Украина саба түһүүтүгэр Арассыыйа кытаанахтык хардарда
Украина сэбилэниилээх күүстэрэ бэс ыйын 4 күнүттэн улахан саба түһүүгэ киирбиттэрэ. РФ бэрэсидьиэнэ Владимир Путин байыаннай дьайыылар хас да сиринэн буола туралларын, Украина туруоруммут сыалын-соругун кыайан сиппэтэҕин, ханнык да пууну ылбатаҕын бэҕэһээ байыаннай суруналыыстары кытары көрсүһүүтүгэр иһитиннэрдэ.
Владимир Путин эппитинэн, бу байыаннай дьайыы саҕаланыаҕыттан улахан саба түһүү.
— Кырдьык, байыаннай операция саҕаланыаҕыттан биһиги саба түһүүгэ улаханнык эппиэттэстибит. Манна туһуламмыт хаһаас тиэхиньикэлэрбитин таһаардыбыт. Билигин да бу контратаака бара турар. Шахтер, Времевка, Запорожье хайысхаларынан саба түһэ сатыыллар. Ол эрээри ханнык да учаастакка утарылаһааччыларбыт бэйэлэрин сыалларын сиппэтилэр. Кинилэр өттүлэриттэн структуралара да алдьанна, састааптарыгар да улахан эчэйиини ыллылар. Хаһан баҕарар саба түһээччи элбэх сүтүгү көрсөр. Аҥаардас тиэхиньикэлэринэн аахтахха, Украина 160-тан тахса тааҥкатын, 360-тан тахса араас тииптээх анал бронемассыыналарын сүтэрдэ. Ити, мин ааҕыыбынан, тастан киирбит тиэхиньикэ 25-30 бырыһыанын ылар. Хомойуох иһин, биһиги өттүбүтүттэн эмиэ сүтүктэр бааллар, ол эрээри Украинаттан уон төгүл аҕыйах. Бу туһунан Оборуона министиэристибэтэ дакылааттыаҕа, — диэн иһитиннэрдэ Владимир Путин.
Бэрэсидьиэн Арассыыйа террористическэй ньыманы хаһан да туһамматаҕын, бу ньэгэй быһыы буоларын эттэ.
— Украина билиҥҥи салалтатын курдук биһиги террористическэй ньыманы туһанар санаабыт суох. Биһиги судаарыстыба буоларбыт быһыытынан дьыаланы атыннык быһаарабыт. Кинилэр эрэсииминэн олороллор, араас контрразведкалары ыыталлар. Биһиги быраабы харыстыыр, анал сулууспаларбыт үлэлэрин күүһүрдэбит, — диэн бэлиэтиир.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: