бөрүөлээх үгүс “аксакалларын” кытары алтыспытыҥ. Саха бэчээтин атаҕар туруутугар, сайдыытыгар турууласпыт дьону кимнээҕи ааттаталыаҥ этэй?

— XIX үйэ бүтүүтэ саха бэчээтэ олохтонуутугар бастакы хаһыаттары, сурунаалы таһаарыыга сүрүн идеологынан буолбут саха интэлигиэнсийэтин лиидэрэ Василий Васильевич Никифоров‑Күлүмнүүрү, “Саха саҥата” сурунаалы таһаарыыга кыттан айымньыларын бэчээттэппит суруйааччы, “Манчаары”, “Кыым” хаһыаттары таһаарыыга “үрүҥ-хара” үлэлэри санныларыгар сүкпүт хаһыатчыт, эрэдээктэр Анемподист Иванович Софроновы-Алампаны ааттарын сүгүрүйэ ааттыыбын.

Аныгы көлүөнэ хаһыатчыттар, бэл биһиги, сааһырбыт суруналыыстар, сэрии иннинээҕи, сэрии кэминээҕи да суруналыыстыка, бэчээт атаҕар туруутугар сөҕүмэр кылааттарын киллэрбит бастакы көлүөнэ биир идэлээхтэрбит тустарынан билбэппит, сибээспит быстыбыта улахан кыһалҕабытынан буолар. Тус бэйэм 80‑с сыллартан «Кыым» хаһыат кырдьаҕастарын кытта алтыһан үлэлээбит, кинилэр “оскуолаларыгар” үөрэммит, буспут-хаппыт дьоллоохпун. Онон докумуоннартан, хаһыат суруйууларыттан, кырдьаҕастар ахтыыларыттан истэн, ааҕан билэр сахалартан бастакынан, “кыымнар” диалектарынан ”30‑тай годтарга” “Правда” аатынан суруналыыстыка коммунистическай институтун үөрэнэн бүтэрбит, сэрии сылларыгар “Кыым” хаһыакка сэбиэскэй эргиэн отделын сэбиэдиссэйинэн, кэлин кинигэ издательствотыгар оҕо литэрэтиирэтигэр эрэдээктэринэн үлэлээбит Уус Алдантан төрүттээх Мария Гаврильевна Бурцеваны, “Кыым” кырдьаҕастарын уостарыттан түспэккэ мэлдьи үтүөнэн ахтыллар хаһыат эрэдээктэрин, саха наукатын эйгэтигэр социология салаатын олохтообут улахан учуонайы, Аҕа дойду сэриитин актыыбынай кыттыылааҕа Иван Александрович Аргунову, эмиэ сэрии кыттыылааҕа, “Кыым” хаһыат отделын сэбиэдиссэйэ, суруйааччы, тылбаасчыт, булгуруйбат санаалаах Прокопий Иванович Егоровы, гражданскай сэрии кыттыылааҕа,
ЧОН байыаһа, тылбаасчыт Иван Иннокентьевич Кымовы саха суруналыыстыкатыгар үйэлэргэ сүппэт суолу-ииһи хаалларбыт хаһыатчыттарынан сыаналыыбын.

Тыыннааҕын баттаспыт, үлэһитинэн да, күүһүнэн-уоҕунан да номоххо киирбит, Василий Климентьевич Алексеев‑Байҕал сэрии инниттэн сурук отделын сэбиэдиссэйинэн, эппиэттиир сэкирэтээринэн, эрэдээктэри солбуйааччынан “Кыым” төһүү үлэһитэ этэ. Дьон-норуот кыһалҕатын чугастык ылынар, ирдэһэр, быһаарсар, туруорсар, көмөлөһөр үтүө мөккүөрдээҕэ. 60‑с сыллар ортолоругар дойду үрдүнэн национальнай бэчээти атарахсытар бэлиитикэ ухханыгар, манна “Кыым”, “Социалистическая Якутия” хаһыаттары холбоон, “Кыымы” “СЯ”-ҕа дубляж быһыытынан сыһыаран таһаарар быһаарыы ылыллыбытыгар, Василий Климентьевич “кыымнар” ааттарыттан Москваҕа командировкаланан тиийэн ССКП КК-гэр партия сыысхаллаах бэлиитикэтэ көннөрүллэригэр атын национальнай өрөспүүбүлүкэлэртэн түмсүбүт биир идэлээхтэрин кытта хорсуннук туруорсубута, дьыаланы быһаарсыбыта. Күүһүн-уоҕун эттэххэ, эмиэ “30‑тай годтарга” Ленин пааматынньыга турбут сиригэр оччотооҕу типография умайбытыгар икки центнер курдук ыйааһыннаах сибиниэс буукубалар хараллар кассаыскаабы көтөҕөн таһааран, хаһыат салгыы бэчээттэнэрин өрүһүйбүт саха бухатыырынан буолар. Салайааччылар Ойуунускай, Шараборин илэ көрөн сөҕөн-махтайан тураллар.

Сэбиэскэй саҕана хайа эрэ сытыы, уран тыллаах суруйааччы бэргэнник да эппитинии, “Суруналыыстыка үрдүк үргэл сулустарынан” буолбут талааннаах публицистар Дмитрий Николаев, Дмитрий Кустуров, Иван Брызгалов, Прокопий Караканов, Тамара Корякина, Милан Афанасьев, Николай Крылов, очеркистар Григорий Нынныров, Семен Винокуров, Егор Афанасьев, Василий Никифоров, репортердар Михаил Капустин, Иван Кычкин, Михаил Слепцов, фотокордар Еремей Порядин, Виктор Яковлев, о. д.а. бэчээт дьыалата сайдыытыгар элбэҕи оҥорбут, бэйэлэрин кылааттарын киллэрбит хаарыан дьоннор, хаһыатчыттар буолаллар.

Бутуурдаах 90‑с сылларга…

— Ааспыт үйэ 90‑с сылларыгар дойду үрдүнэн уларыйыы-тэлэрийии кэмэ үөскээн, бэчээт эйгэтигэр эмиэ улахан уларыйыылар тахсыбыттара. “Кыым” хаһыат “Саха сирэ” хаһыакка кубулуйбута.. “Кубулуйбута” диирбитин баҕар, сорох дьон атыннык ылынара буолуо гынан баран, бүгүн үлэлии олорор “Саха сирэ” хаһыаппыт “Кыым” хаһыат утумнааччытынан буолар. Бу маны бигэргэтэр докумуоннар эн хас да сыллааҕыта төрүттээбит түмэлгэр харалла сыталлар…

— Бырабыыталыстыба уорганын быһыытынан очурдардаах-охсуулардаах, түһүүлээх-тахсыылаах отуттан тахса сыл устата “Саха сирэ” хаһыат былаас уонна норуот ыкса сибээс-
тэрин быспакка, мөлтөппөккө эрэллээхтик, тирэхтээтик, көнө сүрүннээхтик үлэлээн, айан-тутан кэллэ. Сэбиэскэй кэм саҕаланыаҕыттан норуотун, бар дьонун сайдыылаах олоххо, 20 сылынан хомуньууһумҥа тиийэргэ, Л. И. Брежнев саҕаттан сайдыылаах социализмы тутууга сирдээбит “Кыым” хаһыат барахсаны, 70‑тан тахса сыллаах айымньылаах үлэтин түмүгэ түҥнэри эргийбитигэр буруйдуур төрдүттэн сыыһа. Саҥа кэм, тутул, саҥа идеология, салалта үөскэппит “Саха сирэ” хаһыат кураанах сиргэ, ыраас лиискэ буолбакка, үөрүйэҕин, үгэстэрин илдьэ сылдьар “Кыым” кэлэктиибин күүһүнэн, атаҕастанныбыт, баттанныбыт диэн айманар, кэриэлийэр санааны өрө туппакка, төрөөбүт дойдубут, норуоппут туһа диэн саҥа соруктары олохтооһун күргүөмнээх үлэтигэр сорунуулаахтык ылсан барбыт патриот дьон туруулаһыыларынан тахсан, “Кыымы” утумнаан этэн-тыынан, түмэн, көҕүлээн барбыта.

Онон кырдьаҕас “Кыым” хаһыат кэлэктиибэ ааппыт эрэ уларыйан, “Саха сирэ” хаһыат эрэдээксийэтэ дэнэр буолбуппут. “Кыым” “30‑тай годтаахтан” докумуоннара, бирикээс кинигэлэрэ, мунньахтар, планеркалар боротокуоллара, үлэһиттэр личнэй дьыалалара, былыргы хаһыатчыттар илиилэринэн суруйбут суруктара, ыстаты-
йалара барыта судаарыстыбаннай хаһыат түмэлигэр хараллан сыталлар. “Кыым” сибэтиэй бэлиэлэрэ: Кыһыл былааҕа, үрдүкү наҕааадата — Үлэ Кыһыл Знамята уордьана, эрэдээксийэ Бочуот кинигэтэ билигин “Саха сирэ” хаһыат сибэтиэй реликвията буолар.

Дмитрий Васильевич Кустуров курдук 90‑тан тахсыбыт Ытык кырдьаҕаспыт, киниттэн арыый эдэрчи аҕыйах бэтэрээннэрбит туйах хатарааччылара буолар аныгы хаһыатчыттар, суруналыыстар болҕомтолорун киинигэр сылдьаллар. Хаан-уруу кэлэктииптэрин кытта сибээстэрин быспаттар. Уонна кэлэн, “эһиги “кыымнар” буолбатаххыт” диэн, ама, ким этиэй.

Хаартыска: Денис Попов

Саҥа кинигэ

— Олох аҕыйах хонуктааҕыта “Хаарыан дьоннор, хаһыатчыттар” диэн сабыс-саҥа кинигэҥ күн сирин көрдө. Бу кинигэҥ туһунан кэпсээ эрэ.

— Маннык кинигэни суруйбут, оҥорбут киһи диэн санаа үүйэ-хаайа туппута ыраатта. Урут, “Саха сирэ” хаһыат кылаабынай эрэдээктэрин бастакы солбуйааччынан 20 сыл үлэлээбит кэмнэрбэр университекка суруналыыстыка салаатыгар туттарсар абитуриент оҕолортон эксээмэҥҥэ саамай боростуойа ааттара-суоллара биллэр суруналыыстар тустарынан, холобур Григорий Нынныров хайа хаһыакка үлэлиирий, “Кэскилгэ” үлэлиир норуодунай суруйааччы аата-суола ким диэний, биллиилээх спортивнай суруналыыстары кимнээҕи билэҕин диэбит курдук боппуруостары биэрдэххэ, саатар удумаҕалатар да кыахтара суоҕа сүрдээҕин харааһыннарара. Оннооҕор үөрэхтэрин бүтэрэр устудьуоннартан госэксээмэҥҥэ саха бэчээтин устуоруйатыттан тугу эмэ ыйыттахха кыайан эппиэттээбэттэрэ сөхтөрөрө.

“Саха сирэ” хаһыаты ааҕааччылар билэр буолуохтаахтар. 2020 сыллаахтан “Сахамедиа” холдинг бирикээһинэн хаһыаппытыгар “Манчаары” диэн суруналыыстыка, бэчээт эйгэтин боппуруостарын сырдатар аналлаах сыһыарыыны таһааран барбыппыт. Өрөспүүбүлүкэ бэчээтин бүтүннүү хабан, улуустар хаһыаттарын, уһун кэмнэргэ үлэлээн ааспыт бэйэлэрэ суоллаах-иистээх, үтүөлээх хаһыатчыттар тустарынан, билиҥҥи кэм сааһыра барбыт суруналыыстарын кумааҕы хаһыат дьылҕата, бэчээт туруга, балаһыанньата, сыыппара технология, интэриниэт ситимэ харыыта суох өтөн киириитэ, глобализация сабыдыала долгутарын, инники сайдыы суолларын таарыйар, санааларын үллэс-
тэр ыстатыйаларын икки сыл устата утумнаахтык таһааран кэллибит.

Ол матырыйааллары түмэн, инникитин сахалыы тыллаах суруналыыстыка сайдыытын үөрэтиигэ уонна айан-суруйан ааспыт суруналыыстар үлэлэрин кэлэр көлүөнэлэргэ билиһиннэрэр сыаллаах, саха бэчээтин, суруналыыстыкатын үйэни куоһарар устуоруйатын ситимэ быстыбатын, утума салҕанарын туһугар бу “Хаарыан дьоннор, хаһыатчыттар” диэн балачча улахан, дириҥ ис хоһоонноох кинигэни бэлэмнээн таһаардыбыт.

