Улуус хамыыһыйата социальнай эбийиэккэ тутуу үлэтин хаамыытын дьүүллэстэ

Быйыл күһүн Мэҥэ Хаҥалас улууһугар Маттаҕа аҕам саастаах уонна доруобуйаларынан хааччахтаах дьон дьиэлэрэ үлэҕэ киириэхтээх.
Маныаха улуус дьаһалтата туох үлэни ыытарын туһунан Мэҥэ Хаҥалас улууһун баһылыга Дмитрий Тихонов бэйэтин телеграм-ханаалыгар маннык суруйда:
«Дойдубут Бэрэсидьиэнэ Владимир Путин олохтообут “Демография” национальнай бырайыагынан аны күһүн Мөҥүрүөн нэһилиэгэр 51 миэстэлээх аҕам саастаах уонна доруобуйаларынан хааччахтаах дьон дьиэлэрэ үлэҕэ киириэҕэ. Бүгүн улуустааҕы хамыыһыйа эбийиэккэ ыытыллар үлэ хаамыытын, улуус өттүттэн бэлэмнэнии үлэтин, үлэһиттэринэн хааччыллыы уонна кинилэр олорор сирдэринэн кэпсэттибит. Ыытыллар үлэни хонтуруолга тутан, дьоммутугар-сэргэбитигэр аныгы ирдэбилгэ толору эппиэттиир сөптөөх усулуобуйа тэрийэн бириэмэтигэр эбийиэги үлэҕэ киллэрэри хааччыйыахпыт».
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: