Салгыы
Улахан уот турбут сиригэр эбии дьону ыытыахтара

Улахан уот турбут сиригэр эбии дьону ыытыахтара

19.07.2023, 14:52
Галина Мозолевская хаартыската, СИА.
Бөлөххө киир:

Кэнники сылларга күн-дьыл уларыйыытыттан, кураанах этиҥнэр элбээннэр Саха сиригэр сайын аайы ойуур баһаардара турар буоллулар. Орто Халыма улууһун суола-ииһэ суох түҥ тыатыгар, 200 тыһыынча кэриҥэ иэннээх сиргэ уот турбута. Онно Саха сирин атын улуустарыттан уонна дойду атын эрэгийиэннэриттэн эбии дьону ыытыахтара.

Бу туһунан бүгүн Ил Дархан Айсен Николаев, бүгүн «Саха» ГТРК «Россия 24» ханаалыгар «Быһа кэпсэтиигэ» иһитиннэрдэ.

Эрдэ суруйбуппут курдук, ааспыт сууккаҕа барыта 473 883 га иэннээх сиргэ 75 ойуур баһаара турбута бэлиэтэнэр. Онтон 24173 гаалаах сиргэ 12 баһаар бохсулунна.

«Орто Халыма улууһун ыраах, суола-ииһэ суох тыатыгар барыта 200 тыһыынча гаалаах сиргэ үс ойуур баһаара турбута. Кэнники кэмҥэ итии күннэр тураннар элбэх саҥа баһаар тахсарыгар төрүөтүнэн буолаллар. Бу күннэргэ Өлүөхүмэ улууһугар баһаары бүтүннүү умуруордубут. Алдан, Уус Маайа, Нерюнгри улуустарыгар балаһыанньа көнөрүн кэтэһэбит. Ыксаллаах быһыы-майгы уһуллубут сирдэриттэн эбии дьону Орто Халымаҕа ыыталыахпыт», — диэтэ Айсен Николаев.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
15 января
  • -40°C
  • Ощущается: -47°Влажность: 67% Скорость ветра: 3 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: