Былырыын БРИКС түмсүү кэҥиир чинчилээҕин туһунан кэпсэтии аан дойду аренатыгар сүрдээх дуорааннаахтык иһиллибитэ. Сорохтор Аргентинан сирэйдээн, бу түмсүүнү самнара сатаан араастаан куолулаабыттара. Ол эрээри быйылгыттан БРИКС саҥа састаабынан үлэтин саҕалаата. Быйыл Арассыыйа БРИКС уонна Тутулуга суох судаарыстыбалар түмсүүлэрин (СНГ) үлэлэрин иилээн-саҕалаан ыытыаҕа. РФ бэрэсидьиэнэ Владимир Путин эрдэ бэлиэтээн аһарбытынан, быйылгы сыл тас дойдулары кытары үлэлээһиҥҥэ биир дьоһун миэстэни ылыаҕа.
БРИКС УСТУОРУЙАТЫТТАН
Үгэс курдук, суруйуум саҕаланыыта түмсүү устуоруйатыттан кылгастык билиһиннэрэн ылыым. БРИКС 2006 сыллаахха Санкт-Петербурдааҕы экэнииэмикэ пуорумун кэмигэр тэриллибитэ. Маҥнай түмсүү экэниэмикэ миниистирдэрин таһымыгар үлэлиирэ, кэлин дойдулар аҕа баһылыктара кыттыылаах улахан саммиттар ыытыллар буолбуттара. Бастакы маннык улахан сугулаан 2009 сыллаахха Екатеринбург куоракка ааспыта. Кэлин Арассыыйаҕа Уфаҕа 2015 сыллаахха ыытыллыбыта. БРИКС быйылгы мунньаҕа алтынньыга Татарстаҥҥа былааннанан турар.
Түмсүү маҥнай тэриллэригэр 2006 сыллаахха түөрт судаарыстыбанан үлэлиирэ: Бразилиянан, Арассыыйанан, Индиянан уонна Кытайынан (ол иһин түмсүү аата бастаан БРИК диэн этэ). 2010 сыллаахха манна Соҕуруу Африка Өрөспүүбүлүкэтэ киирэн, түмсүү Африка континенын хаппыта. Быйылгыттан өссө Египет, Иран, Холбоһуктаах Араб Эмираттара, Саудовскай Аравия уонна Эфиопия киирэннэр, түмсүү биэс дойду оннугар уон буолан, хабар сиринэн да, үлэтинэн-хамнаһынан да быдан кэҥээтэ.
ТҮМСҮҮГЭ АРАССЫЫЙА ҮЛЭТЭ
Арассыыйа быйыл БРИКС түмсүүгэ бэрэссэдээтэллиир сыла. Бу иннинэ 2015 сыллаахха бэрэссэдээтэллии сылдьыбыта. Ити сыл Арассыыйа туох үлэни ыыппытай диэтэххэ, БРИКС иһинэн Сайдыы саҥа баана диэн тэриллибитэ, ону таһынан валютанан эргинии резервэтэ оҥоһуллубута. Онон түмсүү бэйэтэ туспа үбү-харчыны быһаарар, атыыны-тутууну чэпчэтэр, дойдуларга инвестицияны киллэрэргэ көмө-тирэх буолар систиэмэлэммитэ.
Быйыл да Арассыыйа бэрэссэдээтэллиир сылыгар түмсүүгэ саҥа, сонун хайысхалары киллэрэр былааннаах. Олортон биирдэстэринэн тас дойдулары кытары үлэни кэҥэтии буолар. Бу күннэргэ Арассыыйа бэрэссэдээтэллиир сылын тэрийиигэ бастакы мунньах буолан ааста. Мунньаҕы тас дойдулар дьыалаларыгар миниистир Сергей Лавров ыытта. Миниистир киирии тылыгар билигин аан дойду экэниэмикэтигэр Евразия, Азия, Тиихэй акыйаан, Илиҥҥи дойдулар, Африка, Латинскай Америка, Карибскай муора эрэгийиэннэрэ инники күөҥҥэ тахсан эрэллэрин бэлиэтээн туран, билигин биир эрэ дойдуну өрө мыҥаан олорор кэм ааспытын, аан дойду экэниэмикэтин өрө таһаарыыга биир ситимнээх үлэ барыан наадатын эттэ.
– Билигин аан дойдуга турар улахан боппуруостар аҥаардастыы биир эрэ дойду быһаарыытынан, төһө да бу дойду улаханын, кыахтааҕын, сүдүтүн иһин, кыайан быһаарыллыбаттар, бу билиҥҥи үйэҕэ көдьүүһэ суох. БРИКС уонна бу түмсүүнү өйүүр судаарыстыбалар бары куолаан ыытар үлэлэрэ, соҕурууну уонна илини биир ситимҥэ киллэрэллэрэ билиҥҥи кэм ирдэбилинэн буоллулар, – диэн миниистир бэлиэтээбитэ мээнэҕэ буолбатах.
Устуоруйа көрдөрөрүнэн, үйэлэр кирбиилэригэр аан дойдуга хайаатар да улахан долгуннар кэлэн ааһаллар. Бу долгуҥҥа саба оҕустарарбыт дуу эбэтэр долгуну батан ат курдук миинэн үөһээ күөрэйэн тахсарбыт дуу билиҥҥи хардыыларбытыттан быһаччы тутулуктаах. Ол иһин дойдубут аҕа баһылыга Владимир Путин манна улахан болҕомтотун уурар.
– Кэлиҥҥи сылларга БРИКС түмсүүтүгэр киириэн баҕалаах дойдулар элбээтилэр. Бу тугу этэрий? Бастатан туран, дойдулар түмсүү судаарыстыбалар национальнай интэриэстэрин, суверенитеттарын, көҥүллэрин күөмчүлээбэтин көрөллөр. Иккиһинэн, улахан, сытыы боппуруостары быһаарыыга хас биирдии дойду санаата, тыла-өһө суолталааҕын билэллэр. Үсүһүнэн, аан дойду билигин уларыйан элбэх эргимтэлээх (многополярный) буолар кэмэ кэлбитин өйдүүллэр, – диэн бэлиэтиир Владимир Путин БРИКС туһунан эппитэ баар.
Манна даҕатан эттэххэ, билигин бу биэс дойдуну таһынан өссө отучча судаарыстыба түмсүүнү кытары бииргэ үлэлэһэр былааннааҕын иһитиннэрэн турар. Владимир Путин этэринэн, бу дойдулары кытары үлэлэһии түмсүү биир сүрүн соруга. “Бу дойдулары кытары үлэлэһиини биһиги биир сүрүн боппуруоспут быһыытынан көрөбүт. БРИКС манна саҥа ньыманы киллэриэҕэ”, – диэн бэлиэтиир кини.
Оттон уопсай ылан эттэххэ, Арассыыйа бэрэссэдээтэллиир сылыгар туох үлэни ыытыаҕай? Владимир Путин манна үс сүрүн хайысханы бэлиэтээн турар. Ол курдук, Арассыыйа тас бэлиитикэҕэ, дойдуларга куттал суох буолуутун хааччыйыыга, экэниэмикэҕэ, үпкэ-харчыга, култуураҕа сүрүн болҕомтотун ууруоҕа. “Үлэбитигэр түмсүүгэ киирбит дойдуларга куттал суох буолуутун тэрийиигэ, ол иһигэр ас-үөл өттүгэр, экэниэмикэ боппуруостарыгар улахан былааннардаахпыт. Ону таһынан билимҥэ, үрдүкү технологияҕа, доруобуйа харыстабылыгар, тулалыыр эйгэни харыстааһыҥҥа, култуураҕа, успуортка, ыччаты кытары үлэҕэ болҕомтобутун ууруохпут”, – диэн иһитиннэрэр Владимир Владимирович.
САҤА КИИРБИТ ДОЙДУЛАР СУОЛТАЛАРА
Үөһээ этэн аһарбытым курдук, быйылгыттан түмсүүгэ Египет, Иран, Холбоһуктаах Араб Эмираттара, Саудовскай Аравия уонна Эфиопия киирдилэр. Бу дойдулар түмсүүгэ туох оруолу ылыахтарай уонна Арассыыйаны кытары үлэлэрэ хайа диэки салаллан барыаҕай? Бастатан туран, ханнык баҕарар түмсүү кэҥиирэ бу кэнэҕэскитин үлэни-хамнаһы ыытыыга улахан оруоллааҕын бэлиэтиир тоҕоостоох. Онон салгыы биһиги дойдубутун кытары бу судаарыстыбалар туох ситимнээхтэрин көрүөххэ.
Арассыыйа Египеты кытары үлэлэспитэ ыраатта. Билигин манна “Росатом” хампаанньа атомнай электростанцияны тута сылдьар. Эмиэ Турцияҕа курдук бу станция дойдуга бастакы атомнай эбийиэк буолуохтаах. Ону таһынан, кэнэҕэскитин тыа хаһаайыстыбатын өттүгэр бурдугу атыылааһыҥҥа Египет биир бастыҥ экспортер-дойду буолуон сөп.
Иран уонна Арассыыйа бииргэ үлэлэһиилэрэ, устуоруйаттан ыллахха, олус интэриэһинэй. Билигин бу дойдуну кытары биһиги байыаннай өттүгэр күүскэ үлэлэһэ олоробут. Иккиһинэн, Иран Илиҥҥи дойдуларга Арассыыйа биир сүрүн доҕордуу судаарыстыбата. Атын өттүнэн, Иран – Америка Холбоһуктаах Штаттара Арассыыйаны, Кытайы таһынан, араас хааччаҕы киллэрбит үһүс дойдулара буолар. Онон биир бэрэмэдэйи сүгэн олорор курдукпут.
Оттон Саудовскай Аравия уонна Холбоһуктаах Араб Эмираттара – бу, биллэн турар, үп-харчы, инвестиция киириитигэр улахан суолталаах дойдулар буолаллар. Саудовскай Аравия кэлиҥҥи сылларга Арассыыйаны кытары ыксалаһан үлэлиир. Бу эмиэ интэриэһинэй. Тоҕо диэтэргин, бу иннинэ дойду үксүн АХШ, Европа диэки тардыллар этэ.
Бэсиһинэн киирбит дойду, Эфиопия, бу үөһээ ааттаммыт дойдулары кытары үбүнэн-аһынан кыайан күрэстэһэр кыаҕа суох эрээри, Арассыыйаны кытары уруккуттан үчүгэй сыһыаннаах. Хайа уонна Африка континетыттан үһүс судаарыстыба түмсүүгэ киирэрэ үлэлэһэргэ табыгастаах. Онон бэлиитикэ өттүгэр бу үчүгэй хардыы быһыытынан сыаналыахха сөп.
ТҮМҮК ОННУГАР
Түмүктээн эттэххэ, быйыл Арассыыйа тас дойдулары кытары сыһыанын бөҕөргөтөр соруктаах. Бу туһунан Владимир Путин бэйэтин Анал этиитигэр эмиэ бэлиэтээн турар. БРИКС уонна Тутулуга суох судаарыстыбалар түмсүүлэригэр бэрэссэдээтэллиирэ, эспиэртэр
Нэдиэлэ устата барбыт Бүтүн Арассыыйатааҕы “Сыл учуутала-2024” күрэс Саха сиринээҕи түһүмэҕэ түмүктэннэ. Үөрүүлээх быһыыга-майгыга лауреаттар,…
“Бары бииргэ Кыайыыга!” 1-кы Өрөспүүбүлүкэтээҕи байыаннай-патриотическай пуорумҥа “Покров и защита” уордьанынан Афганскай сэрии бэтэрээнэ Валерий…
«Сахафильм» устуудьуйата уонна СӨ Национальнай бибилэтиэкэтэ «Киинэни ааҕабыт!» бырайыагы үлэлэттилэр . Ол курдук, Саха сирин…
Дьокуускайга полиция сулууспата сокуоннайа суох арыгы атыылааччылары буларга туһуламмыт рейдэлэри салгыы ыытар. Ол курдук, сокуоннайа…
Арассыыйа бырабыыталыстыбата 15 эрэгийиэҥҥэ, ол иһигэр Саха сиригэр, тыа хаһаайыстыбатын сирдэрин оҥорууга үлэ ороскуотун толуйуу…
Былырыын 2023 сыллаахха Былатыан Ойуунускай төрөөбүтэ 130 сылынан Чөркөөххө “Хомуур олоҥхо” түһүлгэ тэриллибитэ. Бырайыак ааптарынан…