«Улуус чорооно» Ньурбаҕа ыалдьыттаата
Бу күннэргэ Ньурба улууһугар “Улуус чорооно” бырайыак чэрчитинэн өрөспүүбүлүкэ 14 улууһуттан түмүллэн, 1985 сыллаахха оскуоланы бүтэрбит выпускниктар ыалдьыттаан аастылар.
«Улуус чорооно» бырайыак 2022 сыллаахха САССР тэриллибитэ 100 сылыгар үлэтин саҕалаабыта. Бу кэм устата өрөспүүбүлүкэ оскуолаларын 1985 сыллаахха бүтэрбиттэр 11 улууска сырыттылар.
Бырайыак кыттыылаахтара Ньурба кэрэ-бэлиэ сирдэрин көрдүлэр. К.Д. Уткин аатынан Доҕордоһуу түмэлигэр сырыттылар. «Атыы-эргиэн дьоно” диэн Өлүөхүмэтээҕи кыраайы үөрэтэр түмэл пуондатыттан 19-с үйэ бүтүүтүгэр, 20-с үйэ саҕаланыытыгар олорон ааспыт аатырбыт филантроп, атыыһыт уонна салайааччы С.П. Алексеев-Боһуут туһунан сырдатыыны сэргээн иһиттилэр. Бырайыак кыттыылаахтарын ортолоругар кини хос-хос сиэнэ Сардаана Васильевна Васильева-Алексеева баар буолан, хос-хос эһэтин туһунан эбии ситэрэн кэпсээн сэргэхситтэ.
1985 сыллаах выпускниктар араас идиэйэлэрэ үгүс, кэккэ кэрэхсэбиллээзх тэрээһиннэри ыыталлар. Ньурбалар тэтимнээх суолу уонна айантан сырдык өйдөбүллэри баҕара хааллылар. Бу туһунан К.Д.Уткин аатынан Доҕордоһуу түмэлин пресс-сулууспата улуус култуураҕа салаатын тг-ханаалыгар сырдатта.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: