Улан Удэҕэ буддийскай норуоттар икки ардыларынааҕы пуорум ыытыллыаҕа
Атырдьах ыйын 17-18 күннэригэр буддизмы сайыннарыыга анаммыт бастакы буддийскай норуоттар икки ардыларынааҕы пуорум ыытыллыаҕа.
“Пуорум бырагыраамата Арассыыйа Федерациятын норуоттар икки ардыларынааҕы сыһыаны олохтооһун соруктарыгар сөп түбэһэр. Пуорум биһиги дойдубут духуобунай-сиэр-майгы сыаннастарын харыстыыр статуһун бигэргэтиэҕэ”, — диэтэ Бурятия Өрөспүүбүлүкэтин баһылыга Алексей Цыденов.
“Буддизм аныгы норуоттар икки ардыларынааҕы сыһыаннаһыыга” диэн дискуссияҕа буддизм оруола улааппытын дьүүллэһиэхтэрэ. Маныаха буддийскай дипломатия уонна итэҕэл дипломатиятын тула кэпсэтиэхтэрэ.
Сессия үлэтигэр Шри-Ланка Арассыыйаҕа боломуочуйалаах посола Джанита Лиянаге, Эйэ иһин Азиятааҕы буддийскай кэмпириэнсийэ сэкирэтээрин солбуйааччы Сонам Вангчук Шакспо, Индия чрезвычайнай уонна боломуочуйалаах посола Капур Паван уо.д.а. кытталлар.
“Буддизм эйгэтэ: сомоҕолоһууга” дискуссияҕа Илиҥҥи дойдулар будийскай үгэстэрин ырытыахтара.
Онон пуорум буддизм сайдыытын, буддийскай култуура, философия уонна быраактыка тула боппуруостары таарыйыаҕа. 1 буддийскай норуоттар икки ардыларынааҕы пуорумҥа 13 судаарыстыба кыттарга сайаапкалаата. Ол иһигэр Непал, Индия, Монголия, Мьянма, Вьетнам, Кытай, Шри-Ланка, Тайланд.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: