Улахан экраҥҥа – «Күн кыыһа Күннэй»

Share

Алтынньыга «Саха» Национальнай көрдөрөр-иһитиннэрэр хампаанньа ханаалыгар суруйааччы, сценарист Сардаана Сивцева-Даана Сард айымньытынан режиссер Елена Эверстова хамаандата устубут «Мин таптыыр Спутнигым» сэрийээли көрдүбүт. Бу ааттыын да киһини толкуйдатар киинэ киэһэ аайы дьиэ кэргэттэри, эдэр-эмэн дьону түмэ тарта.

Биллэн турар, көрөөччүлэр санаалара араас этэ: ылыммат буолуу, сиилээһин, хайҕааһын уо.д.а. барыта баара… Ол курдук, көрөөччүлэр улахан болҕомтолорун сэри­йээл тиэмэтигэр уонна артыыстар оонньуулларыгар уурбуттара, санааларын аһаҕастык этиммиттэрэ. Итинтэн сиэттэрэн, кинилэр оонньуур артыыстары дьиҥнээх дьоруойдар эбэтэр таһынааҕы ыалларын дуу, билэр дьоннорун дуу курдук ылыналлара, долгу­йаллара көстөр.  Режиссер Елена Эверстова эппитинии, «пикантнай» түгэннэр баар буол­буттара саха менталитетыгар эмиэ соһуччу курдуга. Чахчы, сэрийээл туһунан элбэҕи этиэххэ: мөккүһүөххэ да, хайҕыахха да сөп.

Ол да буоллар, бүгүҥҥү кэпсэтиибит «Күн кыыһа Күннэй» киинэ туһунан.
Бары билэрбит курдук, сэрийээл түмүгэ аһаҕас хаалан, элбэх көрөөччүнү хомоппута, соһуппута. Ол эрэн, салгыыта «Күн кыыһа Күннэй» диэн киинэ буолан улахан экраҥҥа тахсыахтааҕын бары билэрбит, долгуйа күүппүппүт. Дьиҥэр, маннык сэрийээллэр түмүктэрин киинэ оҥорон көрдөрүү аан дойду быраактыкатыгар баар эбит, оттон биһиги тэлэбиидэнньэбитигэр – саҥа, сонун холонуу.
Элбэҕи эридьиэстээбэккэ эттэххэ, киинэни көрөн баран, чахчы «мах» бэрдэрдим. Соһуйдум, устааччылар тустарыгар үөрдүм. Бастатан туран, киинэ үтүөнэн түмүктэнэрэ көрөөччүнү үөрдэр, омун­наан эттэххэ, ыарахан таһаҕастан босхоломмут курдук буолаҕын. Киинэни биир тыынынан, иннэ үрдүгэр олорон көрөҕүн. Эрдэ эппиттэрин курдук, сэрийээли олох көрбөтөх да киһи өйдүүр. Ол курдук, киинэ устатын тухары сэрийээлтэн быһа тардыылар көстөн санатан ааһаллар. Арай, сайыҥҥы түгэннэр кыһыҥҥы көстүүнэн салҕаналлара бастаан көрөөччүнү хомотор. Тоҕо диэтэххэ, «Оччотугар кыысчааммытын итиччэ өр кэм устата булбатахтар дуо?» диэн са­­нааҕа ыллараҕын.
Киинэ жанра тосту уларыйбыт, детективкэ кубулуйбут. Уйгуунаны оонньуур Ольга Спиридонова-Ника киинэҕэ олох атыннык көһүннэ, арылынна, ийэ уобараһын күүскэ тириэртэ. Киинэ устата кинини кытары тэҥҥэ ытаһа, уйадыйа олороҕун. Сэрийээл, киинэ этэр тиэмэтин  табатык өйдүүгүн. Баҕар, эрдээх дьахтар эдэр уолга иирбитин, көмүс кытахтан төкүнүйүүнү эри­дьиэстээн көрдөрүү эрэ («мыльнай опера») курдук ылыммыт буоллахтарына, дьэ, бу киинэҕэ көрөөччү санаата тосту уларыйар, хараҕа аһыллар! Сэрийээл тиэмэтэ оннук судургу, суолтата суох буолбатаҕын өйдүүр. Уйгууна уобараһа биир күүстээх уобарас. Сирдээҕи олоххо туох ордук суолталааҕый? Таптал, дьиэ кэргэн, оҕо-уруу?.. Дьэ, ону барытын бу киинэ түмүгэ бигэргэтэр, артыыс­тар оонньууллара ордук итэҕэтиилээх оҥорор. Биир бэйэм силиэдэбэтэл оруолугар Нерюнгри тыйаатырын артыыһа Николай Пономаревы ыҥырбыттарын киинэ ус­­тааччылар таба тайаныыларынан сыана­лаатым. Ону таһынан, атыыһыт кыыс Нюра (Олоҥхо тыйаатырын артыыската Инга Леонова) киирэн биэрбитэ киинэ биир сэргэх, чэпчэкитик ылыныллар, киинэ дьоруойдарын барыларын ситимниир көмөлөөх уобарас буолан таҕыста.


Марфа Пермякова, «Саха» НКИХ сэрийээллэргэ сулууспатын салайааччыта:
— Биһиги «Күн кыыһа Күннэй» киинэбитин алтынньы 27 күнүттэн өрөспүүбүлүкэ бары тыйаатырдарыгар, саалаларыгар улахан экраҥҥа тахсарын бары да долгуйа күүттүбүт.
Киинэбитигэр «Мин таптыыр Спутнигым» сэрийээл  дьоруойдарын сэргэ, олох атын персонажтар киирэн биэрдилэр. Биир оннук дьоруойбутугар, сүрүн оруолга – силиэдэбэтэлинэн үлэлээбит Лука Иванович оруолугар Нерюнгритааҕы куукула тыйаатырын артыыһа, СӨ үтүөлээх артыыһа Николай Пономаревы ыҥыран уһулбуппут. Киинэбит биир уратытынан идэтийбит артыыстары сэргэ көннөрү дьон эмиэ уһулуннулар. Ол иһигэр, биир идэлээхтэрбит, «Саха» НКИХ үлэһиттэрэ олус кэрэхсэбиллээхтик оонньообуттарын бэлиэтии көрүөхтэрэ диэн эрэнэбин. Холобур, Александр Колмогоров, Дмитрий Сергучев уо.д.а. тэттик оруолларга уһулуннулар.
16 сиэрийэ устата үгүс дьону долгуппут түмүгү барытын бу киинэҕэ көрүөххүт, билиэххит.
Сэрийээл бүтэһигэр оҕо сүтэн хаалбытынан туох да түмүгэ суох хаалларар хайдах да сатаммат этэ. Онон, киинэ буолан тахсыахтааҕа. Сэрийээлбит психологическай дыраама хабааннаах эбит буоллаҕына, киинэбит детектив буолан таҕыста.
Биһиги хампаанньабыт киинэҕэ бу бастакы холонуута буолбатах. Уонча сыл­лааҕыта салайааччыларбыт Олег Марков, Ньургун Торговкин «Сүрэхпэр доҕотторум бука бары» диэн киинэни уста сылдьыбыттара. Ол киинэ куорат тыйаатырдарыгар эрэ көстүбүт буоллаҕына, билиҥҥи киинэбит өрөспүүбүлүкэ бары тыйаатыр­дарыгар тарҕанар. Хас биирдии киинэ тыйаатырын кытары дуогабар түһэрсэн,  көрөөччүлэрбитин үөрдэргэ бэлэм олоробут. Онон, киинэбит алтынньы 27 күнүттэн бары саалаларга тэбис-тэҥҥэ тахсыаҕа.
Саха тэлэбиидэнньэтигэр бырагыраамалары көрүүгэ рейтинг диэн баар буол­бута олус туһалаах. Холобур, сэрийээллэрбитин ханнык улуус көрөөччүтэ ордук элбэхтик көрөрүн, көрөөччү ханнык ханаалы холбоон олорорун күн аайы ити рейтининэн быһаара олордубут. Киэһэ 9 чаастан киин ханааллары барытын куоһардыбыт. Саха ханаалын көрөр нэһилиэнньэ 80 бырыһыана көрдө.
Салҕыытын киинэ оҥорон киэҥ экраҥҥа таһаарыы – биһиги үлэбитигэр-хам­наспытыгар саҥаны көрдөөһүн. Саха киинэтэ атын таһымҥа таҕыста, онтон би­­һиэхэ – бастакы холонуу. Сэрийээлгэ сюжетын уһатан-кэҥэтэн көрдөрбүт буоллахпытына, киинэбит хронометраһа атын, 1 чаас 20 мүнүүтэ көстөр.
Онон, «Күн кыыһа Күннэй» киинэбитин тыйаатырдарга кэлэн көрүҥ, сэргээҥ, сыаналааҥ.

Сардаана Сивцева-Дана Сард («Ааспыт аспат амтана», «Сүлүһүннээх таптал» сэрийээллэр ааптардара):
— «Мин таптыыр Спутнигым» киһи уйулҕатын туһунан. Уустук тиэмэ. Уустук, өйдөнүллүбэт быдан суолталаах буолар дии саныыбын. Таптал киһиэхэ бэлэх курдук кэлэр, ким эрэ таптал диэни билимиэн да сөп. Онтон Уйгуунаҕа бэйэтин кэмигэр таптала кэллэҕэ дии.
Тоҕо Спутнигый? Сэрийээлгэ «Мин сирбин, кини ый» диэн этиллэр көстүү баар. Сирдээх ый хаһан да арахсыбаттар, аргыстаһа сылдьаллар. Ханнык баҕарар киһи олоҕун устата ол аргыһын (спутнигын) көрсүөн да, көрсүмүөн да сөп. Дьиҥэр, толкуйдаан көрдөххө, «Мин таптыыр Спутнигым» наар биир ньуурунан айаннаабыт айымньы буолбатах.
Ника Уйгууна оруолун 100 бырыһыан тириэртэ дии саныыбын, уобараһын ситэри  тириэрдэр артыыс биһиэхэ аҕыйах…

Николай Пономарев, Нерюнгритааҕы куукула тыйаатырын артыыһа, СӨ үтүөлээх артыыһа:
— Мин киинэҕэ оҕо сүппүтүн ирдэһэр Лука Иванович диэн силиэдэбэтэл ­оруолун толордум.
Киинэҕэ улахан оруолга бастакы холонуум. Урут кылгас эпизодтарга уонна иккис былааҥҥа оонньуурум. Ол иһин, сүрүн оруолу тириэрдии миэхэ олус интэриэһинэй этэ. Сахабыт сиригэр киинэ индустрията сайдан, чыпчаалга тиийбит кэмэ. Ол кэмҥэ ханнык баҕарар артыыс киинэҕэ оонньуон баҕарар, интэриэһиргиир дии саныыбын.

Феоктист Сысолятин (сэрийээлгэ дэриэбинэ биир дьикти олохтооҕун Никитаны оонньуур):
— Мин бэйэм «Саха» НКИХ инженеринэн үлэлиибин. Хаһан да киинэҕэ оонньоон көрө илигим. Биир идэлээхтэрим: «Баһаалыста оонньоо», – диэн көрдөспүттэригэр аккаастыыр кыах суоҕа. Киинэ тиэмэтэ ыарахан соҕус, ол гынан баран, халлаантан ылыллыбыт буолбатах, үчүгэй сюжеттаах. Режиссер Елена Эверстова оруолбар киирэрбэр олус көмөлөстө. Быстах-быстах эпизодтарынан уһуллубут буолан, киинэ тугунан түмүктэнэрин да билбэккэ, сэрэйбэккэ оонньоотубут.
Бүгүн дьэ, уһуллубут киинэбитин көрдүбүт. Киинэҕэ уһулла сылдьар уонна күөх экраҥҥа көрөр диэн олох атын эбит. Хара сарсыардаттан киэһэ хойукка диэри уһуллубут сыаналарбыт киинэҕэ начаас элэс гынан бүтэн хааллылар (күлэр).

What’s your Reaction?
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Быһылаан

Дьокуускайга «Руслан» маҕаһыын умайда

Бүгүн, ахсынньы 12 күнүгэр, Дьокуускайга "Руслан" тыа хаһаайыстыбатын тиэхиньикэтин уонна саппаас чаастары атыылыыр маҕаһыын умайда.…

9 минут ago
  • Куонкурус
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Креативка киирии: АЛРОСА оҕо айар дьоҕурун өйүүр

АЛРОСА хампаанньа өйөбүлүнэн тэриллэр “Медиахакатоҥҥа” номнуо үһүс төгүлүн өрөспүүбүлүкэ араас муннугуттан 48 көхтөөх, айар-тутар дьоҕурдаах…

24 минуты ago
  • Сонуннар
  • Сүрүн

Ытык Күөл харыйата Арассыыйатааҕы куонкуруска кыттар

Таатта улууһун Ытык Күөл сэлиэнньэтигэр Култуура уонна сынньалаҥ пааркатыгар баар Саҥа дьыллааҕы харыйа "Елки России"…

35 минут ago
  • Бэрээдэк

Бииргэ төрөөбүт эдьиийин аатыгар кирэдьиит оҥотторбута биллибит

Бүлүү улууһун Кыһыл Сыыр сэлиэнньэтин олохтооҕо дьахтар өрөспүүбүлүкэ борокуруора Максим Поповка көмө көрдөөн биллибит. Быһаарыллыбытынан,…

56 минут ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Биэнсийэ үрдүүрүгэр көтүтүллүбүт индексациялары учуоттуохтара

Арассыыйа социальнай пуондата үлэлиир гражданнарга биэнсийэни индексациялааһыны быһаарда. Индексацияны суоттааһыҥҥа 2016 сылтан ыла бары көтүтүллүбүт…

1 час ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Куттала суох хаачыстыбалаах суоллар туһунан кэпсэтии буолуоҕа

СӨ тырааныспар уонна суол Хаһаайыстыбатын миниистирин бастакы солбуйааччы Анатолий Потапов бүгүн, ахсынньы 12 күнүгэр, социальнай…

1 час ago