Украинаҕа сүтүк төһөнүй?
Украина бойобуой дьайыыларга өлбүт уонна бааһырбыт 124,5 тыһыынча киһитин сүтэрдэ диэн Reuters ааҕыныстыба суруйар. Соторутааҕыта Америка разведкатын докумуоннара интэриниэккэ тахсыбыттара, ол эрээри, бу докумуоннар дьиҥнээхтэрин дуу, соруйан таһаарбыттарын дуу, ааҕыныстыба быһаара илик.
“Украина уопсай сүтүгэр — 124 500 киһи, ол иһигэр, 15-17 тыһыынча киһи өлбүт, 109-113 тыһыынча киһи бааһырбыт” диэн ааҕыныстыба иһитиннэриитигэр этиллэр. Ону тэҥэ, бу докумуоҥҥа “сэрии уһаан, 2023 сыл кэнниттэн салҕаныаҕа” диэн этиллибит эбит.
Бу иннинэ ДНӨ баһылыгын э.т. Денис Пушилин сүбэһитэ Ян Гагин эппитинэн, аҥаардас Артемовскайга украинскай байыаннайдар 15-20 тыһыынча киһилэрин сүтэрбиттэр.
Пентагон бу разведка докумуоннара тоҕо интэриниэккэ тахсыбытын быһаарса сылдьаллар. Бу кулун тутардааҕы докумуоннарга Украина сэриилэрин туруга, АХШ уонна НАТО былааннара суруллубуттар. АХШ Үрүҥ дьиэтэ бу докумуоннар дьиҥнээхтэрин бигэргэтэртэн аккаастанна.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: