1992 сыллаахха СГУ саха тылын уонна култууратын факультетын иһинэн Уйулҕа хаапыдырата аһыллыбыта.
Маныаха учуонай Анастасия Оконешникова улахан оруоллаах. Саха омугу сайыннарар аналлаах факультет иһигэр төрөөбүтэ уйулҕа хаапыдырата. Онтон күүһүн-уоҕун ылан уйулҕа салаата арыллыбыта (1996), салгыы силигэ ситэн, кыаҕыран туһунан аны уйулҕа факультета буолан ньиргийбитэ (2002). Ол кэмҥэ мин үрдүк үөрүүбүн «Саха сирэ» хаһыатыгар «Чолбон сулустуу сандаарыччы…» диэн ыстатыйанан үллэстибитим. Үөрэх кыһата онтон салгыы уйулҕа үнүстүүтэ буола үүммүтэ. Анастасия Петровна үтүөтүнэн Саха сиригэр уйулҕа үөрэҕэ, билимэ олоҥхо Аал-Луук маһын кэриэтэ сэриэдийэ үүммүтэ, чэлгийэ сайдыбыта, бөҕөргөөбүтэ. Бу барыта Анастасия Петровна өркөн өйүттэн, тыыннаах толкуйуттан төрөөн, ирдэбилгэ сөп түбэһэн, Арассыыйа уһук Хоту дойдутугар уйулҕа үнүстүтүүтэ күн сирин көрөн, Сахатын сиригэр үйэлэргэ сүппэт сүдү бэлэҕи хаалларбыта. Факультет үлэтэ күөстүү оргуйбута Москуба, Петербург курдук сүдү уйулҕа билимин үрдүк үөрэх кыһаларын кытта ыкса сомоҕолоһон үлэлээбитэ.
Саха омук дьолугар төрөөбүт Анастасия Оконешникова Аҕа дойду сэриитин кэмигэр Чурапчы Мугудайыгар күн сирин көрөн, олох ыараханын этинэн-хаанынан билбитэ. Кыра кыыс үөрэххэ тардыһыылааҕа биллэн, оскуоланы бүтэрээт, соҕуруу Пермь куоракка үрдүк үөрэх кыһатыгар идэ ыла тиийэн баран, Вольф Мерлин учуонайга, билим уйулҕатын дуоктарыгар уйулҕа үөрэҕин чиҥэтэн үөрэппитэ, чинчийэн кандидатскайын, салгыы Москубатааҕы судаарыстыбаннай университетка докторскай истиэпэнин ситиһиилээхтик көмүскээбитэ.
Анастасия Петровнаны кытта мин бииргэ үлэлээһиммин, алтыһыыбын Дьылҕам бэлэҕэ диэн саныыбын. Үлэни өрө тутан, кэлэктииби биир халыыпка кутан сомоҕолуур уонна хамсатар күүстээх салайааччы далбар этэ.
1992 сыллаахха Оконешникова А.П. «Эркээйи» программатын таҥсыбыт буолан, оҕо иитиигэр суолта биэрэрэ, бэрт сылаас сыһыаннаах этэ. Анастасия Петровна үөрэнээччиттэн саҕалаан, устудьуоҥҥа тиийэ иитии үлэҕэ болҕомтотун уурара. Устудьуон кыһалҕатын дэбигистик быһаарсара, эдэр ыччат кинини олус сөбүлүүрэ. Үүрдүк үөрэх кыһатыгар ыччаты иитии үлэтэ барыахтаах диирэ.
Анастасия Петровна сүрэҕэ-быара сытара норуота сайдарыгар. Билигин кини туйаҕын хатаран өр сылга бииргэ үлэлээбит кэллиэгэтэ, уйулҕа билимин учуонайа Аида Егорова уйулҕа үнүстүтүүтүн сайыннарар. Анастасия Петровна төһө да биһиги кэккэбитигэр суох да буоллар, өрүү тыыннаах үлэтинэн, билиминэн, саханы сайыннарыытынан, аатын үйэтитэн уйулҕа үнүстүүтүгэр билим кэмпириэнсийэтэ ыытыллыбыта, мусуой-кэбиниэт үөрүүлээх быһыыга-майгыга арыллыбыта. Аны кин туһунан кинигэ тахсыахтаах. Кэллиэгэтэ Ирина Саввина дойдутун дьонун кытта ситимниир үлэни ыытар.
«Сүдү саха сүппэт» диилэригэр итэҕэйэбин. Билигин бу хамсык ыарыы кэмигэр, сэрии саллааттарыгар, ускул-тэскил олохтоммут дьоҥҥо, аһыы утахха, наркотикка суутуллубут сахаларга психология үөрэҕэ олус да наадалаах буолла. 21-с үйэҕэ олох ирдэбилинэн тэрилтэлэргэ уйулҕаһыт көрүллэр буолла. Анастасия Оконешникова кыраҕы хараҕынан анааран инникибитин өтө көрбүт эбит Кини тэрийэн хаалларбыт уйулҕа идэтин араас хайысхалара норуотугар туһалаах да буолла. Чолбон сулустуу сандаардар сырдыктык суолбутун, алгыстыыр аартыкпытын, уйулҕабыт уоскутар уратытык…
Тамара ЕГОРОВА,
СӨ үөрэҕириитин туйгуна,
удьуор учуутал,
Дьокуускай к.
Быйылгы 2025 сыллаах Оһуокайбыт Аар Дархан этээччибит, сүүс сааһыгар үктэнэрэ аҕыйах сыл эрэ хаалбыт ытык…
Санаторийга сынньана ОМС полиһынан босхо барыахха сөп. Ол туһуттан терапевтан направление ылар наада диэн объясняем.рф…
Ааспыт сыл ахсынньы 10-12 күннэригэр Москваҕа «Космос» конгресс-кииҥҥэ XXXIV төгүлүн ыытыллар Бүтүн Арассыыйатааҕы үөрэнээччилэр кэмпириэнсийэлэрэ буолан…
Билиҥҥи кэмҥэ үгүс дьон Баҕа санаа хаартатын оҥорорунан үлүһүйдэ. Баҕа санааҕын барытын толорор үһү диэн…
Бүгүн, тохсунньу 5 күнүгэр, СӨ Быыһыыр сулууспата Орто Халымаҕа массыынанан айаннаан иһэр оҕолоох дьон сүппүттэрин…
Дьокуускайтан Эдьигээҥҥэ АН-26 сөмөлүөт хочуолунай үлэтин сөргүтэргэ саппаас чаастары илдьэ көтүөҕэ. Бу туһунан СӨ бырабыыталыстыбатын…