Салгыы
Улуу киһи улаҕата көстүбэт балысханнаах үлэтин билистибит

Улуу киһи улаҕата көстүбэт балысханнаах үлэтин билистибит

10.08.2023, 11:20
Хаартыскалар: ааптар тиксэриилэрэ
Бөлөххө киир:

Бу күннэргэ бүтүн киэҥ нэлэмэн Сахабыт сирин хайа да муннугар  аһыйыы, сүтүк диэн өйдөбүлтэн мунчаардыбыт. “Улуу” диэн тылы саха норуота мээнэҕэ ыһыктыбат тыла. Ол да иһин буолуо, “улуу” диэн сыанабылы биэрбит дьонноро  дьиҥ чахчы уһулуччу, чаҕылхай, сатабыллаах, дириҥ далай билиилээх, өтө көрүүлээх, хас эмит хардыы инники толкуйдаах дьоннор. Ол мөккүөрү да, саарбахтааһыны да үөскэппэт.

Атырдьах  ыйын 9 күнүгэр Хатас нэһилиэгин бэтэрээннэрэ, көхтөөх олохтоохторо: оскуолаҕа киириэн иннинээҕи саастаах оҕоттон, үрдүкү кылааска тиийэ үөрэнээччилэр, эдэрчи, сааһырбыт, ытык сааска үктэммит дьоҥҥо тиийэ биир ыал оҕотун курдук иллээхтик-эйэлээхтик Хаҥалас улууһун Өктөм нэһилиэгэр баар Михаил Ефимович Николаев олоҕун кэпсиир-сэһэргиир, үйэтитэр, тарҕатар архыып-бибилэтиэкэ, “Николаев-Центр» диэн ааттанар дьоҕус тэрилтэ үлэтин кытта ыкса билистибит.

Улуу киһибит, маҥнайгы бэрэсидиэммит М.Е. Николаев уон сыл иһигэр хайдахтаах курдук киэҥ, дириҥ  хорутуулаах,  үгүс өттүгэр хорсун быһыыны-майгыны эрэйэр үлэни үлэлээн инникибитин түстээбитин илэ чахчы көрөн, истэн итэҕэйдибит, биллибит. Дьиҥэр, Михаил Ефимович дойдубут туһугар төһөлөөх үтүөнү оҥорбутун  билэбит диэн санаалаах этибит. Түмэл түмэл курдук саас сааһынан сааһыланан, налыччы-наскыччы наарданан,  киһи эрэ барыта кэрэхсиэн, сэргиэн, билиитин хаҥатыан сөп гына олус элбэх матырыйаал хомуллубут. Аны хас саала аайы истибиппитин чиҥэтэн биэрэргэ аналлаах видео-матырыйаал баара олус табыгыстаах. Уопсайынан,  барыта киһи туһугар диэн боппуруоска эппиэттиирдии,  саала аайы остуоллар уонна олоппостор бааллар. Барытын билэбин да дии санаабыттар саҥаны-сонуну иһиттилэр-көрдүлэр,  үлэлэммит үлэ  таһыма үрдүгүн сөхтүлэр-махтайдылар, хайаан кэлбиппиний диэн бэйэлэригэр  махтаннылар.

Дириҥ ис хоһооннох экскурсия иһин Лена  Петроваҕа махталбыт муҥура суох. Лена Анатольевна дириҥ билиилээҕэ, үлэтигэр бэриниилээҕэ, этэргэ дылы,  тутта-хапта сылдьарыттан, кэпсиириттэн өтө көстөр. Ол түмүгэр биһиги бүгүн убаастыыр, ытыктыыр киһибитин салайааччы эрэ быһыытынан буолбакка,  норуотугар, чугас дьонугар ис-иһиттэн истиҥ, кэрэ, сылаас сыдьаайдаах майгытын  туһунан биллибит. Сымнаҕас майгытын   ирдэбили, эппиэтинэһи кытта хайдах курдук тэҥҥэ алтыһыннаран үлэлээбитин, кинини истибит-көрбүт эрэ барыта кини эппитин толорорун, толорорго кыһаллалларын эмиэ сөҕө-махтайа иһиттибит.

“Аныгыс көрсүөххэ диэри” диэн инники да өттүгэр  көрсөргө эрэл санаалаах тарҕастыбыт.

Түмүкпүтүгэр бу көрсүһүү буоларыгар төһүү күүс буолбут,  тырааныспарынан хааччыйбыт  В.И. Федоров салайааччылаах АГАТУ кэлэктиибигэр, салайар дьаһалтатыгар дириҥ махталбытын тиэрдэбит.

Наталья РУФОВА

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
15 декабря
  • -33°C
  • Ощущается: -40°Влажность: 75% Скорость ветра: 2 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: