Хаҥалас улууһун Тиит Эбэ нэһилиэгэр биир дойдулаахтара Хаҥалас улууһун олохтоохторо киэн тутта ыллыыр «Хаҥаластар буолабыт» өрөгөй ырыатын мелодиятын ааптара Михаил Атласов 85 сааһын бэлиэтээтилэр.
Тэрээһин туһунан “Сарыал” култуура киинин дириэктэрэ Надежда Михайлова маннык билиһиннэрдэ:
— Михаил Атласов 60 сааһыгар бу ырыаны айбыта. Баар суох тарбахха баттанар биир дойдулаахпыт, СӨ култууратын туйгуна, мелодист, самодеятельнай композитор бар дьонун кытта бэлиэтиир суолталаах тэрээһинигэр «Сарыал» култуура киинигэр тэрээһиҥҥэ элбэх киһи муһунна. Ыалдьыттары киирии ааҥҥа буруонан арчылаан, арыылаах алаадьынан, кыынньар кымыһынан күндүлээтибит. Үөрүүлээх үбүлүөйдээх киэһэни 1-кы Дьөппөн нэһилиэгин, Тиит Эбэ сэлиэнньэтин уус-уран самодеятельноһын хорун толоруутугар “Хаҥаластар буолабыт” өрөгөй ырыатынан саҕалаатыбыт. Хаҥалас улууһун Аҕа баһылыга Олег Иринеев үбүлээр Михаил Степановичка Хаҥалас улууһун социальнай- экэнэмиичэскэй сайдыытыгар өр сыллаах өҥөтүн иһин анал Бочуоттаах бэлиэни туттарда. 1-кы Дьөппөн нэһилиэгин баһылыга Дмитрий Варламов “Сарыал” култуура киинигэр Михаил Атласов аатын иҥэрэргэ олохтоох дьокутааттар быһаарыы ылбыттарын ааҕан иһитиннэрдэ. Бу киэһэ этэр тыл, баҕа санаа бастыҥа этилиннэ. Биэчэр кэрэ түгэнэ — үбүлээр оҕолоро, сиэннэрэ, аймахтара тахсан, истиҥ иһирэх тыллары этиилэрэ, минньигэс тордунан бар дьоннорун күндүлээһиннэрэ. Ол кэннэ Михаил Степанович Атласов 85 сааһыгар аналлаах аһаҕас «Ырыа олох аргыһа» дьиэ кэргэнинэн ырыа толорооччуларын күрэҕэ үрдүк таһымҥа ыытылынна. Тэрээһиҥҥэ 9 дьиэ кэргэн кытынна. Кинилэр бары ырыа куттаах, ырыаны доҕор оҥостубут дьиэ кэргэттэринэн буолаллар. Күрэх түмүгүнэн «Гран при» (50 000 солкуобай) кылаан бириис хаһаайыннарынан Хаҥалас улууһун Өктөм сэлиэнньэтиттэн кытта кэлбит Фоминнар дьиэ кэргэннэрэ буолла.
1-кы истиэпэннээх лауреат аатын Тумул сэлиэнньэтиттэн Максимовтар дьиэ кэргэн, 2-с истиэпэннээх лауреат аатын Амматтан Матвеевтар, 3-с истиэпэннээх лауреаттарынан Булгунньахтаах сэлиэнньэтиттэн Давыдовтар буоллулар. Маны таһынан, дипломаннар, анал ааттары ылбыттар 1-кы Дьөппөн сэлиэнньэтин тэрилтэлэрэ туруорбут сыаналаах бириистэринэн наҕараадаланнылар.
Мииринэй куорат 60 саастаах олохтооҕо түөрт киһини өлөрөн сууттанна. Бу туһунан СӨ Борокуратуурата иһитиннэрэр. 2023…
Хомсомуол үгүс көлүөнэ ыччакка эдэр саастарын аргыһа буолан, сыллар аастахтарын аайы күндүтүйэн иһэр өйдөбүл. …
— Оҕом Казахстаҥҥа төлөбүрдээх үөрэххэ киирбитэ. Онно нолуок вычетын хайдах төннөрүөххэ сөбүй? Төрөппүт ыйытыытыгар Арассыыйа ФНС…
Сэтинньи 6 күнүгэр үлэ бэтэрээнэ, СӨ култууратын үтүөлээх үлэһитэ, Тыл билимин хандьыдаата, Арассыыйа Бэдэрээссийэтин Билимин…
Норуоттар сомоҕолоһууларын күнүн көрсө, сэтинньи 2 күнүгэр “Арассыыйа – мин устуоруйам” түмэлгэ “Этнография улахан дьыктааныгар”…
Быйылгы кыстыкка Мэҥэ Хаҥалас улууһун “Тарат” кэпэрэтиибэ 64 тиҥэһэни атын хаһаайыстыбалартан атыыласта. Ол курдук, Бүлүүттэн…