Улуу толугу биэрбэт туһугар
Төрөөбүт тыл, сурук-бичик күнүн быйыл дойдубар көрсөн атаардым. Улуус баһылыга Анатолий Григорьев 2023 сылы Төрөөбүт төрүт тыл сылынан биллэрбитэ. Бу сылы арыйыы үөрүүлээх сиэрин-туомун тула буолбут тэрээһиннэргэ дьон-сэргэ тоҕуоруһа уонна өрө көтөҕүллэ мустубутуттан көрдөххө, Олоҥхо дойдутугар ийэ тыл туругурар тосхолун эдэрдиин-эмэнниин өйөөбүттэр.
ХХI үйэни кытта хас биирдиибит олоҕор киирэн кэлбит куйаар ситимин балысхан сайдыыта омук омуктан улуу толугу ирдээтэ. Билиини-көрүүнү кэбэҕэстик ылары хааччыйарын, күннээҕи түбүкпүтүн биллэ-көстө чэпчэтэрин, ырааҕы чугаһатарын иһин кини Ийэ тылбытын көрдөрөн туран мэҥиэстэр кыахтааҕын биллэрдэ. Саха бу иэдээни түҥ тыаҕа улаатар оҕолоро кытта омук тылынан чуопчааран туран кэлбиттэригэр өйдөөтө уонна олорон биэрбэт туһугар охсуһуу эгэлгэ ньыматын олоххо киллэрэргэ турунна.
Сунтаарга бу сырыыбар ордук сэҥээрбитим — тыл туһугар турунууну Аҕа баһылык бэйэтинэн көҕүлүү (ол да иһин, маннык сылы биллэрдэҕэ) сылдьара, салайар-дьаһайар дьонуттан: тэрилтэ салайааччыларыттан, дьаһалта үлэһиттэриттэн дорооботтон саҕалаан күннээҕи туттар тылларын сахатыталларын модьуйбута буолла. Ону таһынан «Бочуоттаах гражданин», «Почетная грамота» эҥин диэн курдук салалта эҥэр туттуллар сомоҕо домохтору, тыллары хайдах сахатытар туһунан эмиэ бэйэтинэн толкуйдуу, ырыта, ыйыталаһа сылдьарын сэргээтим. «Соргу дугуй — барҕа баардый!» диэн эҕэрдэлэһии этиитин ылынар, сэргиир эбит. Нэдиэлэ күннэрин «Аан күн…» диэнтэн саҕаланар көрүҥүн туттан барарга дьаһайыах эбит да, дьүүллэһэр мунньахха чэбэр, чөл, сүбэ күннэр ис хоһоонноро чэппиэргэ, бээтинсэҕэ, субуотаҕа сөп түбэспэттэр диэн дьон сөбүлээбэтин биллэрбититтэн иҥнибит. Кэнники сылларга саха кылаастарын арыйыыга, саха тылын үөрэтиигэ болҕомто күүһүрбүт. Ийэ тыл туругун тупсарыыга салайааччы бу курдук бэйэтинэн холобур буолан хорсуннук хамсанар, уталыйбат дьаһаллары ылан олоххо киллэрэргэ турунар буоллаҕына, дьон кыттыыта да ордук көхтөөх уонна көстөр түмүктэрдээх буолуох эбит.
Үөрүүлээх сиэргэ-туомҥа Ил Түмэнтэн норуот дьокутааттара Феодосия Габышева, Андрей Николаев уонна мин ыҥырыылаах ыалдьыт буолан кытынныбыт. Ааспыт сыл Дьиэ кэргэн сылын дуоҕатын аннынан ааспыт, онон бу сылы 50-67 сыл бииргэ олорбут ыаллары өрө тутан бэлиэтээһинэн түмүктээтилэр.
Онтон Төрүт тыл сылын анал Өрөгөй ырыанан доргуччу ыллаан (Дьол Кыымын тылларыгар, Альберт Горохов муусукатыгар) саҕалаатылар. Улуус оскуолаларын учууталларын уус-уран толоруулара, эр дьон сахалыы илбистээх тылынан дорҕоонноох ааҕыылара, бастыҥ ырыаһыттар-тойуксуттар ийэ тылы уруйдаан хоһуйуулара киһи эрэ сүргэтин көтөҕөр. Анатолий Григорьев Төрөөбүт төрүт тыл сылын сүрүннээччинэн үөрэҕирии салаатын салайааччыта Альберт Иванову ааттаата уонна киниэхэ бу ураты ирдэбиллээх сылы үүннүүр-тэһииннир анал бэлиэни туттарда.
Кэнники кэмҥэ өрөспүүбүлүкэ таһымыгар төрөөбүт тылбыт кэскилин уһанар дьоһуннаах уураахтар, дьаһаллар таҕыстылар. Ол эрэн, хас биирдии саха бэйэтин инники кирбиигэ сылдьар саха тылын саллаатын быһыытынан санамматаҕына, бэйэтин тус көмөтүн, туһатын аҕаларга дьулуспатаҕына, ити барыта баҕа санаа курдук хаалар кутталлаах. Улуу толугу биэрбэт туһугар ким да буол, бары турунуоҕуҥ!
Наталья Михалева-Сайа, ааптар хаартыскалара
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: