Улуус баһылыктара үөрэх миниистирин кытта каадыр боппуруоһун тула кэпсэттилэр
СӨ учууталларын уонна педагогическай уопсастыбаннаһын XIV сийиэһин чэрчитинэн улуус баһылыктара, солбуйааччылара СӨ Үөрэҕин уонна билимин миниистирин, учууталлары бэлэмниир үөрэх тэрилтэлэрин салайааччыларын кытта каадырынан хааччыйыы боппуруоһун тула кэпсэттилэр.
СӨ Үөрэҕин уонна билимин миниистирэ Ирина Любимова иһитиннэрбитинэн, Саха сиригэр сыллата 850-870 вакансия аһыллар. Өрөспүүбүлүкэтээҕи педагогическай үөрэхтэргэ тыһыынчаттан тахса устудьуон үөрэнэр, 300-чэкэ киһи бүтэрэр, оттон вакансия сыллата 800-кэ тэҥнэһэр диэн эттэ. Министиэристибэ ыыппыт чинчийиитигэр көстүбүтүнэн, сыллата өйөбүлүнэн балтараа тыһыынча учуутал туһанар, улууска барар эбит буоллаҕына, итинтэн 73 бырыһыана үлэтиттэн уурайар эбит. Ол төрүөтүнэн, бастакытынан, олорор дьиэ, уопсай суоҕа буолара көстүбүт. Үлэлии барбыт педагог 18% (4954 педагог), ол иһигэр 63 % (3126 учуутал) олорор усулуобуйаларын тупсарыахтарын баҕаралларын биллэрбиттэр. 1539 (31%) педагог түүлэһэн, 1237 (24,9) педагог муниципальнай дьиэҕэ олороро көстүбүт. Сорох улууска дьиэҕэ наадыйар педагог ахсаана 25-45% кытта тиийэрэ ыйыллар.
Быһаччы сыһыаннаахтарын быһыытынан, мунньахха учууталлары бэлэмниир үөрэх тэрилтэлэрин салайааччылара эмиэ кытыннылар. Үөрэхтэрин бүтэрбит эдэр учууталлар бары кэриэтэ оскуолаларга баралларын, ол эрээри, үөрэнэр кэмнэригэр идэлэрин сыыһа талбыттарын өйдүүллэрэ эмиэ баарын этэллэр. Сакаасчыты, ол эбэтэр улуустары, туһааннаах оскуолалары кытта ыкса ситимнээхтик үлэлэһэр көдьүүстээх буолуо этэ диэн бэлиэтииллэр.
Улуус баһылыктара педагогическай үлэһиттэри дьиэнэн хааччыйыы, учууталларга көрүллэр көмө миэрэлэри элбэтии, эдэр учуутал хамнаһын, оскуола үөрэнээччилэрин аһылыгынан хааччыйыы тэрээһинин хаачыстыбатын күүһүрдүү боппуруостарыгар тохтоотулар.
Мунньахха киирбит этиилэри өрөспүүбүлүкэҕэ 2030 сылга диэри үөрэх систиэмэтин сайыннарыы кэнсиэпсийэтин оҥорорго учуоттуохпут диэн иһитиннэрдилэр.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: