Улуус дьаһалтата уонна байыаннай дьайыы бэтэрээннэрэ субуотунньуктаатылар
Уус Алдан улууһун дьаһалтата уонна байыаннай дьайыы бэтэрээннэрэ Хараҕа Төрдүгэр кэриэстэбил бэлиэтин хаарын ыраастаатылар. Бу ытык дьоммут Аҕа дойду сэриитигэр баралларыгар дойдуларын кытта бырастыылаһан, тохтоон ааспыт сирдэрэ.

Аҕа дойду сэриитигэр Уус Алдан улууһуттан 2372 киһи ыҥырыллан барбыта. Кинилэртэн 1200-тэн тахса эдэркээн буойун Ийэ дойдуларын туһугар олохторун толук уурбуттара. Тапталлаах төрөөбүт дойдуларыгар 1160-тан тахса саллаат Кыайыы аргыстаах эргиллибитэ.

Онтон бу күннэргэ байыаннай дьайыы бэтэрээннэрэ уонна улуус дьаһалтата байыаннай дьайыыга хорсун быһыыны көрдөрбүт, бойобуой доҕотторун быыһыы сылдьан сырдык тыынын толук уурбут биир дойдулаахпыт Василий Данилов пааматынньыгар тахса сырыттылар, хаарын ыраастаатылар, кэриэстээн аастылар. Салгыы Олоҥхо дьиэтигэр улуус баһылыга Василий Алексеев кыттыылаах араас кэмнэргэ байыаннай дьайыы кыттыылаахтарын, бэтэрээннэрин кытта көрсүһүү буолла.
Улуус дьаһалтатын пресс-сулууспата.
Хаартыскалар: улуус дьаһалтатын пресс-сулууспатыттан
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: