Атырдьах ыйыгар Ньурба улууһугар Улуустар икки ардыларынааҕы диализ киинэ аһыллыбыта. Биллэн турар, олус наадалаах уонна туһалаах киин өрөспүүбүлүкэ улууһугар аһыллыыта элбэх ыарыһахха эрэли сахпыта саарбаҕа суох.
Чуолаан Ньурба улууһугар Диализ (хааны ыраастааһын) киинин арыйыы боппуруоһа, этэргэ дылы, биир күнүнэн быһаарыллыбатаҕа. Тэрээһин үлэтэ өссө 2021 сылтан саҕаламмыта. Ити сыл бүөр ыарыылаах уонна уорганнарын көһөртөрбүт дьон бырааптарын уонна интэриэстэрин көмүскүүр «Тулуур» диэн кэмиэрчэскэйэ суох уопсастыбаны тэринэн, устаап ылынан күүскэ үлэлииргэ быһаарыммыттара. Ыарыһахтар маннык уопсастыбаны тэрийэргэ бүөр ыарыһахтары кытары үлэлээбит уопуттаах Марфа Бурцеваны көрдөспүттэрэ. «Төгүрүк остуоллары», көрсүһүүлэри тэрийэн, тэрээһин үлэтин былаанын торумнаабыттара.
Марфа Николаевна ыарыһаҕы эмтиир эрэ буолбакка, кинилэр кыһалҕаларын үчүгэйдик билэр буолан, «НЕФРО-ЛИГА» бэрэссэдээтэлэ Ольга Мельчиновалыын, “Тулуур” тэрилтэ бэрэссэдээтэлэ Хотуя Лавровалыын оччолорго СӨ Судаарыстыбаннай мунньаҕын (Ил Түмэн) бэрэссэдээтэлин солбуйааччы Антонина Григорьеваҕа сүбэлэһэ киирбиттэрэ. Антонина Афанасьевна: «Ньурбаҕа Диализ киинин арыйыаххытын сөп дуо?» диэн ыйыппытыгар Марфа Бурцева: «Кыаллыан сөп. Ол эрээри, муниципальнай тэриллии дьаһалтата, улуус баһылыга өйөөтөхтөрүнэ, дьиэ-уот биэрдэхтэринэ, өрөмүөҥҥэ көмөлөстөхтөрүнэ, биһиги мэдиссиинэ тэриллэрбитин аҕаламмыт үлэлэхпитин сөп», -– диэн быһаарбыта.
Марфа Николаевна СӨ Доруобуйа харыстабылын министиэристибэтигэр, Дьокуускайга бүөр бырааһын кэбиниэтигэр уонна Аныгы нефрология киинигэр үлэлээбит уопуттаах буолан, үтүө дьыала табылларыгар эрэллээҕэ.
Марфа Бурцева:
-2000-с сыллар саҥаларыгар өрөспүүбүлүкэбитигэр бүөр ыарыһахтара хааннарын ыраастаталларыгар миэстэ тиийбэт буоллаҕына, кэнники сылларга дьиэҕэ олорон диализтаныыны киллэрэн, баар кыһалҕаны чэпчэттибит, ол эбэтэр өрөспүүбүлүкэҕэ ирдэниллэр миэстэнэн хааччылынныбыт. Өссө биир төрүөтүнэн судаарыстыбаннай-чааһынай бииргэ үлэлээһин диэн бас билии көрүҥэ киллэриллэн, Диализ кииннэрэ тэриллибиттэрэ буолар. Манна барытыгар мэдиссиинэ булгуччулаах страховкатын көмөтүнэн хааны ыраастаныы өҥөтө босхо оҥоһуллар.
Ол гынан баран, Диализ улахан кииннэрэ (чааһынайдар) бары өрөспүүбүлүкэбит киин куоратыгар эрэ бааллара. Ону таһынан Мэдиссиинэ национальнай киинигэр, Дьокуускайдааҕы 2 нүөмэрдээх килиниичэскэй балыыһаҕа, Жатайга аҕыйах миэстэлээх отделениелар үлэлииллэр. Мииринэй уонна Нерюнгри Оройуоннааҕы киин балыыһатыгар аҕыйах эрэ ыарыһах эмтэнэр кыахтааҕа. Бүлүү бөлөх уонна Илин эҥэр улуустарга диализка сыһыаннаах ханнык да эмтиир тэрилтэ эмиэ суоҕа. Хаан ыраастатыытыгар наадыйар ыарыһахтартан Ньурбаны, Сунтаары уонна Үөһээ Бүлүүнү холбоон, 70-тан тахса киһи Дьокуускайга эмтэнэрэ.
Бүөр ыарыһахтар, хааны ыраастатыы көмөтүнэн эмтэнэргэ быһаарыллыбыт дьон бары Дьокуускайга көһөн кэлиэхтэрин наада буолара. Санаан көрүҥ, бу киһи дьиэтин-уотун, дьиэ кэргэнин, үлэтин хаалларан туран, киин куоракка эрэ эмтэнэр кыахтанарыгар төһөлөөх социальнай стресскэ киирэрэ буолуой? -– диэн Марфа Николаевна кыһалҕаны төрдүттэн быһаарарга үлэни хайдах саҕалаабыттарын кэпсээтэ.
2021 сылтан саҕалаабыт дьыалалара билигин олоххо дьиҥ чахчы киллэриллэн, Ньурба улууһугар Диализ киинэ үлэлииригэр Марфа Николаевна улахан махталын улуус баһылыга Алексей Иннокентьевка этэр, норуотун туһугар олус кыһаллар баһылык буоларын көрөн сөхпүтүн-махтайбытын билинэр. Алексей Михайлович эрэннэрбитин курдук, үбүн-харчытын көрөн, урут араас тэрилтэ үлэлээн ааспыт дьиэтигэр санитарнай-эпидемиологическай ирдэбили тутуһан, өрөмүөн үлэтин күүскэ ыытан, 320 кв. миэтэрэ иэннээх Улуустар икки ардыларынааҕы диализ киинин дьиэтин бэлэм оҥорбута.
Саҥа киин ыарыһахтар хааннарын ыраастаталларыгар сөп түбэһэр, санитарнай-эпедимиологическай ирдэбилгэ эппиэттиир икки улахан саалалалаах, сыаналаах аппаратуралары туруордулар. Манна сыһыаран эттэххэ, Марфа Николаевна ырыынагы эрдэттэн үөрэтэн, саансыйаҕа түбэспэт аппаратуралары Москваттан сакаастаан аҕалтарбыта. Билигин олунньуга диэри тиийэр ороскуоттуур матырыйаалларынан толору хаачыллан олороллор. Киин мэдиссиинэ тэрилтэлэрин реестригэр киллэриллибитэ да элбэҕи этэр.
Саҥа Киин олохтоох дьонтон талыллан, эбии үөрэҕи ааспыт исписэлиистэринэн хааччылынна. Марфа Бурцева астына бэлиэтииринэн, маннык Киини арыйаннар, кинилэр улууска үлэ миэстэтин таһаардылар, эмтэнээччилэр ыарыыларын чэпчэттилэр уонна социальнай кыһалҕалары быһаардылар.
Ону таһынан бүөр бырааһа идэлээх быраас кэбиниэтэ үлэлиир. Онон ыарыһахтар миэстэтигэр доруобуйаларын көрдөрүнэр, туһааннаах сүбэни-аманы ылар кыахтаннылар. Бүөр бырааһыгар барыта 80-ча киһи көрдөрүннэ. Кинилэртэн бүөрдэрин үлэтэ мөлтөөбүт 3-4 киһини Дьокуускайга сиһилии чинчийиигэ ыыттылар. Ити курдук, Сунтаар, Үөһээ Бүлүү уонна Ньурба улуустарыгар ыарыһахтары диализка тириэрдибэккэ эрэ бүөр ыарыытын эмтиэхтэрин сөп. Хааны ыраастатыы наадата быһаарылыннаҕына даҕаны, ыарыһах, урукку курдук, киин куоракка бара сатаабакка, бэйэтин дойдутугар, миэстэтигэр эмтэнэригэр табыгастаах буолла. «Бэйэ дьиэтин эркинэ эмиэ көмөлөһөр» диэн этии маныаха оруобуна сөп түбэһэр.
Балыыһа үс улуус ыарыһахтарын наадаларын хааччыйар туһугар 10 ускуустубаннай бүөрү туруорарга сөптөөх иэннээх (биир ускуустубуннай бүөргэ 14 кв.м), 60 киһини эмтиир кыамталаах.
Марфа Бурцева:
-Сорох ыарыһахтар «диализ» диэн тылтан бастаан олус куттаналлар, куоракка баран эмтэнэҕин диэтэххэ, кэннилэринэн чугуйаллар.
Билигин атын улуустар ньурбаларга ымсыыраллар. Ол эрэн, улууска барытыгар Диализ киинин арыйар кыахпыт суох. Тоҕо диэтэххэ, эмтиир тэриллэр, ороскуоттанар матырыйааллар ыарахан сыаналаахтар, ону таһынан анал үлэһиттэр, нефрологтар наадалар. Арай, атын улуустар Ньурба улууһун баһылыгын холобурун батыһан, күүскэ ылыстахтарына кыаллыан сөп буоллаҕа.
Ньурба улууһун дьаһалтатын көмөтүнэн Киини арыйан баран, аны үлэбит үтүө түмүктээх буоларын туһугар үлэлиэхтээхпит. Билигин уонча үлэһиттээхпит, биир симиэнэнэн үлэлииллэр. Ыарыһах элбээтэҕинэ, үс симиэнэнэн үлэлиэхтэрин наада. Билигин Сунтаар, Ньурба улуустарын олохтоохторо эмтэнэ сылдьаллар.
ххх
Ньурба улууһугар Улуустар икки ардыларынааҕы Диализ киинигэр Ньурба, Сунтаар, Үөһээ Бүлүү олохтоохторо эрэ буолбакка, чугастааҕы улуустан, бэл, Дьокуускайтан да тиийэн эмтэниэхтэрин сөп. Холобур, Бүлүү, Кэбээйи улуустарын киһитэ Дьокуускайга барарынааҕар Ньурба улууһа киниэхэ бу сыттаҕа дии. Эмтэнээччи Дьокуускай куоракка дьиэ наймылаһыы, барыы-кэлии, ас-үөл уо.д.а. ороскуот уопсай суумата улуус киинигэр арыый да намыһах буоларын учуоттаан туран, итинник быһаарыныан эмиэ сөп. Ньурбаҕа аһыллыбыт саҥа Киин аппаратуралара, ороскуоттанар матырыйааллара киин куорат балыыһаларыттан туох да атына суоҕун идэлээх дьон бигэргэтэллэр.
Манна сыһыаран эттэххэ, Дьокуускай куоракка Лермонтов аатынан уулусса 83 нүөмэрдээх дьиэтигэр “Нефроклиника” ХЭО аһыллан үлэтин саҕалаата. Саҥа дьылга диэри аахсыйа оҥороннор, улахан киһи уонна оҕо нефрологар кэлэн босхо көрдүрүнүөххэ сөп.
Госдуума элбэх оҕолоох ыалларга юридическай көмө босхо буолуохтааҕын туһунан сокуон бырайыагын бастакы ааҕыыга ылынна. Көмөнү үс…
А.С.Пушкин аатынан Нуучча тылын судаарыстыбаннай института 2024 сыл тылынан "Пушкин" диэн тылы ааттаата. Бу туһунан…
Бүгүн «Дьиэҕэ төннүү» сэминээргэ анал байыаннай дьайыы кыттыылаахтарын уонна кинилэр дьиэ кэргэттэрин чилиэннэрин кытта сөптөөх…
РФ Бэрэсидьиэнэ Владимир Путин норуокка туһаайан этиитигэр бастакытын "Орешник" диэн саҥа комплекс туһунан иһитиннэрдэ. Кини…
2024 сылга "Култуура" национальнай бырайыагынан 5 муниципальнай модельнай бибилэтиэкэлэри киллэрдилэр. Бу иннинэ 35 маннык бибилэтиэкэни…
Cахалыы тыллаах саамай кырдьаҕас "Чолбон" сурунаал сэтинньитээҕи нүөмэригэр кэрэхсээҥ: Саха сирин суруйааччыларын сойууһун 90 сылын…