Улуустан элбэх буолан кэлэн харахтарын эпэрээссийэлэтэллэр

Share

Офтальмология өрөспүүбүлүкэтээҕи балыыһата улуустартан кэлбит ыарыһахтар  катаракталарын суһаллык эмтиир. Улуустан кэлбит дьон биир күн иһигэр тустаах көмөнү ылаллар. Онуоха өссө табыгастаах буоларын туһугар эпэрээссийэ кэнниттэн сарсыныгар Дьокуускайтан баралларыгар босхо айанныыллара хааччыллар.

Чуолаан, бу нэдиэлэҕэ Мэҥэ Хаҥалас улууһун 29 олохтооҕо балыыһаҕа киирэн хараҕын эпэрээссийэлэттэ. Онтон тохсунньу 26 күнүгэр, нэдиэлэ саҥатыгар атын бөлөх кэлэрин күүтэллэр. Эпэрээссийэҕэ кэлээччилэри улуустааҕы киин балыыһа бэлэмниир. Онтон айан боппуруоһугар улуус дьаһалтата көмөлөһөн, массыына биэрэр.

РФ бэрэсидьиэнэ Владимир Путин көҕүлээбит “Уһун уонна көхтөөх олох” национальнай бырайыак чэрчитинэн,  эмтэнээччилэр туһааннаах көмөнү кылгас кэм иһигэр ылаллар.

Recent Posts

  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Аҕам саастаахтарга ураты болҕомто ууруллар

Суоттуга Хоноҕордооҕу "Түһүлгэ" сынньалаҥ киинигэр нэһилиэкпит аҕам саастаахтарыгар анаан Саҥа дьыллааҕы ураты тэрээһин буолла.  …

1 минута ago
  • Быһылаан
  • Бэрээдэк
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Ыалдьытын ойоҕоһун тоһуппут

2 №-дээх полиция отделын дьуһуурунай чааһыгар балыыһаттан ойоҕоһугар тостуулаах киһи киирбитин туһунан иһитиннэрии киирбит. Холуобунай…

29 минут ago
  • Сонуннар
  • Сүрүн

Байыаннай дьайыы кыттыылаахтарын үлэнэн хааччыйаллар

Дьарыктаах буолуу сулууспатын көмөтүнэн ааспыт сылга өрөспүүбүлүкэҕэ  байыаннай эпэрээссийэ 121 кыттыылааҕын үлэҕэ ыллылар. 61 киһи анал…

51 минута ago
  • Култуура
  • Сонуннар

Орто Халыма талба талааннааҕа Айсура дьоро киэһэтэ

Быйыл 140 сылын туолар В.Г. Белинскэй аатынан кыраайы үөрэтэр ааҕар дьиэҕэ  "Айар кут" хоһоонньуттарын уонна…

1 час ago
  • Быһылаан
  • Бэрээдэк
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Муусуканы улаханнык холбоон…

Дьокуускайга 4 №-дээх полиция отделын дьуһуурунай чааһыгар эр киһи подъезка киниэхэ ыала саба түспүтүн туһунан…

2 часа ago
  • Итэҕэл
  • Сонуннар

Кыыс оҕо, дьахтар харысхалын туомнарыттан

Саха ыалын сиэрэ-туома. Кыыс оҕо, дьахтар харысхалын туомнарыттан салгыы таһаарабыт. Маны көрүҥ. Таһырдьа оонньуу сылдьан,…

2 часа ago