Салгыы
Уйулҕаны харыстыырга көмөлөһөллөр

Уйулҕаны харыстыырга көмөлөһөллөр

Ааптар:
25.07.2023, 12:30
Мария Васильева хаартыската, СИА.
Бөлөххө киир:

Өрөспүүбүлүкэтээҕи психологическай көмөнү оҥорор киин исписэлиистэрэ байыаннай сулууспалаахтарга уонна кинилэр дьиэ кэргэттэригэр уйулҕа туругун чөлүгэр түһэриигэ көмөлөрүн уонна бу хайысхаҕа ыытар үлэлэрин туһунан Киин дириэктэрэ Владимир Скрябин иһитиннэрэр.

— Өрөспүүбүлүкэтээҕи психологическай көмөнү оҥорор киин исписэлиистэрэ 2022 сыл кулун тутарыттан 2023 сыл от ыйыгар диэри кэм устатыгар байыаннай сулууспалаахтарга уонна кинилэр дьиэ кэргэттэригэр уйулҕа туругун чөлүгэр түһэриигэ 9000-тан тахса өҥөнү оҥордулар. Маны сэргэ Өрөспүүбүлүкэтээҕи психологическай көмөнү оҥорор кииҥҥэ уонна киин филиалларыгар ийэлэр уонна кэргэттэр бөлөхтөрүгэр бэйэ уйулҕатын харыстыырга туһаайыллыбыт өй-санаа өттүнэн тууйуллууну, ыгыллыыны уоскутууга, санаа туругун чэбдигирдиигэ, бэйэ ис туругун сатаан салайынар дьоҕурга үөрэтэр ис хоһоонноох бырагыраамалар үлэлээн эрэллэр.

Кииммит байыаннай эпэрээссийэ кыттыылаахтарын өйүүр «Аҕа дойдуну көмүскээччилэр» судаарыстыбаннай пуонда эрэгийиэннээҕи салаатын исписэлиистэригэр үөрэтэр сыаллаах бастакы психологическай дьарыгы ыытта. Үөрэтии бырагырааматыгар бэйэ өйүн-санаатын туругун өрө тардыныы ньымаларыгар, санаа түһүүтүн сэрэтэр, тус санааны-оноону үллэстэр дьоҕуру сайыннарыы, эчэйии, бааһырыы кэнниттэн уйулҕаҕа оҕустарыы туругуттан тахсыыга үлэлээһиҥҥэ туһалаах сүбэлэрдээх дьарыктар киирэллэр.

Киин иһинэн байыаннай сулууспалаахтарга бастакы психологическай өйөбүлү оҥорууга үлэлиир чат-бот нүөмэрэ: 8-800-100-35-50. Маны сэргэ 122 эбэтэр 8-800-100-35-50 нүөмэрдэргэ эрийэн кэпсэтиэххэ сөп. Сирэй көмөнү, сүбэни ылыыга 31-91-09 нүөмэринэн, ону таһынан улуустарга байыаннай сулуспалаахтарга уонна кинилэр дьиэ кэргэттэригэр көмөлөһүүгэ тэриллибит оперативнай бөлөхтөртөн көмө ылыахха сөп.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
15 января
  • -40°C
  • Ощущается: -47°Влажность: 67% Скорость ветра: 3 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: