Улуус балыыһалара мэдиссиинэ аныгы тэриллэринэн хааччыллаллар

Share

“Доруобуйа харыстабыла” национальнай бырайыак иһинэн доруобуйа харыстабылын бастакы сүһүөх звенотун модернизациялааһын бырагырааматын көмөтүнэн, Эдьигээн улууһун оройуоннааҕы киин балыыһата аныгы тэриллэринэн хааччылынна.

Ол эбэтэр О.Г.Захарова аатынан балыыһа  «РуСкан 60» ультразвуковой диагностика систиэмэтэ, «WATO» норкуос-тыынар аппараат уонна “Парус” диэн көһө сылдьар рентген-аппараат курдук саҥа аныгы тэриллэрдээх буолла.

“Бу нэдиэлэттэн ыла саҥа тэриллэри хайыы үйэ туһанан, ыарыыны быһааран эмтээһини саҕалаатыбыт. Бу үөрүүлээх түгэн Эдьигээн улууһун олохтоохторугар оҥоһуллар мэдиссиинэ көмөтө табыгастаах буоларыгар  уонна хаачыстыбан  үрдэтиигэ  дьоһуннаах хардыынан буолар”, — диэн оройуоннааҕы киин балыыһа кылаабынай бырааһа Владимир Татаринов иһитиннэрдэ.

Манна даҕатан эттэххэ, соторутааҕыта  “Парус” диэн көһө сылдьар рентген-аппараат Уус Алдан улууһун оройуоннааҕы киин балыыһатыгар эмиэ баар буолбута. «Бу аппараат көмөтүнэн ыарыһах балаататыгар киирэн уонна эпэрээссийэ кэмигэр түргэнник чинчийиини ыытар кыахтаммыппытыттан олус үөрэбит. Ити  быраастар үлэлэрин улаханнык чэпчэтэр уонна сүрүнэ диэн, сытар ыарыһахтарга табыгастаах. Рентген-аппараат устубутун бырааска Wi-Fi эбэтэр  флешканан тириэрдиэххэ сөп», — диэн Уус Алдан улууһун Оройуоннааҕы киин балыыһатын  кылаабынай бырааһа Анна Петрова сонунун үллэстибитэ.

What’s your Reaction?
+1
0
+1
0
+1
0
+1
1
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Уус-Ньараҕа сылааһынан хааччыйыы тиһигин саҥардыахтара

Быйыл балаҕан ыйын 3-6 күннэригэр диэри Владивосток куоракка Уһук Илиҥҥи экэнэмиичэскэй пуорум буолан ааспыта. Онно…

5 минут ago
  • Сонуннар
  • Үөрэх

Бүтүн Арассыыйатааҕы «Родители онлайн» пуорумҥа кытынныбыт

Бүтүн Арассыыйатааҕы "Родители онлайн" пуорумҥа кыттыы -- улахан чиэс... Өссө төрөппүт быһыытынан! Оҕону - төрөппүт…

35 минут ago
  • Интэриэһинэй
  • Сонуннар

Тымныыттан, дьаҥтан хайдах харыстанабыт?

Тыйыс тымныылаах, хахсаат тыаллаах Саха сиригэр ордук кыстыкка киирии үгүс кыһалҕалаах буолар. Тыал, сиик, онтон…

60 минут ago
  • Бэрээдэк
  • Сонуннар

Ленскэйгэ оһоҕунан оттуллар дьиэ умайда, Уус Маайаҕа оҕо массыынаҕа киирэн биэрдэ

Дьуһуурунай борокуруор иһитиннэрбитинэн, ааспыт суукка устата эрэгийиэҥҥэ буруйу оҥоруу биэс түгэнэ бэлиэтэммит. Бу дьыалаларынан бэрэбиэркэлэр…

1 час ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Айылҕаттан иэйии ылар тыа сирин худуоһунньуга

Айылҕаттан айдарыылаах айар куттаах худуоһунньуктар тыа сиригэр үгүстэр. Биир оннук, нууччалыы эттэххэ, “самородок” худуоһунньугунан Хаҥалас…

1 час ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Степан Аржаков туһунан дойдубут тэбэр сүрэҕэр…

Быйыл Саха сирин үрдүнэн биллиилээх судаарыстыбаннай уонна бэлитиичэскэй диэйэтэл Степан Аржаков төрөөбүтэ 125 сылын бэлиэтээтибит.…

2 часа ago