Кинигэҕэ сүрүннээн “Саха сирэ” хаһыат бэтэрээннэрэ Милан Афанасьев, Николай Крылов, Татьяна Маркова, Надежда Егорова, Ангелина Васильева, Василий Никифоров‑Балаһа Баһылай ахтыылара, очеркалара, зарисовкалара киирдилэр. Урукку “Бэлэм буол!”, “Кэскил”, “Юность Севера” хаһыаттар айымньылаах үлэлэрин, уларыйыы-тэлэрийии, аныгылыы хаһыатынан, электроннай сайтынан үлэ тэрээһиннэрин туһунан матырыйааллар, ахтыылар бэчээттэммиттэригэр көмөтүн, өйөбүлүн иһин хаһыат бэтэрээнигэр Евдокия Семеновна Иринцееваҕа-Огдоҕо, Н. Е. Мординов‑Амма Аччыгыйа аатынан “Кэскил” оҕо издательствотын ыстаарсай эрэдээктэринэн үлэлээбит Татьяна Ильинична Жирковаҕа барҕа махтал тылларын этэбит.

Тааттаттан улуус хаһыатыгар өр сылларга үлэлээбит, саха суруналыыстыкатын бэтэрээнэ Нил Самуилович Иовлевка, Мэҥэ Хаҥалас “Эркээйи” хаһыатын кылаа-
бынай эрэдээктэрэ Алена Викторовна Доктороваҕа үтүө көмөлөрүн иһин нөрүөн нөргүйэбит.

Бу кинигэ аҥаардас “Саха сирэ” хаһыат эрэ буолбакка, саха бэчээтин, суруналыыстыкатын айар кэлэктииптэрэ, үлэһиттэрэ санаабытын холбоон бииргэ таһаарбыт үлэбит түмүгэ буолар.

Этиэххэ наада, араас биричиинэлэринэн кинигэҕэ киирбэккэ хаалбыт улуустар хаһыаттарын устуоруйалара, үлэлэрэ ситэ сырдатыллыбата. Ону итэҕэс быһыытынан билинэн туран, инникитин бу кинигэ иккис чааһын бары биир сүбэнэн, өссө кэҥээн, кыаҕыран сиһилии ис хоһоонноон бэлэмнээн таһаарыаҕыҥ диэн этиилээхпит.

— Уйбаан Уйбаанабыс, саха нассынаалынай бэчээтин устуоруйатын, сайдыытын туһунан дириҥ хорутуулаах кэпсээниҥ иһин махтанабыт.

What’s your Reaction?
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Сонуннар
  • Сүрүн

Ил Дархан Арассыыйаҕа Ийэ күнүнэн эҕэрдэлээтэ

Ил Дархан Айсен Николаев Саха Өрөспүүбүлүкэтин салалтатын уонна тус бэйэтин аатыттан Ийэ күнүнэн  эҕэрдэлээтэ. -…

10 минут ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Бүгүн сорох сиринэн хаар түһүөҕэ

Бүгүн, сэтинньи 24 күнүгэр, өрөспүүбүлүкэ арҕаа, соҕуруу өттүгэр  хаардыаҕа, сорох сиринэн сөкүүндэҕэ 9-14 м. түргэннээх…

1 час ago
  • Култуура
  • Сонуннар

Көрөөччү санаата: «Кэрэҕэ тигистибит»

Кылаан Кындыл алгыһынан, тойугунан арыйда. ''Сэргэлээх уоттара'' култуура киинигэр эдэр ырыаһыт Иоганн Матвеев бастакы айар…

12 часов ago
  • Култуура
  • Сонуннар

Тылгынылар Иоганн Матвеевка 100 тыһыынча солкуобайы бэлэх ууннулар

Бүгүн саха эстрадатын чаҕылхай сулуһа Иоганн Матвеев бастакы кэнсиэрэ буолла. Талааннаах уолларын биир дойдулаахтара, Бүлүү…

13 часов ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Атамайга уһуйаан үбүлүөйүн үөрүүлээх тэрээһинэ

Горнай улууһугар Атамайга "Радуга" уһуйаан тэриллибитэ 65 сылын бэлиэтиир тэрээһин өрө көтөҕүллүүлээхтик буолла. Бу күн…

14 часов ago
  • Сонуннар
  • Сүбэһит
  • Уопсастыба

Кырачаан ханнык өҥү ордороруй?

Оҕо уруһуйугар болҕомтоҕутун ууруҥ диэн психологтар сүбэлииллэр.  Баһыйар өҥүнэн оҕо уйулҕатын туругун быһаарыахха сөп диэн…

15 часов ago