Соторутааҕыта Дьокуускайга 2-c №-дээх Бырабыыталыстыба дьиэтигэр А.П.Рязанскай төрөөбүтэ 150 сылыгар анаммыт “XX үйэ саҕаланыытынааҕы интеллигенция сырдатар үлэтэ уонна Арассыыйа национальнай эрэгийиэннэрин судаарыстыбаннаһын атаҕар туруутугар оруола” диэн Бүтүн Арассыыйатааҕы научнай-практическай кэмпириэнсийэ ыытыллыбыта.
Кэмпириэнсийэ сэргэх түгэнинэн “Амма улууһун тэрийбит маҥнайгы кулуба Афанасий Петрович Рязанскай (1873-1930)” диэн М.В.Алексеев кинигэтин сүрэхтэниитэ буолбута.
Бу тэрээһин кэнниттэн “Саха сирэ” саайпытыгар Амма маҥнайгы кулубата Афанасий Рязанскай туһунан бэртээхэй ахтыыны Амма улууһун түмэлэ ыытта. Ону ааҕааччыларбытыгар билиһиннэрэбит:
Улуус маҥнайгы кулубата
Амма улууһун I-кы Скараульскай нэһилиэгэ (Соморсун) олус баай историялаах, дьикти дьон олорон ааспыт түөлбэлэрдээх. Гражданскай сэрии 1927-28 сс. “Конфедералистар” хамсааһыннара Соморсун нэһилиэгин бастыҥ дьоннорун, талыы генофондун суорума суоллаабыттара. Ол курдук, элбэх киһи ытылларга ууруллубута. Сорохтор Япониянан, Американан үрүө-тараа ыһыллыбыттара.
Олортон Соморсун нэһилиэгэр биир бастакы интеллигеннэриттэн биирдэстэринэн Амма улуһуун маҥнайгы салайааччытын Афанасий Петрович Рязанскайы ааттыахха сөп. Афанасий Петрович үс былаас кэмигэр олох олорон ааһарга күһэллибитэ. Ол курдук, кини 1873 с. Соморсун нэһилиэгэр төрөөбүтэ. Күн бүгүн киһи буолан төрөөбүт бэлиэтэ Элэһин дэриэбинэтиттэн 3 биэрэстэ тэйиччи сытар, бэрт көнө, ыраас сирдээх-уоттаах “Эрэһээн алааһа” диэн өйдөбүнньүк миэстэ хаалан турар.
Афанасий Петрович саха омук үөрэхтээхтэриттэн биирдэстэрэ этэ, элбэх кинигэ баайдааҕын туһунан Элэһин крыдьаҕастара кэпсииллэрэ. Олору отутус сыллардаахха хас да оҕус сыарҕатынан тиэйэн киллэрэн оскуолаҕа туттубуттар. Оҕолор строкалар быыстарыгар суруйан тэтэрээт оҥостубуттар. Олорго Ч.Дарвин, К.Маркс, классиктар айымньылара, немец тылынан бэчээттэммит сурунааллар кытта баалар үһү.
Афанасий Петрович төрөөбүт-үөскээбит тапталлаах Амматыгар үтүөтэ диэн аммалар бэйэбитин бэйэбит бас билинэр, салайынар буоларбытын ситиспитэ буолбута. Ол курдук, кини туруорсуутунан, дьүккүөрүнэн 1912 с. Амма Боотурускай улууһуттан букатынаахтык арахсан, туспа улуус буолан иилээбит-саҕалаабыт үлэтэ түмүктэммитэ. Улуус маҥнайгы кулубатынан Афанасий Петрович Рязанскайы норуот махтанан туран быыбардаабыта. Кини бу кэмҥэ ыраахтааҕы былааһын сылларыгар 1912-1917 сс. Саха сирин оччотооҕу салалтатыгар ыйааһыннаах буолан Амма интэриэһин ситиһиилээхтик туруорсар биир баар суох киһибит буолар.
Онтон 1917 сыллаахха революция да кэнниттэн Афанасий Петрович олоххо тардыһар позициятын ыһыктыбатах.
Элэһиннэр кырдьаҕастара Афанасий Петровиһы байа-тайа сатааһыҥҥа дьулуспатах киһинэн ааҕаллара. Үөрэҕи-билиини эккирэтиспит, куруук кинигэ, хаһыат тутуурдаах сылдьар киһи этэ дииллэрэ. Онтон сир түҥэтигин курдук олус эппиэттээх үлэни сүрүннүүргэ өрөспүүбүлүкэ эдэр салалтата Афанасий Петровиһы мээнэҕэ ыҥырбатах буолуохтаах. Бэйэтин кэмигэр сайдыылаах, прогрессивнай өйдөөх-санаалаах интеллигенция биир бастыҥ бэрэстэбиитэлин быһыытынан көрдөхтөрө. Ол туһунан “Автономная Якутия” хаһыат 1925 с. алтынньы 22 к бэчээттэммиттэн көрөбүт: “Хочу остановиться на положении 1 Амгинского улуса. Гражданская война вырвала из рядов передовой улусной интеллигенции немало жертв. Работников в улусе совсем нет. Несмотря на все это, центр ныне отозвал Рязанского (в наркомзем), Иванова (в совпартшколу).
В исполкоме остался один старый “суруксут” Карманов, тяготящийся своим положением”.
Онтон Афанасий Петрович улуус социальнай сайдыытыгар үлэлэспит хайысхатыгар сыһыаннаах маннык түбэлтэ баар эбит: “В 1917 г. , в село Сулгачча в 1 Амгинском улусе, по инициативе гр. III Чакырского наслега А.П.Рязанского был основан фельдшерский пункт, здания пункта не достроено. Летом 1921 г. местными властями были предприняты меры к достройке, но за неимением средств в улусе и у тогдашнего Губздрава, работа прекратилась. Видимо и в настоящее время никто не думает достроить медпункт” (“АЯ” №31, 23 июня 1923 г.).
Онтон гражданскай сэрии өрө-таҥнары булкуйар. Хас биирдии киһи тус бэйэтин олоҕор кутталлаах да түгэннэргэ Афанасий Петрович бэйэтин олоххо көрүүтүн мөлтөппөтөх эбит. Холобура, “недавно возвративщийся из Охотска гр-н 1 Амгинского улуса Рязанский, бывший голова, избран депутатом на улусный съезд от III Чакырского нассовета. На съезде было оглашено его письмо в котором Рязанский, себя считает идейным сторонником Толстовского толка. Приветствуя съезд, Рязанский призывает его к работе по восстановлению хозяйства, в пострадавшего от террора сов власти к компартии, указыая, что власть сознала свою ошибку и призвала на работу по автономному строительсту, почему они и явились из Охотска”, — диэн эмиэ “Автономная Якути” хаһыакка бэчээттэмит.
Дьэ, ити курдук, бэрт кылгас түгэннэртэн А.П.Рязанскай дьылҕа-хаан тосхойуутунан үлэлээн ааспыт олоҕун билсэн аастыбыт. Кини 1929 с. сэтинньи 9 күнүгэр тутуллан хаайыллыбыта.
Михаил Алексеев, Амма.
(«Амма олоҕо» хаһыаттан)
«Рослесхоз» официальнай саайтыгар ойуур култуураларын олордуутун сезонун түмүгэ таҕыста. Саха сирэ дойду бары эрэгийиэннэрин ортотугар…
Хаҥалас Мохсоҕоллооҕор 450 миэстэлээх оскуола эбии дьиэтэ салгыы тутуллар. СӨ вице-премьера Дмитрий Садовников улэ хаамытын…
Саха сирин үгүс оройуоннарынан салгын температурата нуорматтан ортотунан 3-тэн 10 кыраадыска тиийэ үрдүк буолара сабаҕаланар.…
Бу иннинэ ЛДПР РФ Үлэ кодексыгар уларытыылары киллэрэри туруорсубута. Оччотугар ахсынньы 31 күнэ үлэлээбэт бырааһынньык…
Ахсынньы 11 күнүгэр Кэбээйи улууһун Мукучутааҕы "Дэриэбинэчээн" норуот тыйаатыра Кэбээйи нэһилиэгэр норуодунай аатын көмүскүү икки…
Бүлүү оройуонугар полицияҕа олохтоох киһи дьиэтин иһиттэн маллары уорбуттарын туһунан сайабылыанньа суруйбут. Кини дьиэтиттэн 32…