Салгыы
Уйгууна: «Эйэлээх олох туһугар»

Уйгууна: «Эйэлээх олох туһугар»

Ааптар:
26.10.2022, 22:05
Бөлөххө киир:

“Саха сирэ” хаһыат (sakha-sire.ru) хорсун-хоодуот буойуттарбытыгар анаан, дойдуга бэриниилээх буолууга иитэр соруктаах хоһоон куонкуруһун биллэрбитэ.

Куонкуруспут 50-с кыттааччыта Мэҥэ Хаҥаластан Тихонова Анисия Николаевна-Уйгууна:

 ЭЙЭЛЭЭХ ОЛОХ ТУҺУГАР

Эйэлээх олоҕу аймааннар,

Сэрии буолла дэстилэр.

Эдэр хоһуун уоланнар,

Бэбиэскэ тутан бардылар.

Оо, ханнаҕыный эйэ холууба?

Төнүннэр үтүө кэммитин.

Уоскут аймаммыт сүрэхпитин,

Харыстаа кынаккын тэнитэн

Эр санаалаах уолаттар,

Көмүскүүллэр ийэ дойдуну.

Эйэлээх олох туһугар,

Кыргыһыы хонуутугар сылдьаллар.

Эргиллэн кэлиэххит эһиги,

Үөрүүнү, дьолу аҕалан.

Эрэллээхпит онно биһи,

Күүстээх биир санаанан.

Уоскуйуоҕа уйан, ийэ сүрэҕэ,

Дьоллоох олохпут кэлиэҕэ.

Сырдык күммүт тыгыаҕа,

Эйэ холууба көтүөҕэ.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
22 октября
  • -19°C
  • Ощущается: -19°Влажность: 84% Скорость ветра: 1 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: