Улуу Өктөөп туһунан өйдөбүл чахчы өлбөөдүйдэ дуо?

Share

Билиҥҥи аҕа уонна орто саастаах дьон Өктөөп бырааһынньыга дирбийэн-дарбыйан, урукку Сэбиэскэй Сойууһу бүтүннүү хабан киэҥник, бар дьон сүргэтин көтөҕөрдүү өрө күүрүүлээхтик ыытылларын үчүгэйдик өйдүүллэр. Өктөөппүт ол бэйэтэ халандаар бэлиэ даататыттан ылан быраҕыллыбыта, өйдөбүлэ даҕаны сылтан сыл өлбөөрөн, симэлийэн иһэр.

Умуннара, тумуннара сатааһын

Эргэ стилинэн алтынньы 25 күнүгэр буолбут Улуу Өктөөбүрдээҕи социалистическай өрөбөлүүссүйэни сэтинньи сэттиһигэр бырааһынньыктыыр этибит. Ону баара, бассабыыктар былааһы ылбыттарын норуот өйүттэн-санаатыттан ылан умуннаран кэбиһээри, 1996 сыллаахха Эйэлэһии уонна сөбүлэһии күнүгэр уларыппыттара, онтон 2004 сыл балаҕан ыйыгар Россия религиялар икки ардыларынааҕы сэбиэтэ сэтинньи 4 күнүн бырааһынньык күнүнэн билинэргэ уонна Норуоттар сомоҕолоһууларын күнүн быһыытынан бэлиэтииргэ этии киллэрбитэ.

Ити күн (эргэ стилинэн алтынньы 22 күнүгэр) 1612 сыллаахха земскэй ыстаарыста Кузьма Минин уонна кинээс Дмитрий Пожарскай норуоту түмэн, ополчение тэрийэн, Москваны Польша интервеннэриттэн босхолообуттара. Кинилэр ити кыайыыларыгар Айыы таҥара бэйэтинэн көмөлөстө дии саныыллара. Иван Грознай өлүөҕүттэн саҕаламмыт былаас былдьаһан хайдыһыы, бутуурдаах олох оннун булбута. Устуоруйаттан биллэринэн, ыраахтааҕы Алексей Федорович Романов 1649 сыллаахха Норуот сомоҕолоһуутун күнүн олохтообута Москва босхоломмут күнүн быһыытынан сэбиэскэй былаас буолуор диэри бэлиэтэммит.

Өктөөбү солбуйбут сомоҕолоһу

Оттон билигин норуот ити бырааһынньыгы төһө ылынна? Аҕа саастаах көлүөнэ хара маҥнайгыттан сүөргүлээбитэ, утарсыбыта. Хомуньууһуму тутар туһугар турууласпыт дьиҥнээх хомуньуустар кэккэлэрэ чарааһаатаҕын ахсын Өктөөп өйдөбүлэ өлбөөрөн иһэр. Бэл диэтэр,  Улуу Өктөөбүрдээҕи социалистическай өрөбөлүүссүйэ 100 сыллаах үбүлүөйэ  суолтатыгар эрэ тэриллибитэ. Хата, аныгы  хомуньуустар чөмчөкөлөөхтөрө мэтээл-уордьан бөҕөнү оҥорторон, коммерсаннар курдук атыылаан, лаппа көннүлэр, быыбарга киирсэр үптэрин булуннулар дииллэр.

Cэтинньи 7 күнүгэр Өктөөп бырааһынньыга бэлиэтэнэ сылдьыбытын, чуолаан, кэлиҥҥи сүһүөх дьон умна быһыытыйда.

Сахаҕа идэһэ, муҥха дьоро күннэрэ

Айдааннаах-иирсээннээх киин сиртэн тэйиччи олохтоох саха дьоно сэбиэскэй саҕаттан Өктөөп бырааһынньыгын өрөбүллэригэр түбэһиннэрэн, идэһэ сүөһүлэрин-сылгыларын дьаһайан, муҥхалаан, дьылы туоруур астарын булуналлара. Хас саха ыалын дьиэтигэр эмис идэһэ, минньигэс собо сиир дьоро киэһэлэр үүнэллэрэ. Ол үгэс, үөрүөх иһин, бүгүҥҥэ диэри салҕанан барар.

Кыһыл болуоссакка тэриллибит 1941 сыллааҕы Өктөөп параадыттан саллааттар тута Москва көмүскэлигэр туруммуттара Өктөөп өрөбөлүүссүйэтэ буоллун, Норуот сомоҕолоһуута буоллун, күнү хайдах даҕаны ааттаатыннар  – эйэлээх олох эрэ эҥээрдэстин. Элбэх норуоттаах Арассыыйа ийэ хотуммут сомоҕолостоҕуна эрэ ил-эйэ олохсуйара эрэбил. Онуоха тирэх буолар күүстээх идиэйэ баар буолуохтаах. Улуу Өктөөп уопсастыбаны икки аҥы хайыппыта диэн буруйдууллар эрээри, санааҥ эрэ: Германия сэриитэ Москваны ылаары ыган турдаҕына, Кыһыл болуоссакка сэтинньи сэттис күнүгэр тэриллибит Өктөөп параада сэбиэскэй буойуннары, норуоту хайдах курдук өрө күүрдүбүтэй, кыайыыга кынаттаабытай?!

Василий НИКИФОРОВ, «Эдэр саас» саайтан

What’s your Reaction?
+1
7
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Сонуннар

Оптуобустар эбиллиэхтэрин оннугар маршруттара уустугурда

Дьокуускай куорат ДСК оройуонун олохтоохторо оптуобус маршруттара уларыйбытыттан айманаллар. Айманаллара да оруннаах.  Олохсуйбут маршруттар кыстыгы…

11 часов ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Түһээн төлөбүрэ чугаһаан, түөкүттэр ону бултаһан эрэллэр

Билигин кыбартыыраҕа, массыынаҕа, сир учаастагар түһээн төлөбүрэ кэлбитинэн, түөкүттэр саҥа схеманы толкуйдаабыттар. “Госуслугаҕа” тус кэбиниэккэр…

11 часов ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

«Амма бурдуга» бородууксуйа бастыҥынан ааттанна

Бүгүн, сэтинньи 14 күнүгэр, “Саха сирин 100 бастыҥ табаара” куонкурус кыайыылаахтарын наҕараадалаатылар. Бу тэрээһин олохтоох…

11 часов ago
  • Байыаннай эпэрээссийэ
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Куокуй “Надеждалара”

Таҥас кэллэ да ким иллэҥнээҕинэн муста түһээт, тикпитинэн бараллар. [gallery ids="167582,167583,167584,167585,167586,167587,167588,167590,167591"] Байыаннай дьайыыга сылдьар буойуннарга…

12 часов ago
  • Интэриэһинэй
  • Сонуннар

Тоҥнуу кыһан сииргэ ханнык балык ордугуй?

ТХНЧИ научнай үлэһитэ, биология наукатын кандидата Терентий Платонов: “Убаһа этигэр киһиэхэ сыстар паразит суох буоллаҕына,…

12 часов ago
  • Сонуннар
  • Сүрүн

Алампа аатынан бириэмийэ кыайыылаахтара ааттаннылар

Анемодист Софронов-Алампа төрөөбүт күнүгэр  "Алампа'' бириэмийэни туттарыы сиэрэ-туома алтыс төгүлүн ыытылынна. Дьоро киэһэ Саха тыйаатырын…

12 часов ago