Салгыы
Украина уонна украинецтар

Украина уонна украинецтар

Ааптар:
05.11.2022, 11:35
Бөлөххө киир:
Дойду үөскээһинин туһунан

 Николай Гоголь “Тарас Бульба” айымньытын сүрүн геройдарынан сирэйдээн өй уонна сүрэх уостубат мөккүөрүн, таптал уонна Ийэ дойдуга иһирэх сыһыан, Ытык иэс уонна таҥнарыы өйдөбүллэрин утарыта турууларын трагедиятын кэпсиир. Кини биир хааннаах аймах дьон бэйэ-бэйэлэрин кытта кыргыһар кыһалҕаҕа күһэллиилэрин ойуулаан, билигин Украинаҕа буола турар быһыыны-майгыны үйэлэри нөҥүөлээн өтө көрөн суруйбут диэн сыаналыыбын.

Бары өйдүүрбүт курдук, 1991 сыллаахха диэри «бырааттыы» дэнэр 15 өрөспүүбүлүкэ бары холбоһон Сэбиэскэй Сойуус диэн биир модун дойду буолан, аар-­саарга аатыран олорбуппут. Кэлин бу өрөспүүбүлүкэлэр ыһыллан, тус туспа дьылҕалаах судаарыстыбаларга кубулуйбуттара.

Бүгүҥҥү суруйуубар аан дойдуну атыйахтаах уу курдук ай­маабыт биһиги дойдубут уонна Украина икки ардыгар буола турар сэбилэниилээх иирсээн төрүөттэрин туһунан бэйэм са­­нааларбын суруйарга холонуом.

Украина судаарыстыба быһыытынан тэриллиитэ олус уустук процесс этэ. Итини киһи ылла-ылбычча дэбигэс өйдөөбөт. Кини билиҥҥи историятын, биһиги дойдубутун утары сэбилэ­ниилээх иирсээнин төрүөттэрин тула кэпсэтиэх иннинэ бу боппуруос үс өрүтүн тэҥҥэ тутан ырытар наада: дойду аата үөскээһинэ, украинец диэн омук хаһан уонна хантан баар буолбута, судаарыстыба быһыытынан тэриллиитэ.

Дойду уонна судаарыстыба туһунан

Бастатан туран, дойду уонна судаарыстыба диэн өйдөбүллэри кылгастык ырытыһан чопчулаһыах. Общество уонна быраап сайдыытын үөрэтэр билим (наука) хайысхалара бигэргэтэллэринэн, бу икки тыллар дэбигис санаатахха биир курдуктар эрээри, ис иһигэр киирдэххэ, уратылаһар өйдөбүллээхтэр.

Дойду диэн биир туспа омук, эбэтэр бэйэ бэйэлэрин кытта ыкса ситимнээх култуура­лаах уонна историялаах хас да омуктар бииргэ түптээн олохсу­йан олорор сирдэрэ (географи­ческай территория). Бу террито­рияҕа олохтоох дьон уопсай ахсаана, кинилэр тыллара, итэ­ҕэллэрэ, биир өйдөөх-санаалаах буолуулара (ментальность), култуураларын уонна духуобунастарын ситимэ, хас эмэ көлүөнэ тухары бииргэ олорон кэлбит историялара, олорор сирдэрин ураты айылҕата, баайа-дуола – бу өйдөбүллэр барылара дойдуну уонна манна олохтоох дьону омугуттан тутулуга суох биир ньыгыл туруктууллар.

Оттон судаарыстыба биир халыып суут-сокуон тутуһуллар, дьон-сэргэ билинэр уонна бэринэр араас көрүҥнээх уонна таһымнаах салайар, дьаһайар уорганнардаах ураты тиһилик былаастаах, чопчуламмыт кыраныыссалаах территория буолар. Кини дойдуга бэрээдэк тутуһуллуутун араҥаччылыыр сулуус­палардаах, тас өстөөхтөртөн көмүскүүргэ анаммыт сэбилэниилээх күүстэрдээх. Ол аата, судаарыстыба өйдөбүлэ дойду өйдөбүлүн сэргэ, олохтоохтору түмэр, дьаһайар уонна салайар салалта ситимин эмиэ хабар.

Холобура, Речь Посполитая диэн судаарыстыба Польша уонна Литва холбоһуктарыттан турара. Кини састаабыгар Украина арҕаа эҥэрэ, Молдавия, Белоруссия, Латвия, Эстония, Словакия курдук дойдулар сирдэрэ киирэллэрэ.

Дойду уонна судаарыстыба сүрүн уратылара – бэйэни бас билинии уонна тутулуга суох буолуу (суверенность). Ыйыллыбыт холобуртан көстөрүнэн, судаарыстыба атыттартан тутулуга суох буоллаҕына эрэ толору судаарыстыба дэнэр кыахтаах. Оттон дойду бэйэтин бас билиммэт эбэтэр атын судаарыстыбаттан быһаччы тутулуктаах буо­­луон сөп. Хас да дойдуттан турар судаарыс­тыбалар эмиэ баар буолуохтарын сөп.

Украина хайдах үөскээбитэй?

История кэрэһилииринэн, Украина 1918 сылга диэри су­­даарыстыбаннаһа суоҕа. Бу дойду билиҥҥи «учуонайдара» бэйэлэрин судаарыстыбаннастарын инньэ IX-XII үйэлэрдээҕи Киевскэй Русь саҕаттан саҕа­лаан «силис тартара» сатыыллар. Ол эрээри история бу хайысхатынан сыныйан дьарыктанар исписэ­лиистэр санаалара мантан чыҥха атын.

Былыр Киевскэй Русь үөскүүрүн саҕана билиҥҥи быраат­тыы үс улахан славян этностарыттан (нууччалар, украи­нецтар, белорустар) хайалара да суоҕа. Ол оннугар бу эргин сирдэргэ элбэх ахсааннаах славян хааннаах биис-уустара тарҕанан олороллоро. Кинилэр куораттардаахтара, өрүһүнэн устар ааллардаахтара, майгыннаһар тыллаахтара, култууралаахтара, итэҕэллээхтэрэ, сайдыылаах эргиэн ситимнээхтэрэ. Ол гынан баран, кинилэр олохтоох уруулуу биис-уустарын түмэр, биир ньыгыл дойду оҥорор былаас тиһиликтэрэ суоҕа. Онтон Днепр өрүс биэрэгэр турар Киев куорат сыыйа күүһүрэн, тулаты­нааҕы аймахтыы биис-уустарын бэйэтин былааһыгар бэриннэртээн барбыта. Манна устунан, IX үйэ ортотугар Киевскэй Русь диэн аатынан биллэр нуучча былыргы су­­даарыстыбата үөскээбитэ. Аатыгар да этиллэрин курдук, Киевскэй Русь та­­йаан сытар сиригэр олорор славян биис-­уустара холбоһон, хааннарын буккуйан, православие итэ­ҕэлин ылынан, бэйэлэрин биир тыллаах, култууралаах, хаан­наах, исто­риялаах, дьылҕалаах омук быһыытынан билинэн, нуучча норуотун үөскэппиттэрэ.

XII үйэҕэ Киевскэй Русь су­­даарыстыбатын салайар киин былаас кыаҕа улам мөлтөөбүтэ. Кини састаабыгар киирэр биирдиилээн княжестволар күүһүрэннэр, кинилэр икки ардыларыгар өс-саас дириҥээн барбыта. Устунан бу дойду тус туспа феодальнай княжестволарга үрэллибитэ уонна бэйэтин судаарыстыбаннаһын сүтэрбитэ. Киеви монголлар сэриилээн ылан урусхаллаабыттара. Онон кини урукку кэрэ сэбэрэтэ, дойду киинин быһыытынан суолтата, модун кыаҕа суох буолбута.

Бу кэмҥэ Киевскэй Русь бас билэн олорбут сирин илин өттүгэр Москва диэн киин куорат­таах княжество биллэрдик кыаҕырбыта. Кини чугастааҕы атын княжестволары бэйэтигэр бас бэриннэрэн, сирин-уотун кэҥэттэн нуучча саҥа модун судаарыстыбатын үөскэппитэ.

Оттон Киевскэй Русь арҕаа эҥээрэ хас да тулалаан сытар атын судаарыстыбалар бас би­лиилэригэр киирбитэ. Кини маннык туруктаах олоҕо биэс үйэ тухары салҕанан барбыта. Дойду сирин үксэ Речь Посполитая диэн судаарыстыба бас билиитигэр киирэрэ. Манна поляктар уонна литовецтар баһылаан олороллоро, кинилэр поляктыы саҥарары ирдииллэрэ, католиктыы итэҕэли соҥнууллара. Олохтоохтор маннык быһыыны-майгыны уһуннук тулуйбатахтара, 1648 сыллаахха Днепр өрүс харгыларын эргин олорор запорожье хаһаахтара Речь Посполитайы утары өрө турбуттара. Бастаанньаһыттар поляк сэрииһиттэрин кытта кыргыһыыларга кэккэ ситиһиилэммиттэрэ эрээри, кинилэр кэлэр өттүгэр улахан судаарыстыбаны утары уһуннук туруулаһар кыахтара суоҕа. Ол иһин 1654 сыллаахха Украина гетмана Богдан Хмельницкай дойду Днепр орто тардыытыгар сытар эҥээрэ уруулуу Нуучча судаарыстыбатыгар көҥүл өттүнэн киирэрин туһунан биллэрбитэ. Онон Украина билиҥҥи Кировоградскай уонна Днепропетровскай уобаластарын сирдэрэ Арассыыйа сас­таабыгар киирбитэ. Оттон дойду арҕаа эҥээрэ Арассыыйаҕа XVIII үйэ ортотугар Екатерина II сала­йан олордоҕуна холбонуллубута. Түмүгэр Арассыыйа састаабыгар хаһаахтар бэйэлэрэ салайынар, «Гетманщина» дэнэр автономиялара үөскээбитэ.

20-с үйэҕэ кэҥээһинэ

Ол кэмтэн ылата 1917 сылга диэри ыраахтааҕылаах Арассыыйа көмөтүнэн кыракый Украинабыт иэнэ балачча кэҥээбитэ. Кини састаабыгар Полтавскай, Сумскай, Черкасскай, Черни­говскай, Киевскэй, Винниц­кэй, Житомирскай, Ровненскай, Хмельницкэй, Тернопольскай, Волынскай уобаластар киирбиттэрэ. Ол эрээри Арассыыйа Украинаны чөллөй (целостнай) дойду, эбэтэр национальнай субъект быһыытынан билиммэт этэ. Бу сир Малороссия уонна Новороссия диэн регионнарга арахсан олорбута.

1917 сыллаахха Олунньутааҕы өрөбөлүүссүйэ кэнниттэн Украинаҕа Симон Петлюра атамаан салайааччылаах нацио­налистар былааска кэлбиттэрэ. Кинилэр Малороссия уонна Новороссия губернияларын холбоон Украина Народнай өрөспүүбүлүкэтин (УНӨ) олох­тообуттара.

Сотору кэминэн 1918 сыл­лаахха Австро-Венгрия империята үрэллибитэ. Кини састаабыгар киирэ сылдьыбыт Арҕаа Украина туспа өрөспүүбүлүкэ тэринэргэ уонна УНӨ кытта холбоһорго соруммута да, ол табыллыбатаҕа. Арҕаа Украинаны Польша баһылаабыта. Оттон УНӨ гражданскай сэрии кутаата тоҕо солообута. Ол кэнниттэн Украина ССРС састаабыгар сойууһунай өрөспүүбүлүкэ буолан киирбитэ. Бу кэмҥэ Украинаҕа Харьков, Луганскай, Донецкай, Запорожскай, Херсон, Одесса, Николаевскай уобаластар сирдэрэ Арассыыйаттан араарыллан сыһыарыллыбыттара.

Кэлин Аҕа дойду Улуу сэрии­тин аҕай иннинэ уонна сэрии бүтүүтэ Украинаҕа Львовскай, Закарпатскай, Ивано-Франковскай уонна Черновицкай уобаластар холбоммуттара. Кэлин 1954 сыллаахха Н.С. Хрущев быһаарыытынан киниэхэ Крым автономнай өрөспүүбүлүкэтэ эбии бэриллибитэ.

1991 сыллаахха ССРС ыһыллыытыгар Украина «бэлэхтэммит» территориялары илдьэ арахсыбыта, тутулуга суох судаарыстыба буолбута.

Билиҥҥи Украина дойду быһыытынан сирэ-уота тэриллиитэ Арассыыйа судаарыстыбатын көмөтүнэн уонна кини суотугар оҥоһуллубута диэн бигэтик этэр оруннаах.

Салгыы украинец омук хайдах үөскээбитин туһунан бэчээттэниэ.

(Салгыыта бэчээттэниэ)

Күүлэкээн.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
4 декабря
  • -26°C
  • Ощущается: -33°Влажность: 76% Скорость ветра: 2 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: