Украина түүрэйи салгыы тэрийэр түгэнигэр, Киев тоһун ылыаҕа

Share

Владимир Путин өскөтүн Украина түүрэйи салгыы тэрийэр түгэнигэр, Киев тоһун ылыаҕа диэн сэрэттэ. 

Бүгүн сарсыарда Украина энэргиэтикэҕэ, сибээскэ уонна байыаннай эбийиэктэригэр кэккэ ытыалааһын оҥоһулунна. Владимир Путин Украина былааһа РФ сиригэр-уотугар түүрэйи салгыы оҥорор буоллаҕына, онно кытаанах хоруй оҥоһуллуоҕа диэн Арассыыйаҕа куттал суох буолууга Сэбиэтин суһал мунньаҕар иһитиннэрдэ.

«Арассыыйа кытаанах хоруйу оҥоруоҕа, ол Арассыыйаҕа хайдах-туох таһымнаах кутталы үөскэппиттэригэр тэҥ буолуоҕа», — диэн Владимир Путин быһаарда. Бэрэсидьиэн Киев эрэсиимэ бу күннэргэ оҥорбут  дьайыыларынан аан дойдутааҕы түүрэйи оҥорооччулары кытта биир таһымҥа тиийбитин уонна онно эппиэтэ суох хаалар хайдах да сатамматын туһунан эттэ.

Владимир Путин: «Бүгүн сарсыарда РФ Оборуонаҕа министиэристибэтэ уонна Генеральнай ыстаап быһаарыыларынан Арассыыйа Украина энэргиэтикэҕэ, байыаннай уонна сибээс эбийиэктэригэр  кэккэ  байыаннай ыытыылары оҥордо»— диэн иһитиннэрдэ. Бэрэсидьиэн  РФ Оборуонаҕа миниистирэ Сергей Шойгуга бойобуой ытыы, охсуу түмүгүн иһитиннэрэригэр сорудахтаата.

What’s your Reaction?
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Быһылаан

Дьокуускайга кыбартыыра умайан, биэс киһи эчэйдэ

Бүгүн, ахсынньы 15 күнүгэр, Дьокуускайга 36 кв.м. иэннээх кыбартыыраҕа баһаар буолла. Өлбүттэр суохтар, биэс киһи…

8 часов ago
  • Сонуннар
  • Сүрүн

Олох амтанын сүтэримэҥ

Оҕо эрдэххэ дьаабылыка сыта, мандарин амтана наһаа да минньигэс уонна ураты буолара. Саҥа дьыл үөрүүтүн,…

12 часов ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Өлүүнү кыайбыт улуу саллаат

Сыл – хонук. Номнуо үйэ чиэппэрэ ааһа охсубут.  Оттон киэн туттан бүгүн кэпсээри  оҥостор  киһибит …

13 часов ago
  • Сонуннар
  • Тыа хаһаайыстыбата

Одунуга айрширскай боруодалаах бастакы ньирэй күн сирин көрдө

Горнай улууһун Одуну нэһилиэгэр айрширскай боруодалаах ынах бастакы ньирэйин төрөппүтүн туһунан "Үлэ күүһэ" хаһыат телеграм-ханаала…

14 часов ago
  • Култуура
  • Сонуннар

ОНЛАЙН: Сахалыы киинэлэри босхо көрүҥ

"Сахафильм" киинэ хампаанньата уонна СӨ Национальнай бибилэтиэкэ 10 сахалыы киинэни босхо көрдөрөллөр. "Киинэни ааҕабыт!" аахсыйа…

14 часов ago
  • Сонуннар
  • Сүрүн

Саха киинэтэ салгыы хайдах сайдыаҕай?

Саха киинэтэ 1990 сылтан силис-мутук тардар. Бу сыл “Северфильм” киинэ устуудьуйата тэриллибитэ, ол 1992 сыллаахха…

14 часов ago