Улуу Кыайыы бырааһынньыга үрдүк таһымнаахтык ааста

Share

Ыам ыйын 8-9 күннэригэр Үөһээ Бүлүү улууһун Мэйик нэһилиэгэр Кыайыы 80 сылын көрсөр тэрээһин үрдүк таһымнааахтык ааста.

Тэрилтэлэр уонна нэһилиэк олохтоохторо, ытык кырдьаҕастара, ол иһигэр Үөһээ Бүлүү улууһун бочуоттаах олохтооҕо, Мэйик нэһилиэгин бочуоттаах олохтооҕо, тыа хаһаайыстыбатын бочуоттаах үлэһитэ, улуус бочуоттаах бэтэрээнэ, үлэ, тыыл бэтэрээнэ Василий Илларионович уонна Дьоруой Ийэ, Мэйик нэһилиэгин бочуоттаах олохтооҕо, үлэ бэтэрээнэ, уола — Чечня сэриитин кыттыылааҕа, байыаннай дьайыыга эйэлээх олох иһин сырдык тыынын толук уурбут Дмитрий Михайлович Иванов  тапталлаах ийэтэ Марфа Ивановна Иванова хос сиэнинээн, Дмитрий 3 саастаах кыыһа Дариналыын, үбүлүөйдээх Улуу Кыайыы параадыгар кытыннылар.

Салгыы биир дойдулаахпыт Анатолий Федоров бырайыагынан, нэһилиэк олохтоохторо үбүлээһиннэринэн мрамортан оҥоһуллубут Мэйиктэн 1942 сыллаахха сэриигэ барбыт хорсун-хоодуот буойуттарбытыгар аналлаах пааматынньык аһылынна. Бу Улуу Кыайыы үбүлүөйдээх сылыгар оҥоһуллубут пааматынньык бар дьон сэҥээриитин, махталын ылла. Ону сэргэ «Кинилэр ааттара – үйэлэргэ» диэн кинигэ сүрэхтэннэ. Кинигэни Эльвира Федорова элбэх үлэни көрсөн, архыып дааннайдарын хомуйан, таҥан  оҥордо.

Кыайыы күнүн тэрээһинигэр тэрилтэлэр инсценировка уонна кэнсиэр  туруоран силигин ситэрэн биэрдилэр. Үбүлүөйдээх бырааһынньык түмүгэр нэһилиэк баһылыга Иван Яковлев кырдьаҕастарын, тэрээһин кыттыылаахтарын итии чэйдээх, сылаас астаах остуолу тардан, уруккуну-хойуккуну ирэ-хоро кэпсэтэн мустубут дьон сэргэхсийэн, астынан тарҕаста.

Recent Posts

  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Дьааҥы Сартаҥар Кыайыы болуоссатыгар Ийэ дойду пааматынньыгын туруордулар

Бу күннэргэ Улуу Кыайыы 80 сылыгар улуустарга уонна нэһилиэктэргэ Бэтэрээннэр искибиэрдэрин саҥардан оҥордулар, Кыайыы болуоссаттарыгар…

2 часа ago
  • Кыайыы 80 сыла
  • Сонуннар

Аҕабыт Кыайыыны Рейхстаг аттыгар көрсүбүтэ

Улуу Кыайыы 80 сылын көрсө, Аҕа дойду Улуу сэриитин кыттыылааҕа, ууну-уоту ортотунан ааһан, Улуу Кыайыыны…

3 часа ago
  • Сонуннар

Ил Дархан нэдиэлэтэ: Айсен Николаев үлэтин сүрүн түгэннэрэ

Ыам ыйын 6 күнэ. Ил Дархан дойду Үөрэҕин миниистирэ Сергей Кравцовы кытта Дьокуускайдааҕы кадетскай оскуолаҕа…

4 часа ago
  • Сонуннар

Сунтаар 1-кы нүөмэрдээх оскуолатыгар улахан өрөмүөн үлэтэ ыытыллар

Сунтаарбыт саамай элбэх үөрэнээччилээх, улахан кээмэйдээх оскуолатыгар быйыл улахан өрөмүөн үлэтэ ыытыллар. "Модернизация школьных систем"…

4 часа ago
  • Быһылаан

Түөкүттэр аҕам саастаах кэргэнниилэртэн 23 мөл.солк. уорбуттар

Дьокуускай куорат аҕам саастаах олохтоохторо түөкүттэргэ итэҕэйэн 23 мөлүйүөн солкуобайы уордарбыттарын туһунан ИДьМ пресс-сулууспата иһитиннэрэр.…

5 часов ago
  • Сонуннар
  • Тыа хаһаайыстыбата

Биир ботуруон

Бу 1976 с. Намтаҕай арыытыгар этэ. Оччолорго мин ыччат-комсомольскай звенотун салайан, “Димитровскай” сопуоска 360 тонна…

5 часов ago