Уйулҕа исписэлиистэрэ байыаннай дьайыыга сылдьар байыастар дьиэ кэргэннэригэр сүбэ-ама биэрэллэр
Сарсын, от ыйын 8 күнүгэр, Дьиэ кэргэн күнэ бэлиэтэнэр. Бу чэрчитинэн, ити күн Өрөспүүбүлүкэтээҕи психологическай киин исписэлиистэрэ байыаннай дьайыы кыттыылаахтарын уонна бэтэрээннэрин дьиэ кэргэннэригэр сүбэ-ама биэрэн кэпсэтиэхтэрэ.
Бу туһунан Киин дириэктэрэ Владимир Скрябин иһитиннэрдэ. Кини бэлиэтээн эппитинэн, байыаннай дьайыы кыттыылаахтарын өйүүргэ тустаах психологическай көмө салгыы тохтоло суох ыытыллар. Байыаннай дьайыы ыытыллыаҕыттан Киин бары салаалара, бары байыаннай госпиталлары хабан туран, 8070 консультацияны тэрийбиттэр.
«Бу нэдиэлэҕэ көһө сылдьар биригээдэ Ростов-на Дону баар байыаннай госпитальга үлэлии бардылар. Ый устата үлэлиэхтэрэ», – диэн Владимир Скрябин эттэ. Бу күннэргэ Алдан филиалын психологтара байыаннай дьайыы кыттыылаахтарын дьиэ кэргэттэрин кытта көрсөн кэпсэттилэр. Ону тэҥэ, Бүлүүтээҕи филиал исписэлиистэрэ Илиҥҥи байыаннай уокурукка сулууспалыы сылдьааччыларга онлайн эрэсииминэн сүбэ-ама биэрдилэр.
Санатар буоллахха, санааларын этиэн, этиилэрин тиэрдиэн баҕалаахтар 122 уонна 8-800-100-35-50 нүөмэрдэргэ эрийиэхтэрин сөп. Ону тэҥэ, көрсөн кэпсэтиэн баҕалаахтар 31-91-09 нүөмэргэ эрийэн эрдэттэн суруттарыахтарын сөп.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: