Уйулҕа үлэһиттэрэ: буойуттар дьиэ кэргэттэригэр көмөлөрө улахан

Share

Байыаннай дьайыылар бара турар сирдэригэр кытта барыыга бэбиэскэ туппут дьонноох дьиэ кэргэттэргэ, буойуттар чугас дьонноругар, ордук ийэлэригэр, кэргэннэригэр, оҕолоругар, ыраас күннээх халлааҥҥа эмискэ этиҥ эппитинии, ыксаллаах быһыы-майгы, санаа-оноо муунтуруута, куттаныыта ханна барыай… Маннык түгэҥҥэ нэһилиэнньэҕэ психологическай көмөнү оҥорор Өрөспүүбүлүкэтээҕи киин уонна кини улуустааҕы исписэлиистэрэ тутатына сөптөөх көмө оҥоруулара улахан өйөбүл буолла. Ол туһунан байыаннай эпэрээссийэҕэ кытта сылдьар буойуттар ийэлэрэ, кэргэннэрэ бу курдук кэпсииллэр.

Байыаннай эпэрээссийэҕэ кытта сылдьар буойун ийэтэ:
— Улахан уолум 2000 сыл төрүөх. Кини балаҕан ыйын 27 күнүгэр бэбиэскэ тутан, байыаннай эпэрээссийэҕэ кытта барбыта. Бу улахан уолум кэнниттэн үс оҕолоохпун: улаханым устудьуон, кыраларым оскуолаҕа үөрэнэллэр. Оҕолорбун соҕотоҕун иитэр ийэбин.
Бу маннык ыарахан кэмҥэ миэхэ Өрөспүүбүлүкэтээҕи психологическай киин Уус-Алданнааҕы филиалын психологтара өйөбүл буолбуттара. Кинилэр биһиэхэ санаа-оноо, уйулҕа бөҕөх буолуутугар уонна оҕобут байыаннай быһыы-майгы усулуобуйатыгар хайдах-туох сылдьар диэн санаа баттыга буолууттан босхолонууга наһаа үчүгэй көмөнү оҥордулар. Чахчы үчүгэй исписэлиис кыргыттар. Кинилэр үөрэ-көтө, мичилийэ сылдьалларыттан киһи аҥаардас көрөн да уоскуйар… Бу кыргыттарбар баҕарыам этэ доруобуйаны, дьолу, ситиһиини!

Байыаннай эпэрээссийэҕэ кытта сылдьар буойун ийэтэ:
— Сэтинньи ый 24 күнүгэр Мэҥэ Ханалас улууһун Хара бөһүөлэгэр кулууппутугар кэлэн, биһиэхэ Өрөспүүбүлүкэтээҕи психологическай киин үлэһиттэрэ көмө оҥорбуттара. Уйулҕа үөрэхтээхтэрэ биһигини, кэргэттэри, ийэлэри, оҕолорбут тустарыгар ыарык-баттык буола сылдьар санааларбытыттан босхолонуу араас ньымаларыгар үөрэттилэр. Бэйэм ордук метафорическай каартаны кытта үлэлэһэн астынным, дуоһуйдум. Миэдик идэлээх буоламмын, уйулҕаҕа чугаспын, киһи санаата олус күүстээх диэни билэбин. Онон исписэлиистэр көмөлөрүнэн бу кэмҥэ биһиги санаабытын-онообутун сааһыллынныбыт, эрэлбит үрдээтэ. Долгуйуу уонна куттал намтаан, олус чэпчээммит улахан махталбытын биллэрэн туран, барыбытыгар доруобуйаны, тулууру, күүстээх санааны баҕарабын!

What’s your Reaction?
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Оҕо саас сыла
  • Сонуннар
  • Сүрүн

Ил Дархан Харыйата  буолан ааста

Бүгүн Саха цииркэтигэр сылга биирдэ ыытыллар дьоро күн буолла – Ил Дархан үгэскэ кубулуйбут Харыйата.…

1 час ago
  • Быһылаан
  • Сонуннар

Дьокуускайга итирик кыыс харах балыыһатыгар айдаан таһаарбыт

Дьокуускайга итирик кыыс харах балыыһатыгар айдаан таһаарбыт. Санаттахха,  суһал офтальмологическай көмө киинигэр 30 саастаах кыыс…

2 часа ago
  • Сонуннар
  • Спорт
  • Уопсастыба

Аан дойду абсолютнай чөмпүйүөнэ эдэр мадьыныга хоттордо

Баһылай Манчаары аатынан "Модун" успуорт национальнай көрүҥнэрин киинигэр Федор Дегтярев аатынан СӨ мас-рестлиҥҥэ абсолютнай чөмпүйэнээт…

2 часа ago
  • Сонуннар
  • Сүрүн

“Биисинэс-Экспо” быыстапка – урбаанньыт сулустаах чааһа

Урбаанньыттары уонна бэйэ дьыалатынан дьарыктанааччы дьону түмэр "Биисинэс-Экспо” быыстапка сылтан сыл аайы ыытар үлэтэ киэҥ…

2 часа ago
  • Сонуннар
  • Сүрүн

Ил Дархан харыйата — 10 бастыҥ үөрэнээччи

Бүгүн, ахсынньы 21 күнүгэр, Саха сирин бриллиантовай циркэтигэр 20-с төгүлүн  өрөспүүбүлүкэҕэ баһылык харыйата буолла. Айсен…

3 часа ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Көхтөөх Күндээдэҕэ

Ньурба улууһугар Күндээдэ биир улахан, көхтөөх нэһилиэк. Манна 700-тэн тахса киһи олорор. Федеральнай суол Бүлүү…

3 часа ago