Улахан Аан – виноград дойдута
Быыстапка-дьаарбаҥка кэннэ санаалар
Дьокуускай куоракка ааспыт өрөбүллэргэ Хомсомуол болуоссатыгар үгэс буолбут тыа хаһаайыстыбатын “Ас-үөл-2022” быыстапка-дьаарбаҥката киэҥ далааһыннаахтык буолла. Манна тыа хаһаайыстыбатын табаары оҥорооччулара, пиэрмэрдэрэ, аһынан-үөлүнэн хааччыйааччылар, агро-оскуолалар, кэтэх хаһаайыстыбалар кытыннылар. Тэрээһин Саха АССР уонна СӨ Тыа хаһаайыстыбатын министиэристибэтин 100 сылларыгар ананна. Быыстапкаҕа 170 тахса тэрилтэ, хаһаайыстыба Сунтаар, Уус Алдан, Мэҥэ Хаҥалас, Хаҥалас, Үөһээ Бүлүү, Нам, Горнай, Чурапчы, Ньурба, Амма, Томпо, Бүлүү, Ленскэй, Нерюнгри, Өлүөхүмэ, Таатта улуустара, Анаабыр национальнай (долган-эбэҥки) улууһа кытыннылар.
Буолан ааспыт быыстапка-дьаарбаҥка туһунан санааларбын үллэстиэм. Киһи сонургуура туох баарый? Бастакыта – агрооскуолалар үлэлэрэ сэргэхсийбит. Хаҥалас улууһун Улахан Аан оскуолата быыстапкаҕа туруорбут экспонатыгар улахан тэриэлкэҕэ хап-хара, бөп-бөдөҥ виноград сытарын, арааһа, “Сайсары” ырыынак атыыһыттарыттан киэргэтээри атыыласпыттар дуу дии санаабытым. Сыыстарбыппын. Ол курдук, оскуола 214 кв. м иэннээх тэпилииссэтигэр соҕуруу дойду эрэ үүннэриэхтээҕин курдук саныыр винограппытын олордор буолбут. Оҕолор олордубут виноградтарыттан суок, мармелад оҥорон аҕалбыттар. Агрохайысха салайааччыта Надежда Атласова этэринэн, араас үүнээйи арассаадатын атыылаан чугастыы нэһилиэктэрин толорбуттар.
Дьоруой Попов аатынан Баатара оскуолатын агро-кылааһа быйыл үлэтин саҕалаабыт. Уонна агротуризмы тэрийэргэ холоммут. Онон норуот тапталлаах ырыаһыта Анастасия Варламова Лэбийэ алааһыттан саҕалаан аатырбыт олоҥхоһут Гаврил Колесов төрөөбүт Өргөннөөҕөр диэри ыллыгы тэлбиттэр.
Чурапчы Дириҥ агро-оскуолата быыстапкаҕа үс улахан миискэ саламааты буһарбыт, бэйэлэрэ үрүҥ килиэп оҥороллор.
Тополинайдар этэрбэстэрэ
Иккиһэ – хотулар кыттыылара. Суол-иис ырааҕыттан, билиэт сыаната ыараханыттан иҥнибэккэ “Анаабыр” МУП таба бородууксуйатын, балык арааһын астаан аҕалбыт. Хатарыллыбыт таба этин наһаа үчүгэйдик хаалыыллар эбит, онон атыылаһааччылар астыннылар. Анаабыр дьуукалата – 2600 солк., муксуун – 650 солк., ыраастаммыт чыыр – 700 солк., хатарыллыбыт эт – 1000 солк.
Томпо Тополинайын табаһыттара сиргэ-уокка олоро, сылдьа үөрүйэхтэрэ туруорбут чуумнарыттан көһүннэ, аллараанан аргыар аргыйбат, ойоҕоһуттан тыал үрбэт диэххэ сөп. Тополинайдар 30 көрүҥ иис оҥоһугу аҕалбыттар. Көрүөххүт этэ, олус кэрэ көстүүлээх дьахтар, эр киһи этэрбэстэрин, тыстан ойуулаах-билэлээх этэрбэстэри хайа бэйэлээх маастар тикпитэ буолуой? Барытын илиинэн имитэн тигэр буоланнар хаачыстыбата олус үчүгэй дииллэр.Дьаарбаҥкаҕа бэһиэ буолан кэлбиттэр. Табаттан араас аһы-үөлү астаан, эрэстэрээн курдук остуолу хотойорунан таппыттар.
Араҕас уоһахтаах Ньурба сымыыта
Үсүһүнэн – кууруссаны иитии. “Ньурбатааҕы көтөрү иитэр фабрика” АУо (гендириэктэр П.И.Гаврильев) 43000 кууруссаны иитэр. Күҥҥэ 80-нуу дьааһык сымыыты хомуйаллар. 40 үлэһиттээх тэрилтэ Чугастааҕы Үөһээ Бүлүү, Сунтаар, Бүлүү улуустарны эмиэ сымыытынан хааччыйар. Сымыыттара эчи бөдөҥүн, уоһаҕа хайдаҕын көрдөрөөрү миискэҕэ куппуттар. Быыстапканы кэрийэн көрө сылдьар Муома олохтооҕо ньурбалар сымыыттарыгар олус ымсыырда: “Сыаната чэпчэкитин, биһиэхэ баҕалаах”, – диир. Дьаарбаҥкаҕа 70 дьааһык сымыыты тиэйэн аҕалбыттар. “Биһиги антибиотигы, примеһи олох туттубаппыт “, – диир технолог Анна Михайлова. Уонна фабрика саҥа ыскылааты үлэҕэ киллэрэн, тэрээһиҥҥэ үтүө сонуннаах кэлбит.
Таастаахтан саха ынаҕын үүтэ
Төрдүһүнэн – саха ынаҕа. Нам Таастааҕыттан саха ынахтарын аҕалбыттар. Ынахтарыгар сахалыы оһуордаах киэргэли моонньуларыгар кэтэрдэннэр, саха ынаҕын көрөөрү үгүс киһи тоҕуоруйда. Ыанньыксыт уол талах олоппоһугар олордо даҕаны ыабытынан барда. “Ньирэйдэрин суохтаан, нэһиилэ иэтэллэр. Түргэнник барбыт киһи”, – диир. Ыабыт үүтүнэн көрөөччүлэри күндүлээтэ. Коза үүтүнээҕэр хойуу уонна минньигэс. Кини мустубут дьоҥҥо кэпсииринэн, күҥҥэ 6 л диэри үрүҥ илгэни ыыллар, ортотунан 4-5 лиитирэ буолар эбит. Уол кэпсээнигэр Дьааҥы Арыылааҕын олохтооҕо кыттыста. “Мин Дьааҥыга бэйэм кэтэх хаһаайыстыбабар саха ынаҕын иитэбин. Саккырыыртан ылбытым. Иитэргэ окко барыстаах, дьүдэйбэт. Атыыр оҕустаахпын, 13 саастаах”, – диэн бэрт сэргэхтик кэпсээтэ уонна бу Дьааҥыга халаан кэмигэр түөрт түүнү быһа утуйбакка манааммыт, хата, ууга барбатахпыт диэн сонунун үллэһиннэ. Онон саха ынаҕын иитии кэҥээри гыммыт диэн үөрүөххэ сөп.
Мүөт учуутала
Бэсиһинэн – мүөтү ылыы. Тыа хаһаайыстыбатын министиэристибэтин (миниистир А.П.Атласов) улахан тэрээһинигэр сылдьыбыттар элбэх киһи мүөтү атыылыырын биһирээтилэр. Ыҥырыанан дьарыктанааччылар, кырдьык, элбээбитттэр. Ыҥырыаларын аан бастаан Амур уобалаһыттан, Алтаайтан аҕалан, 2018 сылтан бу сонун хайысханан дьарыктанар Аскалон Егоров Нам Түбэйиттэн кэлбит. Кини былырыын мүөтүм элбэх этэ, быйыл куйаас буолан, нектар хойдон, мүөтүм аҕыйах диир. Былырыыҥҥы мүөтүн сааска диэри батарбыт.
Үөһээ ахтан аһарбыт Баатара агро-оскуолата АГАТУ-лары кытта бырайыактарыгар олоҕуран, мүөтүнэн дьарыктанан эрэллэр. Салайааччы Александр Борисов этэринэн, Өргөннөөххө кучу от өлгөмнүк үүнэн, мүөтү үчүгэйдик оҥорбуттар. 8 кылаас оҕолоро дьарыктанан, сэргээн, бэл, тигээйигэ тиктэрэ-тиктэрэ бу дьыалаҕа ылсыбыттар. Дьиҥэ, уол оҕоҕо сөптөөх үлэ диэн санааҕа кэлбит салайааччы.
Уус Алдан Бэйдиҥэтиттэн Игнатий Слепцов диэн 39 саастаах эдэр киһи мүөтүнэн төрдүс сылын эргинэр. “Дьиҥэ, быыстапкаҕа тыыннаах ыҥырыалары дьон эмтэнэригэр диэн аҕалыахтаах этим. Хондуруоска эҥин олус көмөлөөх. Ол эрээри ыҥырыа кыстыга биһиги тыйыс айылҕабытыгар олус ыарахан, үс сылбын кыстаттым да, үчүгэй түмүгү билиҥҥитэ ыла иликпин. Ол иһин саҥаттан Владивостоктан ылабын. Сыл ахсын 150-нуу уйаны аҕалабын. Биир уйа – 8 тыһ. солк.”, – диэн кэпсээтэ мүөтү сэҥээрээччилэргэ.
Игнатий Васильевиһы “мүөт учуутала” диэххэ сөп. Кини Сахабыт сирин араас улуустарыгар 60 киһини ыҥырыаны иитии, мүөтү ылыы уустук идэтигэр үөрэтэр, уопутун бэрсэр. Бу олус үчүгэй хамсааһын. Игнатийы Дьааҥыттан Уус Алдаҥҥа агрооскуолаҕа үлэлэтээри ыҥыран аҕалбыттар, билигин кини кулуупка дириэктэрдиир. Кулууп үлэһитэ буолара биллэр, дьону-сэргэни түмэр дьоҕурдаах.
Малинаттан пастила – бу Маҕарастан
Алтыһынан – айылҕа биэрэр быйаҥын туһаҕа таһаарыы. Горнай улууһуттан Вера Лиханова хаһаайыстыбата отонтон пастиланы оҥорор, пастилата бэртээхэй суулаах. “Быйыл хаһааҥҥытааҕар даҕаны отоҥҥо табылынныбыт, отон араас көрүҥэ барыта үүннэ. Сугуну, черниканы – Алдантан, хаптаҕаһы – Тааттаттан, Чурапчыттан, моонньоҕону Тааттаттан хомуйдум. Бу моонньоҕон барыанньатын буһаран аҕалбыппын сарсыарда атыыласпыттар эбиэттэн киэһэ өссө кэлэн ыллылар, амсайан баран хайҕаабыттар. Итинтэн ордук үчүгэй сыанабыл суох”, – диэн кэпсээтэ хаһаайыстыба баһылыга. Өссө быыстапкаҕа утуйар таҥаһы тигэн, бэрэмэдэйи эмиэ аҕалбыттар.
Икки күннээх быыстапкаттан сэгэтэн, эһиэхэ итинник кэпсээтим.
Сүрүн хаартыскаҕа: саха ынаҕа баарын тухары.
Быыстапка түгэннэриттэн.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: