Улуус баһылыга эр дьону түмтэ
Аҕа дойду көмүскээччи күнүн көрсө, улууска биллэриллибит Дьиэ кэргэн уонна оҕо-аймах сылын чэрчитинэн , Хаҥалас улууһун киинигэр «Уол оҕо – кэскилбит, эр киһи – эрэлбит» диэн эр дьону түмэр тэрээһин буолан ааста.
Бу туһунан улуус дьаһалтатын пресс-сулууспата саайтка суруйар. Улуус баһылыга Олег Иринеев этэринэн, тэрээһин сүрүн сыала-соруга – дьиэ кэргэҥҥэ оҕону иитиигэ болҕомтону күүһүрдүү. «Төрөөбүт дойдутугар бэриниилээх, дойдутун таптыыр ыччаттары иитии дьиэ-кэргэҥҥэ бастатан туран оҥоһуллар. Ол курдук, өбүгэ үгэстэригэр олоҕуран, эдэр ыччакка, туһулаан уол оҕоҕо, саха үгэһин, итэҕэлин өйдөтөр, сахалыы тыыны, дойдуга тапталы, көмүскэс санааны иҥэрэр, ис туругун бөҕөргөтөр, айылҕаҕа сыһыанын чиҥэтэр үлэ далааһыннаахтык ыытыллыахтаах. Онуоха бүгүҥҥү кэпсэтиибит олук буолуо диэн эрэллээхпин», — диэн улуус баһылыга эттэ.
Көрсүһүү аһаҕас санаа атастаһыыта, мустубут дьонтон этиилэри истии быһыытынан барда. Уопсастыбаннай түмсүүлэр үлэлэрин билиһиннэрдилэр, сырдаттылар, ол тула санаа атастастылар. Биллэн турар, уол оҕону иитии боппуруоһугар үгүс киһи тохтоото. Ол курдук, уолаттары муҥха, куйуур, булт, илиинэн үлэ сатабылларыгар, чөл олоххо уһуйуу, оҕону иитиигэ үөрэх эйгэтигэр эр дьон оруолун туһунан санааларын эттилэр. Ону тэҥэ, аныгы цифровизация үйэтигэр оҕону кытта элбэхтик алтыһыы, успуордунан дьарыктыыр наадатын бэлиэтээтилэр.
Байыаннай дьайыыга сылдьар, дойдуларыгар уоппускаҕа кэлбит буойуттар бочуоттаах ыалдьыт буоллулар. Эр санааны, чэгиэн туругу баҕаран туран, дойдуларын көмүскүү сылдьар буойуттарга махтанан, улуус баһылыга Олег Иринеев үөрүүлээх-быһыыга майгыга хас биирдиилэригэр саха быһаҕын туттартаата. Төрөөбүт дойдуларыттан ыраах сырыттахтарына, саха быһаҕа харысхал буоллун, көмүскээтин, харыстаатын. Көрсүһүү түмүгэр кыттыылаахтар оһуокайга түмүстүлэр.
Тэрээһиҥҥэ СӨ успуорт миниистирэ Леонид Спиридонов, Хаҥалас нэһилиэктэрин баһылыктара, байыаннай дьайыы кыттыылаахтара, улуустан тардыылаах, манна олорор, үлэлиир эр дьон кытыннылар.
«Хаҥалас улууһа» МО пресс-киинэ
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: