Улахан муҥкулар байыаннай дьайыы кыттыылаахтарыгар көмөлөһөллөр
Өлүөхүмэ улууһун Улахан Муҥку сэлиэнньэтигэр “Биһиги бииргэ” аһымал кэнсиэр буолла. Кэнсиэр Малдьаҕар начаалынай оскуолатын-уһуйаанын кэлэктиибин, үөрэнээччилэрин уонна иитээччилэрин күүстэринэн тэрилиннэ.
Манна даҕатан эттэххэ, сорох кырачааннар бальнай үҥкүүлэри аан бастаан үөрэтэн, олус долгуйбуттарын уонна астыммыттарын төрөппүттэр кэпсииллэр.
Ону сэргэ төрөппүттэр бурдуктан эгэлгэ аһылыгы, оҕуруот аһыттан араас кэнсиэрбэлэри атыылаан, дьаарбаҥка тэрийдилэр.
Төһө да дьоҕус кэлэктиип буоллар, бары күргүөмүнэн турунан 33600 солкуобайы хомуйдулар. Бэлиэтээн эттэххэ, тэрээһиннэргэ кыттар кыаҕа суох дьон онлайн-сибээһинэн харчы ыытан, биир дойдулаахтарыгар, чуолаан үөрэнээччилэргэ, үтүө холобуру көрдөрдүлэр. Хомуллубут үп барыта байыаннай дьайыы кыттыылаахтарыгар көмөҕө бэриллиэҕэ.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: